От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэннэ. Бэчээт хайдах туруктаах, туох кыһалҕалаах кэлбитин бары билэ-көрө сылдьабыт.
Биһиги биир дойдулаахпыт, бэлитиичэскэй наука хандьыдаата Никита Аргылов Уһук Илиҥҥи федеральнай университекка үлэлээбитэ биир сыл буолла.
Аргылов Никита Антонович, Уһук Илиҥҥи федеральнай университет Коммуникация уонна медиа академическай департаменын дириэктэрэ. Бэлитиичэскэй наука хандьыдаата, доцент.
М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты 2011 с. бүтэрбитэ, “суруналыыс” квалификациялаах дипломнаах. М. В. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет (2014 с.), “Экэниэмикэ уонна сонуннары маассабай тарҕатар сириэстибэлэр менеджменнэрэ” идэтигэр эбии квалификациялаах дипломнаах.
ХИФУ сонуннарын эрэдээксийэтигэр эрэдээктэр, кылаабынай эрэдээктэр (2010–2016 сс.).
2016 сыл кулун тутар 24 күнүттэн иһитиннэрэр бэлиитикэ уонна коммуникативнай технологиялар управлениеларын начаалынньыга.
2016–2019 сс. — ХИФУ медиабэлиитикэтин уонна уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ управлениетын начаалынньыга.
2019 сыл балаҕан ыйыттан УИФУ Искусство уонна гуманитарнай наукалар оскуолатыгар коммуникацияҕа уонна медиаҕа департаменын дириэктэрэ.
ЭЛБЭХ САТАБЫЛЫ БАҺЫЛЫЫР ИДЭ
— Никита Антонович, бырааһынньык бырааһынньыгынан, онтон кыһалҕа син биир хаалар. Эн санааҕар?
— Саха суруналыыстыката диэн баар бөҕө буоллаҕа дии. Бэйэтин суолунан сайдан иһэр. Ол эрээри Саха бэчээтэ үбэ-харчыта аҕыйаҕынан, суруйар дьон тиийбэтинэн бэйэтэ эмиэ туспа кыһалҕалардаах.
— Бэлэмнэнии туһунан элбэх кэпсэтии барар. Сахалыы суруйар дьону ХИФУ-ны кытта ситимнээхтик бэлэмниир ким баарый?
— Олус ыарахан ыйытыы. Элбэх күчүмэҕэйдэрдээх. Мин санаабар, суруйар дьону бэлэмнииргэ эрэдээксийэлэр улаханнык кыттыспаттар. Сылын ахсын оҕолор суруналыыстыка салаатыгар үөрэнэ киирэллэр, ол эрээри хайа оҕо киирэрэ, хайдах киирэрэ улаханнык учуоттаммат. Аны, аһаҕастык этиэххэ, эрэдээксийэлэр идэлээх дьон быһыытынан устудьуону иитэн таһаарар үлэҕэ кыттыспаттар, бэйэлэрин диэки тардыбаттар. Үөрэнэр кэмнэригэр оҕолору кэлэн көрсүбэттэр, санаа атастаспаттар, бэйэ бэйэлэрин истиспэттэр диэххэ наада. Онтон үчүгэй үлэһит туһугар киирсии баар буолуохтаах, биһиэхэ үлэлии кэл диэн. Биир эмэ эрэдээктэр оскуола оҕолорун, устудьуоннары кытта үлэлиирин мин истэ иликпин. Биллэн туран, бу үлэни эбии ноҕурууска курдук ылыналлар. Университеттан устудьуон барытын билэн кэлиэхтээҕин курдук саныыллар. Устудьуон аудиторияҕа олорон, лиэксийэ истэн барытын сатыыр буолан тахсыбат. Нууччалыы эттэххэ, суруналыыстыка диэн «практическай» идэ буолар. Элбэх саҥалаах киһи кэпсээниттэн сүмэтин, наадалааҕын талан ылан суруйуу эбэтэр олох саҥата суох киһини сатаан саҥардан суруйуу — ити барыта тус-туспа сатабыл. Биирдэ сатанар, иккиһигэр сатаммат. Дьон болҕомтотун тардар тиэмэттэн эмиэ тутулуктаах. Ити барыта санааны ууран дьарыктаннахха эрэ кэлэр.
Суруналыыстары бэлэмнээһиҥҥэ олох эрдэттэн, күттүөннээх үлэ барыахтаах. Университет эрэдээк- сийэлэр каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ кыттыспаттар диир, онтон эрэдээксийэлэр үрдүк үөрэх кыһатыгар — эһиги быһаччы бэйэҕит эбээһинэскит диир. Үрдүк үөрэх систиэмэтэ, ирдэбиллэрэ уларыйа тураллар. Мин санаабар, сакаасчыт элбээн хаалла. Төрөппүт оҕотугар үрдүк хамнастаах үлэҕэ киир диэн сорук туруорар, судаарыстыба бэйэтэ туспа соруктардаах, үрдүк үөрэх кыһата соруктара эмиэ туспа, оттон бакалавриат бэлэмэ тосту атын интэриэһи үөскэтиэн сөп эбэтэр олох даҕаны туох да интэриэһэ суох оҕону үөрэтэн таһаарыан сөп.
Аны туран үлэ ырыынага уларыйа турар. Урукку курдук 100 бырыһыан суруналыыс диэн өйдөбүл суох буолла, билигин барыта гибрид буолбут курдук. Медиакоммуникационнай эйгэ диэн үөскээтэ. Холобура, суруйбуккар эбии видео устан, туспа таҥан, оҥорон таһаарбыккын салгыы киэҥ араҥаҕа сөптөөхтүк тарҕатарыҥ эмиэ биир туспа туһугар ыарахан сорук.
Итини барытын баһылаатаххына биирдэ сыаналанар, ирдэнэр нууччалыы эттэххэ, востребованнай үлэһит буолаҕын. Аны ити суруналыыс хамнаһа киэҥ хабааннаах үлэтигэр сөптөөх буолара наада, ол билиҥҥэ диэри ситиһиллэ илик.
— Ыраахтан үөрэтиигэ көһүү тугу көрдөрдө?
— Улахан куһаҕаны аҕалбата. Үөрэх бара турда. Ол эрээри туспа уратылардаах, икки өрүттээх диэххэ сөп. Устудьуон оҕолор ханна да кэлбэт-барбат буолбуттара, дьиэҕэ олорон үөрэнэллэрэ, дьарыктаналлара кинилэргэ аралдьыйыы биир көрүҥэ буолла. Кинигэ ааҕарга, суруйарга, айарга бириэмэ үөскээтэ. Ити бириэ- мэни ыллыктаахтык бэйэ туһугар ылыммыт устудьуон сайыннаҕа, оттон ыраахтан үөрэниини күүлэй олоҕун курдук ылыммыт, уһуну-киэҥи санаа-бакка кэридэхтиири ордорбут буоллаҕына — ол бэйэтин ночоото, эрэйэ буолуо. Бу биһиги идэбитигэр маннык үөрэтиигэ көһүү итэҕэстэрэ ити түгэҥҥэ ырылыччы көһүннэ.
— Анал үөрэҕэ суох суруналыыс элбэх. Диплом наада дуо, эн санааҕар?
— Бу саамай ыарыылаах боппуруос. Мин санаабар, диплом наада дии саныыбын. Эдэр киһи идэтигэр эрдэттэн психологически бэлэмнэнэн, дьулуһан, дьаныһан туран диплом ылбыта, идэлээх буолбута элбэҕи этэр. Ол эрээри олох ирдэбилигэр эппиэттээн философ эбэтэр социолог, саха тылын учуутала, экономист суруналыыстыкаҕа үлэлии кэлэллэрэ туох да куһаҕана суох. Бэйэтин эйгэтин туругун, ис дьиҥин быһаарсар киһи олохтоохтук суруйара биллэр суол. Сороҕор идэлээх да дьон сыыһа кэлбит буолуохтарын сөп, эбэтэр идэтэ суох суруналыыс уһулуччу суруйар, айар-тутар буолуон эмиэ сөп.
СУРУНАЛЫЫСТЫКА — БУ ТЕХНОЛОГИЯ
— Бэчээт туһунан. Хаһыат хаалыа дуо эбэтэр барыта интэриниэккэ көһүө дуу?
