Николай Охлопков «Иван Ярыгин» Гран-при турнирыгар кыттыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Красноярскай көбүөрүгэр Румыния хамаандатыттан икки бөҕөс кыттыаҕа — 61 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа биир дойдулаахпыт, 23-гэр  диэри саастаах уолаттар ортолоругар аан дойду боруонса призера Николай Охлопков уонна 65 киилэлээхтэргэ Иван Гуйдя тустуохтара. Бу туһунан Николай тус тириэньэрэ Владимир Кириллиҥҥэ сигэнэн sportyakutia.ru иһитиннэрдэ.

Бөҕөстөр билигин Дьокуускайга эрчиллэр-бэлэмнэнэр сборга кэлэ сылдьаллар. Румыния бөҕөстөрүгэр “Иван Ярыгин” Гран-при курдук норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыы аны саас дойдуларыгар, Бухареска буолар Европа чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнии биир түһүмэҕинэн буолар.

Роман Попов, edersaas.ru

Хаартыска Интэриниэттэн ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0