Николай Чукров: “Олоххор суол хаалларыахтааххын”

13.09.2019
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Орто Халыма куоратын баһылыгын талар быыбарга улуус баһылыгын олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы боппуруостарыгар солбуйааччынан үлэлээбит Николай Чукров 610 куолаһы ылан (58,21 бырыһыан), кыайыылаах таҕыста.
Кини “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаттан туран, баһаарынай чаас харабылларын начаалынньыга Сергей Галаевтыын, ЛДПР бэрэстэбиитэлэ, урбаанньыт Александр Новосельцевтыын, “Орто Халыма улууһа” МТ бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата Лена Соловьевалыын кииристэ. Санатан эттэххэ, Орто Халыма куоратын баһылыгын дуоһунаһыгар ыытыллыбыт праймеризка Николай Чукров Николай Тарасовы (104), Петр Сибиряковы (83), Сергей Галаевы (58) кытары кыттан, саамай элбэх куолаһы (146) ылан, инники тахсыбыта.

edersaas.ru

Халыма – кини төрүт түөлбэтэ

Николай Чукров аҕатын өттүнэн эбээтэ Хаҥалас, оттон эһээтэ Халыма улууһуттан төрүттээхтэр.
Ол да иһин буолуо, дьонугар-сэргэтигэр чулуу тустуугунан биллибит, араас салайар үлэҕэ бэйэтин кыаҕын тургуппут сиэннэрэ Николай Чукров икки сыллааҕыта Орто Халымаҕа үлэлии барбыта. Куоракка 27 сыл олорбут киһиэхэ хотугу дойдуга барыы биир сүрүн төрүөтүнэн өбүгэлэрин сиригэр туох эрэ туһалааҕы оҥоруу, оҕолорун төрүттэрин дойдутун кытары ситимнээһин этэ. Икки сыллааҕыта өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын дойдутугар тардыһа сылдьар кэмигэр, Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Слепцов Халымаҕа үлэлии ыҥырбытыгар, тута сөбүлэспитэ уонна дьиэ кэргэнин көһөрөн илдьэ барбыта.

33 сааһыгар – бүтэһик күрэхтэһии

Николай Чукров:
Мин билигин 41 саастаахпын. Биллэрин курдук, бу саастарыгар тиийбит дьон спордунан утумнаахтык дьарыктанан бүтэллэр. Физкультуранан дьарыктаныы уонна улахан спорт диэн баар. Физкультуранан киһи биэнсийэҕэ да тахсан баран дьарыктанар. Оттон улахан спорка, быһа барыллаан, 30 сааска эрэ диэри сылдьыахха сөп. Күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ барар-кэлэр ыарахана эмиэ төрүөт буолар.
15 саастаахпар спорт оскуолатыгар киирэн, улахан спорка сыстан баран, 23 сааспыттан номнуо сбордарга, күрэхтэһиилэргэ сылдьарбын тохтоппутум. Ол эбэтэр 23 сааспар улахан спортан барарга быһаарыммытым. 8 сыл курдук улахан спорка сылдьыбыт кэммэр аан дойду отучча сиригэр тустубутум.
33 сааспар диэри өрөспүүбүлүкэбэр хапсаҕайга тустубутум (улахан спорка киирбэккэ эрэ). Хапсаҕайга бүтэһик күрэхтэһиим эмиэ 33 сааспар этэ.
Үлэлии-үлэлии, үрдүк үөрэххэ үөрэммитим.

Спорт – улахан олоххо айан

Оҕо эрдэхпиттэн спортсмен буолан төрөөбөтөх буоллаҕым. Сүрүн иитиини эһээм Николай Захарович биэрбитэ. Кини спордунан дьарыктамматаҕа, олоҕун тухары холкуоска, сопхуоска үлэлээбитэ, үрдүкү сэбиэт дьокутаата буола сылдьыбыта. Биэнсийэҕэ тахсан баран, егеринэн үлэлээбитэ. “Киһи үөрэҕи ылыахтаах, дьоһуннаах үлэлээх буолуохтаах” диэн өйдөбүлү оҕо эрдэхпиттэн иҥэрбитэ, спордунан дьарыктанарбын соччо сэҥээрбэт этэ. Тыаҕа балыгынан, булдунан иитиллэн олорбуппут уонна бэйэтэ, айылҕаҕа чугас буолан, мин охотовед идэтин талыахпын баҕарара. Эһэм олус сайдыылаах, бэйэтин кэмигэр элбэҕи билбит-көрбүт киһи этэ, —— диэн Николай Чукров оҕо сааһын истиҥник ахтар.
Кырачаан Николай, Зырянка оскуолатыгар үөрэнэ кэлэн баран, «Соҕуруу дойдуга баар буоллум дуу?» диэн улаханнык соһуйбутун сэһэргиир. Ол соһуйуута оруннаах да курдук, бу оскуолаҕа бары соҕуруу куораттартан кэлбит учууталлар үлэлииллэрэ. Нууччалыы сатаан саҥарбат Коля Чукров кэлбитигэр улаханнык соһуйан турардаахтар.
Эһээтин аата сүгэ сылдьар Николай Чукров спордунан дьарыктанаары, Уус Алдан улууһугар кэлбитэ. Ханнык кылааска үөрэнэр баҕалааҕын ыйыппыттарыгар, спортсменнар үөрэнэр “А” кылаастара баарын, онно физкультураттан атын биридимиэти улаханнык ирдээбэттэрин сэрэппиттэрин үрдүнэн, алгебраны сөбүлүүр буолан, физиканы, математиканы дириҥэтэн үөрэтэр кылааһы талбыта. Манна кини билиитин тургутан көрөн баран ылбыттара. Онуоха Николай Зырянка оскуолатыгар киниэхэ дьиҥнээх билиини биэрбит уонна ирдээбит сэбиэскэй кэм учууталларыгар олус махтана санаабытын умнубат.
Үөрэххэ тардыһыылаах этим, оттон спорду, кырдьыгынан эттэххэ, улахан олоххо айан, “олохпор путевка” курдук ылынарым. Спордунан тугу эрэ ситиһиэххэ сөп, холобур, миигин спорт эйгэтигэр дьон-сэргэ биллэҕинэ, кэлин олоҕум суолун устун айанныырбар туһалаах буолуо дии саныырым. 23 сааспар спортан барарга быһаарыммыппар, тириэньэрим Иван Сивцев миигин мөхпүтэ. Саатар, 30 сааһыгар диэри тустуо дии санаабыта быһыылааҕа. Уус Алдантан төрүттээх Иван Николаевич мин олохпор көмөлөспүтэ элбэх: дьиэлэнэрбэр, массыыналанарбар, үөрэххэ киирэн, ситиһиилээхтик бүтэрэрбэр көмөтө, сүбэтэ тугунан да кэмнэммэт. Этэргэ дылы, эр киһиэхэ туох наадатын барытын биэрбитэ. Тустар кэммэр спонсор көрдөөһүнүгэр ханнык да кыһалҕаны көрсүбэтэҕим, барытын кини ситиһэрэ. Тустууга ииппит-такайбыт ытыктыыр тириэньэрим эрэлин, хомойуох иһин, салгыы толорбот дьылҕаны таларбын биллэрбин да, эрдэ үөрэнэн идэ ылбатахпына, олохтон хаалыам дии саныырым. Спордунан дьарыктанан, салгыы тириэньэринэн үлэлии хаалар сорук миэхэ хаһан да турбатаҕа, —— диэн кэпсиир бүгүҥҥү сэһэргэһээччим.

Үөрэҕи батыһыы

Кырдьыга да, бар дьонугар чаҕылхай тустуугунан биллибит, сахатын норуотун киэҥ сиринэн ааттаппыт кэскиллээх спортсмен Николай Чукров улахан спортан барбытыгар соһуйбут да, хомойбут да дьон элбэҕэ. Бэл, Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэххэ киирээри кэлбитигэр, докумуон тутар методист дьахтар ааттаах-суоллаах спортсмены көрөн баран, физкультурнайга барарыгар сүбэлээбит.
“Мээнэ-мээнэ ыйыт да ыйыт буоларым иһин, миигин оруоһу маһы ортотунан тыллаах-өстөөх киһи курдук көрбүтэ, сөбүлээбэтэҕэ быһыылааҕа. Ардыгар спортсменнарга итинник сыһыан баар буолар дии. Онтон үөрэхпин бүтэрэрбэр, ол методиһым хайгыы-хайгыы, илиитин биэрбитэ. Онон бэйэм баҕаран туран, үтүө суобастаахтык үөрэнэрбин дакаастаабытым, бэйэм кыахпын көрдөрбүтүм”, — диэн Николай дьоһуннаах үлэһит киһи буоларга эрдэттэн бэлэмнэммитин, сыал-сорук туруоруммутун, спортан бэлиитикэҕэ ылла да барбатаҕын туһунан кэпсиир.