— 1 100 хаһыат наада дуо? Баҕар үс эрэ хаһыат наада буолуо. Эһиги ол 1 100 хаһыаты барытын ааҕаҕыт дуо? Үс хаһыат биһиги интэриэспитигэр сөп. Хаһыат хайаан даҕаны тыыннаах хаалыаҕа өскө дьон болҕомтотун тардар, интэриэһинэй, киэҥ хабааннаах ис хоһоонноох буоллаҕына. Саха сиригэр икки хаһыат хааллаҕына сүрүнэ хаалыаҕа. Хаһыат диэн тэрилтэ, ким эрэ харчы төлүөн наада. Аан дойдуга барытыгар атыылаһааччы харчы төлөөн ылар буолан хаһыат тахсар. Реклама биэрээччи элбэх эрэ ааҕааччылаах хаһыакка кэлэр. Сахалыы төрүт тыллаах ааҕааччы интэриэһинэй эрэ буоллаҕына хаһыаты сыныйан көрүөҕэ. Кинигэ бэччээттэнэн тахсыан иннинэ биир эмэ чааһа сурунаалга бэчээттэнэр этэ. Билигин аны интэриниэккэ оннук боруобаланар буоллулар. Үгүстэр онтон ырааппаттар, үп-харчы тиийбэтэ харгыстыыр.
— Эдэр ыччаты хайдах суруналыыстыка эйгэтигэр тардыахха сөбүй? Чуолаан, эр дьону.
— Сыл ахсын 9 тыһыынча курдук оҕо Биир кэлим эксээмэни туттарар. Кинилэртэн сахалыы тыллаах, сатаан сөпкө суруйар, санаатын тиэрдэр оҕо олох аҕыйах. Ити оҕолору кытта үлэ барыахтаах. Айар үлэ дииллэр. Мин технология диэн ааттыыбын — суруйуулаах, санаа атастаһыылаах, кэпсэтиилээх, кэпсээннээх. Ол эрээри эн айар кутуҥ суох буоллаҕына — сатаан үлэлээбэккин. Суруналыыстыка да араастаах буолар. Бэлитиичэскэй, дьону аралдьытар, саататар, түмэр о. д.а. бэйэтэ туспа уратылардаах буолар. Мин санаабар, интэриэс үөскэтэн, биирдии-иккилии оҕону түмэ тардан иитэн таһаарыахтаахпыт. Үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ үлэҕэ ылыллыахтаах. Бу уһун кэмнээх уонна уустук, элбэх сыраны эрэйэр үлэ буолар. Холобура, бүтэрэрин саҕана устудьуон идэтин уларытан, атын хайысхаҕа баран хаалыан сөп. Ол иһин оскуола саҕаттан үлэ барыахтаах. Аны ааттаах-суоллаах эрэдээксийэ кэлэктиибигэр, кини үтүө аатыгар идэни ылбыт эдэр киһи үлэлии кэлиэн баҕарыаҕа. Этиһиилээх, хойох хостоһуулаах, эстэрэ буолбут кэлэктиипкэ ким кэлэн үлэлиэн баҕарыай? Талааннаах дьон ону кичэйэн көрөллөр, сирэллэр, талаллар.
— Блоггер эдэр дьону суруналыыстар диэн көрөллөрүн туох дии саныыгын?
— Урут блоггердар былааһы ылар буоллулар диэн баара. Кинилэр бастатан туран, бэйэлэрин интэриэстэрин эрэ өрө туталлар, бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэллэр. Харчы өлөрүөхтэрин баҕаран кэлтэйдии биир эрэ өрүттээх сонуннарынан муҥурданаллар. Холобура, блоггер чааһынай балыыһаҕа кэлэн “Наһаа үчүгэй балыыһаҕа кэлэн турабын” диэн кэпсиир. Ону баара-суоҕа босхо бэйэтин доруобуйатын көрдөрүнэн баран, уу иһэ-иһэ хайгыыр буоллаҕа. Билиҥҥи көлүөнэ итини атыннык ылынар. Босхо көрдөрүнэн баран албынныы турар дии санаабат. Кини мин сөбүлүүр киһим, кини сүбэлиир буоллаҕына, мин эмиэ ити балыыһаҕа барар эбиппин диэн толкуйдуур эдэр киһи. Кини блоггерга итэҕэйэр: аныгылыы таҥастаах, тииптээх, кыахтаахтык көстөр, төтөлө суох саҥарар-иҥэрэр эдэр киһини астына көрөр, убаастыыр. Оттон суруналыыстыка ис дьиҥэ диэн олус ыарахан — олох икки өрүтүн ырылыччы көрдөрүөхтээххин — үчүгэй уонна куһаҕан өттүн. Итини кыайа-хото тутар ыарахан, аны идеаллар элбэхтэрэ бэрт, ону ситиһэ, толоро сатыыр уустук, сылаалаах.
