Никита Греци: «Саха атынан Магадантан Лондоҥҥа тиийиэҕим»

01.10.2019
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Дьокуускайга 21 саастаах айанньыт Никита Греци ыалдьыттыыр. Кини саха атын тулуурун уонна дьулуурун аан дойдуга аатырдар сыаллаах уһун айаҥҥа турунаары сылдьар. Хантан кэлбит айанньытый? Кини кимий? Тоҕо саха атын талла? Бу туһунан кэпсээри, Никита “Эдэр сааска” ыалдьыттыыр:

— Мин Эстонияҕа төрөөбүтүм. Онно бастакы кылааска үөрэммитим, онтон Англияҕа көспүппүт. Сэттэ сааспыттан онно олоробун, оскуоланы бүтэрбитим. Нууччалыы уонна ангылычаанныы холкутук кэпсэтэбин. Эстонец, нуучча, украинец, узбек булкаас хааннаахпын. Ийэбиттэн: “Туох омукпунуй?” – диэн ыйыттахпына, кини: “Сэбиэскэй хааннаах киһигин”, — диир. Ийэм Лондоҥҥа чааһынай тэрилтэлээх, аҕабын кытта билсибэппин. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, бары Лондоҥҥа олороллор. Пааспарбынан Эстония олохтооҕунабын. Уларыттарыахпын сөп этэ даҕаны, Европанан сылдьарбар бу быдан судургу.

— Туох үөрэхтээх киһигиний? Тугу үлэлиигиний?

— Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар математиканы интэриэһиргиирим. Оҕо сылдьан ас маҕаһыыныгар атыыһыттыахпын баҕарарым. Бэл, Украинаттан “Барбарис” кэмпиэти аҕалан, сыанатын ыаратан, кылааһынньыктарбар атыылыырым. Орто сүһүөх кылаастарга тахсан баран, туох идэлээх киһи буоларбын билбэт, ол туһунан толкуйдаабат даҕаны этим. Ийэм оскуола кэнниттэн Оксфорд эбэтэр Кэмбридж университеттарыгар үөрэниэхпин баҕарара. Мин наһаа өһөс майгылаахпын, тугу гыныахпын билбэт этим. Толкуйдаан бараммын, эрэстэрээҥҥэ үлэлии киирбитим. Быйыл онно менеджергэ тиийэ дуоһунаһым үрдээбитэ, атын тэрилтэлэргэ үлэлиирбэр этиилэр киирбиттэрэ. Туох диэн быһаарынарбын өр толкуйдаан бараммын, атынан айанныахпын, сири-дойдуну көрүөхпүн, араас култуураны кытта билсиэхпин баҕарар эбиппин диэн санааҕа кэлбитим.

— Санаабыт санааҕыҥ туохтан саҕалаатыҥ?

— Быйыл Монголияҕа истиэпкэ көс ыалыгар икки ый буолбутум. Кинилэр олохторунан олорон көрдүм – тугу гыналларын үтүктэбин, аһыылларын аһыыбын диэбит курдук. Монголлар нууччалыы да, ангылычаанныы да куһаҕаннык өйдүүллэр, онон илии-атах көмөтүнэн кэпсэтэ сырыттым. Култуураларын, устуоруйаларын туһунан элбэҕи биллим-көрдүм. “Бүхэ барилдаан” диэн тустуулаахтар эбит, тустан көрбүтүм. Монголияттан Лондоннаары, аттарын үөрэттим.

— Саха сиригэр хайдах кэлэн хааллыҥ?

— Саха сирин туһунан уруккуттан билэбин. Монголияҕа сылдьан “Саха сириттэн Лондоннуурум дуу?” диэн санаан ылбытым, ол эрээри аты хантан ылабын диэн толкуйга түспүтүм. Атынан сири-дойдуну кэрийэр дьон норуоттар икки ардыларынааҕы гилдьиялара баар. Гилдьия салайааччытыгар тугу былааннаабыппын, ат көрдүүрүм туһунан суруйбутум. Онуоха кини саха атын туһунан кэпсээбитэ, саха атынан айанныахпын сөбүн сүбэлээбитэ. Гильдия салайааччыта былааммын олус интэриэһиргээбитэ уонна Арассыыйа атын спордун бэрэсидьиэнин кытта билиһиннэрбитэ. Салгыы саха атын үөрэтээччи, урбаанньыт Егор Макаровтыын билсибитим. Киниэхэ Саха сиригэр кэлиэхпин баҕарарбын, айаным туһунан кэпсээбитим. Атырдьах ыйын бүтүүтэ Дьокуускайга кэлбитим.

— Манна кэлбитиҥ биир ый буолбут эбит дии, тугу гынныҥ?

— Өймөкөөн Үчүгэйигэр сырыттым. Олохтоохтору кытта саха атынан айылҕаҕа сылдьыбыппыт. Англияҕа элбэх харчылаах эрэ дьон атынан хатааһылыыллар. Олохтоохтор саха атын хайдах миинэргэ үөрэппиттэрэ. Сир аайы аты араастаан салайаллар эбит. Саха ата олус тулуурдааҕын уонна кыахтааҕын сөхтүм. Бадараанынан тааҥка курдук таах сылдьар. Мин дьону кытта тэҥинэн сылдьан, омук култууратын, устуоруйатын билэрбин-көрөрбүн ордоробун. Сахалар омук, норуот быһыытынан, хайдах үөскээбитин сэҥээрдим, салгыы үөрэтэр былааннаахпын.

— Оттон айаныҥ туһунан сиһилии кэпсээ эрэ.

— Магадантан Лондоҥҥа диэри айаммын эһиил былаанныыбын. Билигин төттөрү дьиэбэр Лондоҥҥа барыам, малбын-салбын, айаҥҥа туттар тэрилбин, таҥаспын бэрийиэм. Саха сиригэр тохсунньу-олунньу диэки кэлэн, эппин-хааммын тымныыга үөрэтиэм. Онтон Өймөкөөнтөн саха атын ылан, массыынанан Магадаҥҥа илдьиэхпит уонна айаммын саҕалыам. Төһө кэм барарын билбэппин, билиҥҥи ааҕыыбынан икки сыл кэриҥэ барар диэн. Барыллаан маршрут оҥорбутум, ханан эмэ эргийэн, быһалаан айанныам. Атым малбын таһарын гына сыарҕа дуу, тэлиэгэ дуу иилиэм. Соҕотох айанныыбын.

— Туох сыаллаах айаннаары сылдьаҕын?

— Аан дойдуга саха атын туһунан билбэттэр, ону биллэрэр сыаллаахпын. Саха атын нөҥүө Саха сирин, саха норуотун туһунан аан дойду билиэ буоллаҕа. Ханнык даҕаны бэлиитиичэскэй сыалым-соругум суох, бэлиитикэни интэриэһиргээбэппин, орооспоппун. Олохпут кылгас. Онон тугу санаабыппын барытын олоххо киллэрэргэ дьулуһабын. Бэйэм тулуурбун, дьулуурбун холоно айанныыбын диэхпин сөп.

— Куттаммаккын дуо?

— Мин ыарахаттары сөбүлүүбүн. Куоппаппын, ол утары барарбын, өсөһөрбүн ордоробун. Айаммар бэйэм туспуттан буолбакка, атым туох эмэ буолуо диэн куттанабын. Суолум былаһын тухары саха атын, саха дьонун, сирин туһунан элбэх киһи ыйыталаһыа диэммин, эппитим курдук, билиҥҥэттэн элбэҕи ааҕабын, үөрэтэбин.

— Айаныҥ туһунан, ханна тиийбиккин, тугу гына сылдьаргын биһиги хантан билиэхпитий?

— Сайт оҥоруом, суоллааҕы бэлиэтээһиннэрбин суруйан уган иһиэм. Ардыгар видеоҕа да устуом.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, дьоруой архыыбыттан уонна интэриэниэттэн туһаныллыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0