Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ селекционер-зоотехниктара, племенной хаһаайыстыба салайааччылара кыттыылаах улахан мунньах буолан ааспыта. Племенной үлэ инники былаанын, баар итэҕэстэри, кыһалҕалары быһаарыстылар. Бүгүн ол туһунан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьевы кытта сэһэргэстибит.
– Николай Степанович, бастатан туран, 2021 сыллааҕы племенной-селекционнай үлэ түмүктэрин кытта билиһиннэриэххит дуо?
– Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Арассыыйа таһымнаах 40 племенной хаһаайыстыба баар. Маны таһынан, сэлиэксийэлиир племенной үлэни ыытарга анаммыт 11 сервиснэй тэрилтэ баар. Маны сэргэ Саха сиригэр племенной үлэни миэстэтигэр тэрийэр уонна сүөһүгэ искусственнай буоһатыыны ыытарыгар Арассыыйаттан анал көҥүллээх “Сахаагроплем” тэрилтэ үлэлии-хамсыы сылдьар.
Саха сиригэр ынах сүөһү 9 боруодата иитиллэр: сүөһү уопсай ахсааныттан симмэнтээл 75,6% ылар, холмогуор – 22,2%, саха ынаҕа – 0,75%, кыһыл истиэп ынаҕа – 0,15%, калмык – 0,7% уонна хара-эриэн, кыһыл эриэн, герефордскай уонна сычевскай боруодалар.
Ынах сүөһү иитиитигэр 9 племенной хаһаайыстыбалаахпыт. Онно барыта 4649 төбө сүөһү турар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа 2121 төбө. 2019-2020 сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, плем сүөһү ахсаана 535 төбөнөн элбээбит. Биир племенной ынахтан ортотунан 3290,8 киилэ үүт ыаммыт.
Сылгы иитиитигэр 26 племенной хаһаайыстыбаҕа уопсайа 9 897 Дьөһөгөй оҕото иитиллэн турар, ол иһиттэн биэтэ – 6 636 төбө. Кэнники үс сылга племенной сылгы ахсаана аччаабыт. Ааспыт сылга барыта 1115 племенной сылгы атыыланна.
Эбээн уонна эбэҥки таба боруодаларын 4 племенной хаһаайыстыбаҕа иитэллэр. Барыта 15 638 таба Булуҥ, Өлөөн уонна Өймөкөөн улуустарыгар иитиллэн турар. Табаарынай хаһаайыстыбаларга уопсайа 696 племенной таба атыыланна.
Онтон сибиинньэ иитиитигэр биир племенной репродуктор баар. “Сибирь” хаһаайыстыбаҕа 4102 төбө үрүҥ бөдөҥ сибиинньэ боруодата иитиллэн турар. Сылга биир ийэ сибиинньэттэн 11 оҕону ылары ситистилэр. 101 племенной сибиинньэни атыылаатылар.
– Племенной үлэ төрдө искусственнай буоһатыыга сытар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьэ, бу үлэ хайдах ыытылларый?
– Искусственнай буоһатыы өттүгэр ыллахха, бастатан туран, сылга 96 тыһыынча доза оҕус сиэмэтин оҥорон таһаарыахтаах. Иккиһинэн, 118 туонна убаҕас азоту оҥоруохтаах. Үсүһүнэн, 100 осеменаторы үөрэтэн, бэлэмнээн таһаарыахтаах.
Нэһилиэнньэҕэ ынаҕы сиэмэлээччинэн бэтэринээрдэр буолаллар, оттон улахан тэриллиилээх хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ техник-осеменатордаахтар. Оҕус сиэмэтинэн уонна азотунан “Сахаагроплем” хааччыйыахтаах. Былырыын азот тиэйэр массыына ылбыттара, онон суоллаах-иистээх улуустарга илдьэн кутан биэрэллэр. Оттон хоту улуустарга теплоходунан, сөмөлүөтүнэн ыыталлар. Быйыл былаан быһыытынан, 34500 ынах искусственнай көрүҥүнэн буоһатыллыахтаах.