Биллэр-көстөр блоггердар суруналыыстыкаҕа чугаһыы сатыыллар, кини ньыматын тутталлар. Ааҕааччыга интэриэһинэй буола сатаан блоггердар суруналыыстыка араас ньымаларын тутталлар, холобура, расследование, ырытыы о. д.а. Суруналыыстыка баарын курдук баар. Биир эмит кэмҥэ мөлтөөн ылыан сөп. Технологиялар эмискэ сайданнар, уруккулуу олорон хаалан, кэмигэр үлэлэрин, өйдөрүн-санааларын тосту уларыпакка блоггердарга хотторон бардылар диэххэ сөп курдук.
Блоггер биир куһаҕан өрүттээх. Кыра харчыны төлөөн сыалын ситиспит курдук буолар, ол эрээри блоггер тус сирэй буолан (ИП эбэтэр тэрилтэ буолбатах) отчуоттуур докумуон биэрбэт. Түргэнник күөрэйэн тахсар, ол курдук эмиэ түргэнник симэлийэн хаалар.
Түмүктээн эттэххэ, ааҕааччы эбэтэр көрөөччү үксүгэр толкуйдуурун, анаарарын сүрэҕэлдьиир, кыһалҕаны утарар, суох гынар социальнай информацияҕа наадыйбат, ылыммат. Кини саататар информацияны эрэ көрүөн-истиэн баҕарар буолан иһэр.Уопсастыбабыт туруга да эмиэ итинник. Оттон суруналыыстыка уопсастыба сиэркилэтэ буолбат дуо?
САҤАЛЫЫ ТОЛКУЙ САХАЛЫЫ БЭЧЭЭТИ ӨРӨ ТАРДЫАҔА
— Саха бэчээтин инникитин туһунан эн санааҥ?
— Сахалыы суруналыыстыка инникилээх. Төһө да олох-дьаһах тутула уларыйа турдун, тэтимэ түргэтээтин сахалыы тыллаах суруналыыстыка интернет да ситимигэр, кумааҕыга да хайаан да баар буолуо. Ити барыта омук сайдыытын кытта сибээстээх: төһө сахалыы саҥарарбытыттан, толкуйдуурбутуттан, суруйар-кэпсиир дьулуурбутуттан. Мин санаабар, сахалыы саҥара, ааҕа-суруйа сатыыр дьон баарын тухары суруналыыстыка баар буолуоҕа. Суруналыыстыка киһиэхэ өйдөтөр, эппиэттиир, толкуйдатар, иһитиннэрэр аналлаах. Оттон ааҕааччы, көрөөччү итиннэ наадыйар. Ол иһин медиатэрилтэлэр оннуларын булаллара, ааҕааччы интэриэһин таба туталлара ыарахана биллэр суол. Ол эрээри ким эрэ ити эйгэҕэ син биир хайаан да баар буолуо, дьон өйүн-санаатын, саха дьон кэскилин быһаарсар, кыттыһар, тэрийэр күүстээх буолуохха наада. Ол интэриэһи буларга уларыйыахха наада: үбүлээһинтэн саҕалаан, суруйар, үлэлиир-хамсыыр дьоҥҥо тиийэ. Мин өйөбүлэ суох, донора суох саха суруналыыстыката тахсар кыаҕа суох дии саныыбын. Тирааһы атыылыыр, рекламаны тарҕатар модель урусхалламмыта ыраатта, билигин барыта араас ньымалаах холбоһуктар — гибридтэр бириэмэлэрэ кэлэн турар. Онон суруналыыстыка хаттаан тиллэн, күүскэ сайдан, араас технологиялары туһанан өрө тахсан омук дьылҕатын быһаарар кэмэ үөскээтэ. Олус эппиэтинэстээх уонна кэскиллээх дьыала. Ону бастыҥнар өйөөтөхтөрүнэ өйүөхтэрэ дии саныыбын. Ол курдук, бастыҥ толкуйдаах бырабыытылыстыба, ол эбэтэр кыахтаах урбаанньыттар…
Родион Кривогорницын, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru