Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын саҥа испэктээгэ

Ааптар: 
03.02.2021
Бөлөххө киир:

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар олунньу 4 күнүгэр сонун ис хоһоонноох испэктээк премьерата буолар.

“Кэргэннии Орловтар” диэн туруоруу улуу суруйааччы Максим Горькай айымньытыгар олоҕуран туруоруллубут эрээри, ис хоһооно билиҥҥи күнү кытта дьүөрэлэһэр. Бу айымньы 1897 сыллаахха суруллубут, сүрүн сэһэнэ ол кэмҥэ тура сылдьыбыт холера хамсыгын хоһуйар. Кэргэннии Орловтар олохторо сатарыйбыт, киһи ааттыттан тахсан эрэр. Ол гынан баран, холераны эмтиир бараакка санитардыы кэлэн баран, олоххо сыһыаннара, ис дууһалара тосту уларыйар…

Испэктээк режиссера Антон Ботаков: “Бу туоруорууга дьаҥ аатын соруйан ааттаабаппыт, холера дуу, ковид дуу диэн араарбаппыт. Дьон хамсыгы утары охсуһарын, ол кинилэр олохторугар хайдах сабыдыаллааҕын көрдөрөбүт”, — диэн кэпсиир.

Сүрүн оруоллары Юрий Афанасьев (Григорий Орлов) уонна Марина Корнилова (Матрена Орлова) оонньууллар. Декорациялары тыйаатыр худуоһунньуга Мария Иванова оҥорбут.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска Валентина Афанасьева түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0