Балаҕан иһигэр борук-сорукка көмүлүөк умайар, остуолга чүмэчи уотугар дьиэлээхтэр чэйдии олороллор.
Аҕалара:
— Хайа, доҕоттоор, бүгүн Ороһооспо күнэ дии уонна ийэбит этэҥҥэ оҕоломмутунан оҕобут эмэһэтин сууйуохха.
Эбэлэрэ:
— Хайа, били оҕобут тоҕо чуумпурда, ытаабат?
Аҕалара:
— Ээ, дьэ кырдьык даҕаны, тоҕо ытаабат, ытаабат оҕо кэлбит дуу? Киирэн көрүн эрэ.
Оҕо көтөҕөөччү оһох кэннигэр хаппахчыга барар, онтон соһуйбут саҥата иһиллэр:
— Оо, хайа оҕобут анныгар хаан таммалаабыт, тыый, киинин баайыыта сөллүбүт.
Оҕо төрөтөөччү оһох кэннигэр ыксаан барар, оҕо суутун сүөрэн киинин баайан, саҥа суунан суулууллар, оҕо төрөтөөччү оҕо эмэһэтин таптайа таһыйар. Оҕо ытаан бэбээрэрэ иһиллэр.
Бары үөрэн саҥа аллайа түһэллэр:
— Оо, оҕобут барахсан Айыы-тойон таҥара көмөтүнэн иккистээн төрөөн бэттэх кэллэ!
Оҕо төрөтөөччү:
— Дьэ, кырдьык, бу күнү били нууччалар «Христос воскрес» дииллэринии, оҕобутун иккиһин күн сирин көрдөрөн, улуу үрдүк тойон айыылар бэлэх ууннулар. Арааһа, туох эрэ тыыппалаах киһи кэллэҕэ, онон туску, туску, туску диэн алгыаҕын!
Аҕалара:
— Ээ, арба Ороһооспоҕо сахалыы-махалыы, өбүгэлэрбитинии, таҥхалаан уолбут туох-ханнык киһи буолуоҕун хаартынан сэбириэйдээн ыйдаҥардан көрүөҕүн.
Аҕалара хаартыны ылан ырытар уонна быстаран баран хаарты уура-уура кэпсээн барар:
— Кырдьык да, оннук буолууһу. Айылҕа барахсан киниэхэ бары өйү-санааны, талааны бэлэхтээн күн сирин көрдөрбүт эбит. Тарбаҕар талааннаах уус киһи буолсу. Туску, туску, туску!
Маннык сыаҥканан суруйааччы, айылҕаттан тыыппалаах тимир уонна мас ууһа буолан айыллан үөскээбит, СӨ норуотун маастара, нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччим, Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, «Күн Дьоно» этнофольклорнай бөлөҕүм кыттыылааҕа Николай Николаевич Аржаков—Боло Уус айар түһүлгэтин үбүлүөйдээх тэрээһинэ Ороһооспо күн күөх оттоох балаҕан иһигэр саҕаланна.
Ити курдук, «Күн дьоно» бөлөх туруорбут «Оҕо көтөҕүүтэ» сыаҥка мустубут дьон биһирэбилин ылла. Оруолларга: ийэни – Эльвира Акимова, аҕаны – Трофим Миронов, доҕор киһини Семен Черноградскай, эбээни – Ирина Абрамова, оҕо котоҕөөччүнү – Антонина Алексеева, оҕо төрөтөөччүнү – Галина Самсонова, ыалдьыты Владимир Сивцев оонньоотулар.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022 сылы Норуот култууратын нэһилиэстибэтин сайыннарар сылынан биллэрбитинэн, «Уус эйгэтин абылаҥа» тэрээһин эмиэ сахабыт норуотун материальнай уонна духуобунай култууратын сырдатар, көрдөрөр соруктаах ыытылынна. Ол курдук, өбүгэлэрбит маллара-саллара, сэптэрэ-сэбиргэллэрэ, музыкальнай үнүстүрүмүөннэрэ көрдөрүлүннүлэр, сахалыы кылыһахтаах тойук дуорайда, олоҥхо хас да омук тылынан толорулунна, хомус хоҥкунаата, кыл хомус кыыкынаата, күпсүүр күпсүйдэ, сиксиир сиксийдэ, дүҥүр лүҥкүнээтэ, айаан айаатаата уонна оһуохай оройуттан тутулунна. Норуот маастара Боло Уус сэдэх булумньуларынан, уран оҥоһуктарынан, кинигэлэринэн оҥоһуллубут дириҥ ис хоһоонноох быыстапка мустубут дьон сэҥээриитин ылла.
«Арчы дьиэтин» үлэһиттэригэр: дириэктэр Лариса Константиновна Андрееваҕа, уус-уран салайааччы Любовь Радиковна Константиноваҕа-Кыталы Куоҕа махталбытын биллэрэбит.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Евдокия ПАВЛОВА-КЫЛЫҺАХ ДАЛБАР