Нерюнгрига «Денисовскай» шахта сууллубутун борокуратуура бэрэбиэркэлиир

29.11.2018
Бөлөххө киир:

Нерюнгри оройуонугар «Колмар» таас чоҕу хостуур хампаанньа «Денисовскай» хайаны байытар кэмбинээт  шахтата сууллан, алдьархай таҕыста. “65 блокка 230 миэтэрэлээх дириҥҥэ 55 киһи үлэлиириттэн 34-дэ саахал тахсыбыт сиригэр бааллар этэ, кинилэртэн биирдэстэрэ хайа боруодатын анныгар хаайтарда”, — диэн биллэрдэ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ.

edersaas.ru

Шахта үлэтэ тохтотулла илик. Сэттэ киһи бөҕөргөтүү үлэтин ыыта сылдьаллар, хайа боруодата сууллубут сиригэр Нерюнгри куораттан 15 быыһааччы уонна икки тиэхиньикэ туруннулар.

Бырамыысыланнаска куттал суох буолуутун хааччыйыы, үлэ усулуобуйатын тэрийии бэрээдэгин борокуратуура уорганнара бэрэбиэркэлээн, ол түмүгүнэн дуоһунастаах дьону эппиэккэ тардыахтара.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0