Улахан спорка “киһи да, кии да” буолуохха сөп

Киһи оҕо эрдэҕиттэн иитиллэр. Иитиллии уонна иитии диэн икки өйдөбүл баар. Сааны иитэллэр уонна киһини иитэллэр. Сааны иитэллэр, ону ханнык эрэ сааскар кэлэн ытаҕын. Тустуу эйгэтигэр “бу киһи саанан ытыахтаах, бэйэтин көрдөрүөхтээх” диэн өйдөбүл баарын билэллэр. Онон эһээм, ийэм, тренерим, аҕам ииппиттэрэ, баҕар, билигин кэлэн ыта сылдьара буолуо дии саныыбын. Ким да билбэт, баҕар, бу эн чыпчаалыҥ буолуо, баҕар, саҥа саҕалаан эрэр карьераҥ буолуо. Олох эйиэхэ тугу бэлэмниирин хантан билиэххиний? Ол иһин, киһи элбэҕи ситистим эбэтэр тугу да ситиспэтим диэн сананыа суохтаах. Киһи бэйэтэ сыаллаах-соруктаах буолуохтаах.
“Спорт миигин маннык киһи оҥордо” диир кыаҕым эмиэ суох. Көрө-билэ сырыттахха, спорт сорох дьону тоһутар, сорохтор олохторугар табыллыбаттар. Тоҕо диэтэххэ, спортсмен наар кыайа-хото сылдьыбат, хотторуу хомолтотун эмиэ билэр, онон уйулҕатыгар улахан охсууну ылар. Наар стресскэ сылдьаҕын, күрэхтэһиилэргэ бараргар ардыгар сэриигэ баран эрэр курдук сананан да ылаҕын. Ол эрэн, күрэхтэһиилэргэ эйигин үөҕэ, абааһы көрө сылдьыбыт кавказ, нуучча дьонуҥ кэлин эйигин кытта эҕэрдэлэһэр, эйэргэһэр дьон буолаллар. Онон, биһиги спорстменнарбытыгар уйулҕа өттүгэр үлэ эмиэ наада.

Өбүгэлэрин өтөхтөрүгэр төннүү

Николай Захарович оҕо сааһа ааспыт Халыматыгар куруук эргиллэ турбута. Уоппускатын ылла да, соҕуруу эбэтэр омук дойдуларыгар сынньанар туһунан санаабакка, Орто Халымаҕа бултуу-алтыы бара турара. Дьон дьиибэргээн ыйыттаҕына: “… Соҕуруу сирдэргэ соһуйарым туох да суох, онно баран пляжка сытыы сынньалаҥ буолбатах. Ол кэриэтэ хоту баран, ыраас-чэбдик салгынынан тыынан, бултаан-алтаан, сибиэһэй аһылыгынан аһаан сылдьыы – ол буолар дьиҥнээх сынньалаҥ”, —— диэн хоруйдуура.
“Уопсайынан, киһи былаас куһаҕаннык үлэлиир, экологиябыт кирдээх, ону тупсарбаттар, маны оҥорботтор”, о.д.а. саҥарыы, салайааччыны мөҕүттүү – саамай чэпчэки суол. Оттон бэйэҥ үлэлээн-хамсаан, сүүрэн-көтөн, сыралаһан бардаххына, ити боппуруостары атын өттүнэн көрөҕүн.
Хотугу дойдуга олох-дьаһах уратылааҕын бары билэбит. Орто Халымаҕа сүрүн кыһалҕабытынан ыраах сытарбыт буолар. Тырааныспар логистиката суох, инньэ гынан, сайын уу суола, кыһын Чукоткаҕа тириэрдэр кыһыҥҥы суол эрэ аһылыннахтарына, олохпутун-дьаһахпытын хааччынабыт. Кыһыҥҥы суол быһа барыллаан ахсынньы бүтүүтэ, ону да хаара элбэх буоллаҕына, аһыллар. Онтон муус устар 25 күнүгэр дьаһал таһааран, кыһыҥҥы суолбутун сабабыт. Ол аата 3-4 эрэ ый курдук сылдьар суоллаахпыт. Дьэ, бу кэмҥэ туох баар аспытын-үөлбүтүн, тутуу матырыйаалларбытын, малларбытын-салларбытын барытын аҕала сатыыбыт. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө эмиэ барыта кыһыҥҥы суолунан кэлэр. Сайын дьиэлэрин кыһын таспыт матырыйаалларынан туталлар.
Березовка сэлиэнньэтин 50 сыл анараа өттүгэр өрүс кытылыгар тутан кэбиспиттэр. Сыл аайы ууга барар, ол иһин быйылгыттан саҕалаан үөһээ, үрдүк сиргэ, көһөрөн эрэбит. Сорохтор дьиэлэрин даача курдук хаалларыналлар, ол гынан баран, олорор дьиэ пуондатыттан таһаарыллаллар, ууга бардахтарына да, маннык дьиэлэргэ туох да көмө оҥоһуллубат.

Кыһыҥҥы суол – тыын боппуруос

Орто Халыма улууһун уон нэһилиэгэр 7,5 тыһыынча киһи олорор. Орто Халыма куората 3,5 тыһыынча нэһилиэнньэлээх.
Халыма суолунан Арктика суола ааһар. Арктика суола Өймөкөөнүнэн, Томпонон, Муоманан, Үөһээ Халыманан Орто Халымаҕа кэлэр. Онтон Андрюшкиноҕа, Черскэйгэ, Чукоткаҕа тиийэллэр.
Улуус иһигэр муниципальнай кыһыҥҥы суоллар нэһилиэктэри кытары сибээстииллэр. Ол туһунан улуус баһылыгын солбуйааччы, билигин куорат баһылыга  маннык кэпсиир:
Дьиҥэр, оҥоһуллубут суоллар буолбатахтар. Кыһын күөллэри хаартан ыраастаан, суол таһаараллар, гравий да кутуллубат. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суолга биир килэмиэтиргэ 90 тыһыынча курдук үп көрүллэр буоллаҕына, муниципальнай суолга 12 тыһыынча эрэ бэриллэр. Кыһыҥҥы суол биһиэхэ – тыын боппуруос. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэктэрбит бары чоҕунан оттуллан олороллор. Зырянкаттан сайын 35 тыһыынча туонна чоҕу аҕалабыт. Ону барытын Орто Халыма куоракка сүөкүүбүт, харайабыт. Онтон кыһыҥҥы суол аһылынна да, нэһилиэктэргэ таһабыт. Улахан хаардаах дьылга, мин бастаан үлэлии тиийэр сылбар, Сыбаатай бөһүөлэгэр чохторо бүтэн хаалбыта. Бөһүөлэги тоҥорумаары, эргэ дьиэлэрин көтүрэн оттубуттара.
Орто Халыма олус тыаллаах дойду. Кыратык күүстээх тыал түстэ даҕаны, суол кыайан оҥоһуллубат. Күөл буоллаҕа. Уоннуу-отуттуу килэмиэтирдээх күөллэр бааллар. Онон биһиэхэ “Арктика суоллара” диэн өрөспүүбүлүкэ тэрилтэтэ кэлэн абыраан эрэр, бииргэ үлэлээбиппит икки сыл буолла.

Арктика улуустарыгар киллэрилиннэ

Арктика улуустарыгар киирбиппит кэнниттэн билиҥҥитэ туох эмэ уларыйыыны улаханнык билэ иликпит. Ол гынан баран, статуһа син биир үрдүк. Арктика министиэристибэтэ аһыллыбыта сөп дии саныыбыт. Биһиги интэриэспитин көмүскүүр дьон баар курдук буоллулар. Тоҕо диэтэххэ, хотугу улуустарга баһылык мөлтөх буоллаҕына, киһи тугу да ситиһимиэн сөп.
Улууспут баһылыга Евгений Слепцов үһүс болдьоҕун үлэлии сылдьар. “Аан бастаан спортсмен киһи турда диэн утары куоластаабыт да буоллахтарына, билигин кини ыытар үлэтин көрө-билэ сылдьан, маннык баһылыктаахпытыгар таҥараҕа махтанабыт. Урут улууспут уон нэһилиэгэ бары киинтэн сылытыллар буолуоххут диэбиттэрэ буоллар, итэҕэйиэ суох этибит. Дьэ, кини ону ситистэ!” – диэн махтанар дьон аҕыйаҕа суох. Евгений Слепцов тэрийэр, салайар талааннаах буолан, улууһугар элбэҕи оҥордо.

Инники соруктар

“Сорох нэһилиэктэргэ баһылыкка хандьыдаатынан да турар дьоннорун булаллара уустук буолааччы. Оттон халымалар олус көхтөөхтөр. Куорат баһылыгар турбут хандьыдааттартан саамай эдэрдэрэ 25, кырдьаҕастара 60 саастаах этилэр, мин ортолоругар сылдьар курдугум.
Мин саныахпар, куорат баһылыга буолар чэпчэкитэ суох. Куорат кыһалҕата элбэх, куорат баһылыга олорор дьиэ-уот пуондатын боппуруостарын барытын быһаарыан наада. Биһиэхэ, бастатан туран, кири-хоҕу ыраастааһын боппуруоһа турар. Иккиһинэн, саҥа бырагыраамаҕа киирэн, саахалланар туруктаах 32 дьиэни көтүрэн, олохтоохтору таас дьиэҕэ көһөрүөхтээхпит. Уочарат боппуруоһугар мөккүөрдэр, өйдөммөт түгэннэр элбэхтэр. Ону барытын сокуон хараҕынан быһаарыахха, биир тылы булан үлэлэһиэххэ наада.
Биһиэхэ интэриниэт ситимэ мөлтөх. Интэриниэтинэн үлэлиир исписэлииһи, этэргэ дылы, көмүс курдук көрөбүт. Эдэр ыччат үөрэхтэрин бүтэрэн баран кэлбэттэр. Эдэр каадырдары иитэн таһаарар сорук турар.
Куорат уонна улуус баһылыктара биир хайысханан үлэлиэхтээхтэр. Дойдубар, дьоммор-сэргэбэр туһалаахтык үлэлииргэ ис сүрэхпиттэн кыһаллыам. Баҕар, лозунг курдук иһиллиэ эрээри, киһи хаһан баҕарар суол хааллара, бэйэтин көрдөрө сатыыр. Дьиҥэр, хас тэрилтэ, ыал аайы кыһалҕалар элбэхтэр. Баһылыгы солбуйааччынан үлэлээн, икки сыл ааһа охсубутун билбэккэ да хааллым”.

“Оҕолорум тустарыгар үөрэбин”

Николай Захарович олоҕун аргыһа Анна Евгеньевна Халыма улууһун мировой суутугар үлэлии сылдьар. Дьокуускайга бу идэтинэн 8-9 сыл үлэлээбит уопуттаах үлэһит. Чукровтар оҕолоро VII -VIII кылаас үөрэнээччилэрэ.
Дьокуускайга улааппыт оҕолор хоту дойдуга олороллоро бастаан ыарахан буолара буолуо дии санаабыппыт. Ол эрэн, балтараа сыл олорон, номнуо үөрэммиттэрэ. Дьокуускайга сылаас кыбартыыраттан тахсыбатах, көмпүүтэр иннигэр олорбут оҕолор билигин таһырдьаттан киирбэттэриттэн испэр олус үөрэбин. Булт соноругар уһуйабын, айылҕа кэрэ миэстэлэрин билиһиннэрэбин, буранынан сылдьабыт. Урут кус да диэни көрбөтөх оҕолор буоллаҕа…”, — диэн ыал аҕа баһылыга сэмээр уолаттарын туһугар үөрэр.
Быйыл улахан уоллара Олимпийскай эрэл училищетыгар, кыра уоллара В.П. Ларионов аатынан физико-техническэй лиссиэйгэ үөрэнэ киирдилэр. Онон иккиэн Дьокуускайга көстүлэр.

Чукров Николай Захарович:

1978 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр төрөөбүтэ.
Үөрэҕэ:
1995-1998 сс. Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын устудьуона;
1998-2005 сс. М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетыгар
«юриспруденция» идэтин бүтэрбитэ;
2006-2010 сс. – РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академиятыгар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыыга үөрэммитэ;
Үлэтэ:
1996-2001 сс. – Спорт үрдүк маастарыстыбатын оскуолатын инструктор-тириэньэрэ;
2001- 2012 гг. “Чукров Н.З.” ИП тэриммитэ;
2005-2008 сс. – “Бааһынай ырыынага” ГУРП генеральнай дириэктэрин солбуйааччы;
2012-2015 сс. Баһылай Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинин отделын начаалынньыга;
2015-2017 сс. – Саха сирин тутааччыларын сойууһугар көҥүл уонна хонтуруол отделын кылаабынай исписэлииһэ;
2017 – “Винер” ХЭО генеральнай дириэктэрин солбуйааччы;
2017 сылтан Орто Халыма улууһун баһылыгын олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы боппуруостарыгар солбуйааччы;
2019 сыл – Орто Халыма куорат баһылыга.

«Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына.
Кэргэннээх, икки оҕолоох.

Николай Чукров – ыччаттар ортолоругар Арассыыйа абсолютнай чөмпүйүөнэ, ыччаттар ортолоругар Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара, Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирдар кыайыылаахтара уонна призердара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0