Нерюнгри кырдьаҕаһыгар «Үйэ саас» бэлиэни туттардылар

Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Нерюнгри куоракка олорор тыыл бэтэрээнэ Наталья Тетерина 100 сааһын томточчу туолла. Ил Дархан э.т. Айсен Николаев киниэхэ “Үйэ Саас” диэн бочуоттаах бэлиэни туттарда.

Айсен Сергеевич уһун үйэлээх бэтэрээҥҥэ Владимир Путин эҕэрдэлээх суругу, аккырыыкканы биэрдэ. Кини:

«Уустук, ыарахан үйэҕэ төрөөн, история тыыннаах кэрэһитэ буолан, уһун олоҕу дьоһуннук олорбут киһи ыччакка холобур буолар”, — диэн бэлиэтээтэ.

“Үйэ Саас” бэлиэ уһун үйэлээхтэри өйүүр, кинилэр өй-санаа, духуобунас өттүнэн, үтүө үлэһит, үгэстэри тарҕатааччы быһыытынан уопсастыбаҕа холобур буолалларын бэлиэтиир сыаллаах бэриллэр. Бу бэлиэни кытары 100 тыһ. солк. туттарыллар.

Наталья Федоровна 1918 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр Курскай уобалас Хомутовскай оройуонун Подровное дэриэбинэтигэр уон оҕолоох холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

15 сааһын туола да илигинэ, оскуолатын бүтэрээт, холкуоска үлэлээн саҕалаабыта. Сэрии кэмигэр куруусчутунан, үүнээйи олордооччунан үлэлээбитэ. Сэриигэ кини убайдара-бырааттара бары барбыттара, кинилэртэн түөрт уол өлбүтэ, өссө биир убайа ыараханнык бааһыран кэлэн, кэнники соҕус өлбүтэ. Оттон эдьиийдэрэ бары уһун үйэлэммиттэрэ. Наталья Федоровна дойдутугар биир эдьиийин кытары олорбута, онто өлбүтүгэр, Нерюнгрига көһөн кэлбитэ. Хомойуох иһин, бэйэтэ оҕото суох, ол эрээри сиэн балтыларын, бырааттарын оҕолорун курдук көрөн улаатыннартаабыта.

Кини уһун үйэлэммитин кистэлэҥэ – Таҥараҕа итэҕэйэрэ, өрүү үөрэ-көтө сылдьара уонна үлэтигэр бэриниилээҕэ буолар. Наталья Федоровна 70-гар диэри тимир суолу өрөмүөннээһиҥҥэ, собуокка, тутууга үлэлээбитэ.

Сүүс сааһын туоллар да, “тэп” курдук сылдьар. Бэйэтэ таһырдьа тахсан күүлэйдиир, ааҕар, тэлэбиисэри көрөр, арай, истибэт эрэ.

Наталья Тетерина үбүлүөйдээх төрөөбүт күнүгэр Шахтер күнүн бэлиэтээбиттэрэ. Ил Дархан э.т. Айсен Николаев илиититтэн үрдүк наҕарааданы тутан, олус үөрбүтэ, ытамньыйан ылбыта.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru   

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0