Бэҕэһээ, муус устар 26 күнүгэр, «Лена» киинэ тыйаатырыгар режиссер Никита Аржаков устубут «Сто лет к мечте» диэн ааттаах Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах документальнай киинэтин премьерата буолла. Тэрээһиҥҥэ киинэни оҥорбут бөлөх, режиссер уонна өрөспүүбүлүкэ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Куприянов кыттыыны ыллылар.
Киинэ сценарийын суруйуутун драматург Василий Васильев-Харысхал саҕалаабыт, онтон ааптар олохтон туораабытын кэнниттэн кини үлэтин историческай наука доктора, Саха сирин устуоруйатын чинчийээччи Андриан Борисов салҕаабыт. Никита Аржаков киинэтэ Саха сирин улуу дьоно хайдах дойдубут судаарыстыбыннас ыларыгар дьулуспуттарын туһунан кэпсиир. Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр төрүттээбит “Союз якутов” түмсүүтүттэн саҕалаан, оччолооҕу кэмҥэ буолбут мөккүөрдэри, туруорсуулары, ыра санааҕа олоҕурбут былааннары былыргы хаартыскалартан таҥыллыбыт хроника уонна уус-уран устуу дьүөрэлэһиитин ньыматынан киинэ кэпсиир.
Өксөкүлээх Өлөксөй (Ньургун Бэчигэн) “Саха интеллигенциятыгар суруга”, “Союз якутов” түмсүү кыттыылаахтарын суута, эдэр Максим Аммосов толкуйдара, Былатыан Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов бэлиитикэҕэ маҥнайгы хардыылара, саас сааһынан көрдөрүлүннэ. Киинэҕэ Саха тыйаатырын артыыстара кыттыыны ыллылар: Петр Макаров (Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр), Дьулустан Семенов (Былатыан Ойуунускай), Вячеслав Лавернов (Максим Аммосов) уо.д.а. уһуллубуттар.
Режиссер киинэни устууга 4 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчы уонна биир сыллаах үлэ бараммытын туһунан кэпсээтэ уонна айар бөлөҕөр махталын биллэрдэ. Документальнай киинэ толору саалаҕа ааста, бүтүүтүгэр көрөөччүлэр ытыс таһынан биһирэбиллэрин биллэрдилэр.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru