Сэтинньи 11 күнүгэр, А.С. Пушкин аатынан нуучча тыйаатырын сыанатыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Рональд Харвуд «Костюмер» диэн испэктээкилин сүрэхтээтэ.
Тыйаатыр сылын түмүктүүр туруоруу режиссера – СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров, сценография худуоһунньуга – СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова. Аангылыйа драматурун дириҥ ис хоһоонноох айымньытын тыйаатыр артыыстара арыллан туран, биир тыынынан оонньоон, икки чаастаах испэктээкил биллибэккэ ааста. Сүрүн оруоллары тыйаатыр уус-уран салайааччыта, СӨ норуодунай артыыһа, Федор Волков аатынан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бириэмийэтин лауреата Алексей Павлов уонна кини үөрэнээччитэ СӨ култууратын туйгуна Георгий Бессонов толордулар. Испэктээкилгэ кырдьаҕас артыыс уонна костюмер ситимнээх дьылҕалара көстөр. Алексей Павлов тыйаатырга олоҕун анаабыт кырдьаҕас артыыс уобараһын чаҕылхайдык арыйда. Кини бэриниилээх үлэһитин, костюмер оруолун Георгий Бессонов итэҕэтиилээхтик оонньоото. Артыыстар уобарастарын ис туругун ылыннарыылаахтык, дьиҥ бэйэлэрин ис санааларын арыйар курдук оонньоон, көрөөччүнү итэҕэттилэр, уйадыттылар.
Испэктээкилгэ оонньообут артыыстар бары үрдүк таһымнаах, араас уобараһы кыайа тутар сыана маастардара буолалларын өссө төгүл дакаастаатылар.
Бу туруоруу Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын репертуарыгар киирэн, сэҥээриини, биһирэбили ыла туруо диэн эрэнэбит. Тыйаатыр сылын ситиһиилээхтик түмүктээн эрэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мотрена Павлова салайар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кэлэктиибигэр умнуллубат туруоруулары, махталлаах көрөөччүлэри баҕарабыт.
Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
хаартыскалар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын архыыбыттан