Ньиэп сыаната төһө даҕаны түспүтүн иһин, Арассыыйаҕа бэнсиин син биир чэпчиэ суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, уматык сыанатыгар сырье сыаната баара-суоҕа 7%, саамай улахан өлүүнү 72-73% судаарыстыба олохтообут акциһын, НДС уонна НДПИ (айылҕа баайын хостуурга тутуллар) нолуок төлөбүрэ ылар.
Эспиэртэр ааҕалларынан, хаалбыт сүүрбэччэ бырыһыана ньиэби переработкалыыр хампаанньалар, уматыгы тиэйээччилэр, АЗС-тар ороскуоттара диэн.
Өскөтүн сырьевой уонна валютнай ырыынак чөлүгэр түспэтэҕинэ, ыам ыйыгар бэнсиин сыаната инфляцияны тилэх баттаһа 2-4% үрдүүрэ күүтүллэр диэн сабаҕалыыллар эспиэртэр.
Хаартыска — ysia.ru
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1