Никииппэр Сэмэнэп уола Юлиан

05.04.2018
Бөлөххө киир:

80-с сылларга саха норуотугар киэҥник биллибит ураты куоластаах Никииппэр Сэмэнэп айан хаалларбыт ырыаларын истибэтэх, киҥинэйэн ыллаабатах киһи суоҕа буолуо. Дьонтон таһыччы талааннаах ырыаһыт ситэ олорботох олоҕун оҕолоро салгыыллар. “Эдэр сааска” Никииппэр Сэмэнэп төрөппүт уола Юлиан Сэмэнэп ыалдьыттыыр:

— Ньурба Аканатыгар күн сирин көрбүтүм. Төрөөбүтүм кэнниттэн дьонум аат толкуйдаан мөккүһүү бөҕөтө буолбуттар. Ол кэмҥэ оруобуна тэлэбиисэргэ “17 мгновений весны” киинэ көстө турбут, төрөппүттэрим айымньы ааптарын аатын көрөн, “уолбут аата бу сылдьар эбит” диэннэр, Юлиан Семенов буолбуппун. Оскуола кэнниттэн Ньурбатааҕы ПТУ-га үөрэнэн, электромонтер идэлэммитим. 2015 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитим.


—Аҕаҕын хайдах киһи диэн өйдүүгүн?

— Аҕам туһунан умнуллубат оҕо саас өйдөбүлэ хаалбыт. Кини үгүс саҥата суох да буоллар, дьээбэлээх-хооболоох киһи этэ. Куруук тугу эрэ артыыстаан, дьон саҥатын үтүктэн биһигини үөрдэрин-күллэрэрин өйдүүбүн. Билигин кэлэн санаатахпына, пародист бэрдэ эбит. Биирдэ Саҥа дьылга эдьиийбинээн, балтыбынаан киэһэ оон- ньуу сырыттахпытына дьиэбитигэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана киирэн кэллилэр! Биһиги соһуйуу бөҕө, бэлэх ылаары үөрүү-көтүү. Аҕалаах ийэбит сылдьалларын хантан билиэхпитий, үлэлэригэр бардахтара диибит буоллаҕа. Ону балтыбыт аҕабыт тарбахтарыттан билэн кэбиспитэ. Бу түгэн өйбүттэн хаһан даҕаны сүппэт. Аҕам гитаратын, байаанын тыаһа, дьикти куолаһа кулгаахпар билигин даҕаны иһиллэргэ дылы. Аҕам барахсан элбэххэ да үөрэппит эбит. Бултуурга, сиргэ-уокка хайдах сылдьарга, дьоҥҥо үтүө сыһыаҥҥа… Матассыыкылга мэҥэстэр буолуохпуттан айылҕаҕа, үлэҕэ тэҥҥэ илдьэ сылдьара. Мин 12 саастаахпар аҕам бу сиртэн барбыта.

— Эн аҕаҕын батаҥҥын ыллыыр эбиккин, оттон эдьиийдээх балтыҥ ыллыыллар дуу?

— Аня диэн эдьиийдээхпин уонна Нарыйа диэн балтылаахпын. Балтым оҕо сылдьан ыллыыр этэ, билигин ыал буолан бириэмэтэ даҕаны тиийбэт быһыылаах, ыллаабат.

Хаһааҥҥыттан ыллыыгыный? Аҕаҥ ырыаларыттан ханнык ырыаны толороҕун?

— 2009 сыллаахха бэйэм гитаралыырга үөрэммитим. Онтон нөҥүө сылыгар “Билэбин” диэн бастакы хоһооммун суруйан, бэйэм нэһилиэкпэр кыралаан кэнсиэрдэргэ ыллыыр буолбутум. 2012 сыллаахха «Кимҥиний бу сиргэ» диэн ырыабын суруйбутум. Киэҥ эйгэҕэ таһаарбатаҕым, бэйэм-бэйэбэр ыллыы-ыллыы сылдьыбытым. Былырыын дьүөгэм “хайытан”, “Ыллаа-туой, тыам сирэ” диэн кэн- сиэргэ түргэн үлүгэрдик фонограмма була охсон кыттыбытым. Онно ыллаабыппын дьон олус биһирээбитэ, ол кэнниттэн ыллыыр баҕа үөскээбитэ. Дьоҥҥо оҕо сылдьан ыллаабатаҕым, улахан сыанаҕа тахсан ыллаабытым тоҕус ый эрэ буолла диэтэхпинэ олус соһуйаллар. Ийэм кэпсииринэн, аҕам «Сүрэхпэр саспыккын», «Маҥнайгы уураһыы» ырыаларын ордук сөбүлээн ыллыыра үһү.  Оттон мин ордук «Оҕо саас», «Сэргэ», «Сүрэхпэр саспыккын», «Бу улуукан киэһэҕэ», «Мин былыргы тапталым…» ырыалары толорорбун сөбүлүүбүн.

Аҕаҕыт олоҕун, ырыаларын хайдах үйэтитэр былааннааххытый?

— Билиҥҥитэ былаан, сыал-сорук элбэх. Төһө кыайарбынан, аҕам ырыаларын саҥалыы тыыннаан ыллаан — туойан үйэтитэргэ кыһаллыам. Биир сүрүн баҕа санаам диэн, “Чолбон” рок- бөлөҕү уонна “Аргыс” бөлөҕү түмэн, аҕам Никииппэр Сэмэнэп аатынан ахтыы биэчэри, кэнсиэри тэрийиэхпин баҕарабын.

— “Саҥа ырыаҕа” кытта сылдьар эбиккин, хайаһан иһэҕин?

— Бу куонкуруска кыттан, элбэх саҥаҕа үөрэнним, биллим-көрдүм, доҕоттордоннум. Саҥа саҕалаан, ыллаан эрэр киһиэхэ, биллэн турар, ыарахаттардаах этэ. Сүүмэрдээһини ааһан, аны куоластыыр түһүмэххэ киирдим.

Юлиан былааннара, баҕа санаата туолан, Никииппэр Сэмэнэп аата үйэтийдин!

P.S. Аҕатын туйаҕын хатаран ырыаһыт суолугар туруммут Юлианныын кэпсэтэн бараммын, ураты олохтоох Никииппэр Сэмэнэп туһунан киинэ устуохха сөп эбит диэн санаа кылам ааста.

Айтана АММОСОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0