– 2017 сыллаахха тэриллибит “Сахаагроплем” үлэлээбитэ номнуо 5 сыла буолбут дии. Дьэ, туох-хайдах үлэлии олороруй?
– Бастакы сыл улахан өрөмүөн үлэтэ барбыта. 2020 сыллаахха молекулярнай-генетическэй лаборатория үлэтин саҕалаабыта. Лаборатория көмөтүнэн сүөһүлэр ис туруктарыгар баар удьуор ыарыыларын билэн, сэрэтэн, ол ыарыы тарҕамматыгар үлэ ыытыллар, саҥа ылыллыбыт төрүөх ийэтин, аҕатын чопчу быһаарабыт.
Былырыыҥҥы анаалыстааһын түмүгүнэн саха ынаҕар уонна олохтоох симмэнтээл боруода сүөһүлэрин хааныгар олорсо сылдьар, удьуорунан бэриллэр ыарыылар суохтар.
Ааспыт сылга “Сахаагроплем” үлэһиттэрэ 3000 племенной сүөһүнү чинчийэн, 4500 үүт боруобатын ылан, бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Маны таһынан, 3000 төбө племенной сүөһүгэ сыанабыл оҥоһуллубута. Улуустарга ынаҕы буоһатыыга анаан уопсайа 64 590 дуоза атыыр оҕус сиэмэтэ уонна 65 044 л убаҕас азот тиксэриллбитэ.
– Үп-харчы бөҕө көрүллэн, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир лабораториялар баар буоллулар. Оттон нэһилиэнньэ бу үлэ суолтатын төһө өйдөөн эрэрий?
– Кэнники сылларга дьон син өйдөөн эрэрин племенной сүөһү атыытыттан көрүөххэ сөп. Биһиги сүөһүттэн үрдүк бородууксуйаны ыларга үлэни-хамнаһы тэрийэбит. Бу үлэ биир кэлимник ыытыллыахтаах, ол эрэн кыайтарбат өттө үгүс. Холобур, кэтэх ыал племенной хаһаайыстыбаттан уулаах тиҥэһэни атыылаһар. Тиийэн төрүүр. Ол кэннэ кэлэр сылыгар хаһаайын ынаҕын боруодата биллибэт оҕуска саптарар. Дьэ, ити курдук племүлэ сүнньэ кэһиллэр.
Онон хайаан да искусственнай буоһатыы оҥоһуллуохтаах, эбэтэр төрдө-ууһа биллэр племенной атыыр оҕус баар буолуохтаах. Билигин нэһилиэктэргэ борооскулар ынахтары сабаллар, ол түмүгэр ынах кыра үүтү биэрэр.
Харон Амерханов тоҕо хайҕаата?
– Николай Степанович, кулун тутар ыйга Арассыыйа академига Харон Амерханов кэлэ сылдьан, Саха сиринээҕи племенной үлэ баазатын үрдүктүк сыаналаабыта.
– Харон Адиевич өр сылларга Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин племенной үлэҕэ департаменын дириэктэринэн үлэлээбит, племенной үлэҕэ киэҥ билиилээх киһи. Кини Саха сиригэр бэһис кэлиитэ. Биэс сыл анараа өттүгэр кэлэ сылдьан, оччолорго племенной үлэни тэрийэ олорбут “Сахаплемхолбоһук” АУо үлэтиттэн санаам түһэн барбыта диир. Бу 5 сыл иһигэр СӨ Бырабыыталыстыбата өйөөн, үп-харчы көрөн, күүстээх үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ ханна да суох лаборатория биһиэхэ баар. Атын эрэгийиэннэр азоту, кислороду хантан ылабыт диэн төбөлөрүн сынньар буоллахтарына, биһиги бэйэбит оҥоробут, өссө атыылыыбыт.
Ол иһин Харон Адиевич өрөспүүбүлүкэҕэ племенной үлэни тэрийэр “Сахаагроплем” үлэтин-хамнаһын биһирээтэ. Үүт хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир кыах баар? Молекулярнай-генетическэй лаборатория баар? Иммуногенетическай лаборатория баар? Өрөспүүбүлүкэтээҕи сэлиэксийэлиир-иһитиннэрэр киин (РИСЦ) баар? Азот-кислород оҥорор ыстаансыйа баар? Барыта баар! Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ племенной үлэни сайыннарыыга бары усулуобуйаны, баазаны тэрийдэ. Кини сырыытын сыала-соруга тастан киириини солбуйуу боппуруоһугар сытар. Ол эбэтэр олохтоох боруодалары сайыннарыы боппуруоһа турда. Племенной үлэ биир сүрүн тутула – бу норуот таһаарбыт олохтоох боруодатын харыстааһын, кинилэри сэлиэксийэҕэ туттуу уонна сайыннарыы. Билигин олохтоох симмэнтээл боруода ынахтан 5 000 киилэ үүтү ыахпытын сөп, кини генетическэй кыаҕа ону толору биэрэр кыахтааҕын дакаастаан тураллар.
Саха ынаҕар уонна олохтоох симмэнтээл боруодаҕа, биир сыллааҕы чинчийии түмүгүнэн, хааныгар олорсо сылдьар удьуорунан бэриллэр ыарыы суох.
Билигин Арассыыйаҕа олохтоох боруода кыыл-сүөл генофондун ассоциацията тэрилиннэ. Тэрийээччинэн буолаллар: Бүтүн Арассыыйатааҕы академик
Л.К. Эрнст аатынан кыылы-сүөлү научнай-чинчийэр институт (ВИЖ), Бүтүн Арассыыйатааҕы племенной дьыалаҕа научнай-чинчийэр институт (ВНИИплем), Тыа хаһаайыстыбатын кыылын-сүөлүн оҥорон таһаарыыга сүрүннүүр киин уонна “Сахаагроплем” Саха сиринээҕи судаарыстыба тэрилтэтэ.
Племенной үлэни ыытарга ыраас боруодалар наадалар. Кинилэртэн атын боруоданы, тииби таһаарыахха эбэтэр тупсарыахха сөп. Биһиги племенной үлэҕэ тирэх буолар аборигеннай, олохтоох, норуот сэлиэксийэтинэн таһаарыллыбыт ынахха (саха ынаҕа), сылгыга (3 боруода), табаҕа (3) боруодалардаах буолан тэрийээччи быһыытынан киирдибит.
Бу ассоциация сыала-соруга өйдөнөр, ол курдук ыраас боруоданы хаалларыы, киһи айан таһаарбыт “заводской” боруодаларын тупсарыы уонна саҥа боруодалары, тииптэри таһаарыы.
– Бу сылга өрөспүүбүлүкэ племенной үлэтигэр туох сыал-сорук турарый ?
– Бастатан туран, холмогуор, симмэнтээл боруодаҕа уонна саха сүөһүтүгэр ыытыллыбыт инвентаризация түмүгэ тахсыахтаах. Иккиһинэн, сэлиэксийэлиир-племенной үлэ биэс сыллааҕы (2023-2027) былаана торумнаныахтаах. Салгыы холмогуор боруоданы иитэр племенной репродуктордар “Кладовая Олекма” уонна “Бөртө” хаһаайыстыбалар генофонднай хаһаайыстыба буолалларын ситиһиэхтээхпит. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун кытта “Сахаагроплем” бииргэ үлэлээн, олохтоох симмэнтээл боруоданы Саха сирин ынах сүөһүтүн тиибин быһыытынан киллэриигэ Россия Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр ирдэнэр докумуону туттарыахтаахтар.
Инникитин “Сахаагроплем” исписэлиистэрэ сэлиэксийэ, генетика боппуруостарыгар Арассыыйа сүрүн институттарыгар анал үөрэҕи барыахтара.
Племенной үлэ биир уратыта кини бэрт уһуннук, уонунан сыл ыытыллара буолар. Түмүгэ да оннук бытааннык кэлэр.
Билигин племенной үлэ ирдэбилигэр эппиэттиир бааза тэрилиннэ. Онон дьүккүөрдээх үлэ ыытыллара былааннанар.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова