Нерюнгригэ ааспыт сылга 625 оҕо төрөөбүт

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһа ааспыт 2021 cыл түмүктэринэн отчуотун Нерюнгри оройуонугар куйаар ситимин нөҥүө ыытта.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева отчуоттаабытынан, Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэригэр Саха сиригэр оҕо төрөөһүнүн таһыма саамай үрдүк сыыппараны көрдөрөр. Бүтэһик үс сылга оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ оҥоһуллар көмө түөрт төгүл үрдээн 14,5 миллиард суумаҕа тэҥнэспит.
«Элбэх оҕолоох ыал олорор усулуобуйаларын тупсарыыга биирдэ көрүллэр социальнай төлөбүр уопсайа биэс уонна онтон элбэх оҕолоох 56 дьиэ кэргэҥҥэ төлөммүтэ. Ону сэргэ, маннык көмө үс игирэни төрөппүт дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ оҥоһулунна», — диэн этэр.

Ааспыт сыл тохсунньу ыйыттан Нерюнгри оройуонугар 625 оҕо күн сирин көрбүт. Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 12 тыһыынча оҕо былырыын Саха сиригэр төрөөбүт.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0