Ыччат VIII сугулаана ыытыллар. Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар ыччаттара Дьокуускайтан Нерюнгригэ сугулааҥҥа кытта бардылар. Саха АССР тэриллибитэ 100, Арассыыйаҕа норуоттар култуураларын үйэлээх баайын сылларыгар анаммыт тэрээһин атырдьах ыйын 3-6 күннэригэр буолар.
Сугулаан ыччат көҕүлээһинин, сайдыыны өйүүр, хоту дойду ыччаттарын холбоһуктарын, түмсүүлэрин тэрийэр, хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын үйэлээх баайын биллэрэр, киэҥник тарҕатар сыаллаах-соруктаах. Бу туһунан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар ыччаттарын үөрэтэр пуорумҥа 60 киһи кыттара күүтүллэр, ону таһынан тэрийээччилэр баар буолаллар. Сугулаан «Арктика» экспериментальнай оскуола-интэринээт дьиэтигэр ыытыллар.
Бырагыраамаҕа этиллэринэн, манна сэминээрдэр, хамаанданы тэрийиигэ трениннэр, квиз оонньуулар, «Преемственность поколений: материальное культурное наследие коренных малочисленных народов РС (Я)» сиэссийэ, былаһааккаларынан тылга, култуураҕа, предпринимательство хайысхатыгар үлэлэр, «Промышленные компании и молодежь КМНС» былаһааккаҕа кэпсэтии, RAIPON сэминээр, дьыалабыай, ыстаансыйаларынан оонньуулар, о.д.а. былааннаналлар. Тэрээһин ыччат өйүн-санаатын түмэригэр тирэх, үлэтигэр-хамнаһыгар өйөбүл буоларыгар эрэл улахан.