Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра суруналыыстары кытта көрүстэ

Ааптар: 
14.03.2019
Бөлөххө киир:

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, аата да этэрин курдук, оҕоҕо, ыччакка кэрэни, сырдыгы, үйэлээҕи саҕар соруктаах үлэлиир.

edersaas.ru

Быйыл Арассыыйаҕа биллэрилибит Тыйаатыр сылыгар ханнык ис хоһоонноох бырайыактары олоххо киллэрээри сылдьалларын туһунан   тыйаатыр уус-уран салайааччыта, СӨ народнай артыыһа Алексей Павлов, режиссердар, артыыстар суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ билиһиннэрдилэр.

Оҕо тыйаатырдарыгар тустаах болҕомто ууруллар. Ол ону Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко Тыйаатыр сылынан Арассыыйатааҕы Оҕо тыйаатырдарын салайааччыларын кытта көрсүһүүтүгэр: “Тыйаатыр оҕо саастан саҕаланар”, — диэн бэлиэтээбитэ. Кырдьык, оҕо – бэйэтэ тыйаатыр: олох кыра эрдэҕиттэн кини куукуланан ийэ буола, лүөччүк, учуутал, атыыһыт буола оонньуур. Тыйаатырга кэлэн кини оонньуутун салгыытын көрөр. Онон кырачаан киһичээн өйө-санаата, толкуйа сайдарыгар оҕо тыйаатырдара суолталара сүҥкэн.

“Атын тыйаатырдааҕар “Үүнэр көлүөнэ тыйаатырдара” статустаах тэрилтэлэргэ үлэлиир айар куттаах дьон  үлэлэрэ олус уустук уонна ыарахан”, — диэн олус сөпкө бэлиэтээбитэ. Кырдьык, биһиги артыыстарбыт куобахтан саҕалаан тыкваҕа, куоскаҕа, Леди Аннаҕа, Джульеттаҕа, Король Лирга тиийэ оруоллары арыйаллар.

Ол да иһин биһиги артыыстарбыт тыа сиригэр гастролга бардахтарына тута оҕо уһуйааныгар тиийэллэр. Онтон оскуолаҕа тииийэн кыра кылаас оҕолоругар көрдөрөллөр. Киэһэ — оскуола үрдүкү саастаах оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо испэктээк. Онон Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара атыттартан уратылара – күҥҥэ үстүү испэктээги туруоран гастроллууллар. Санаан көрүҥ, хайдахтаах курдук биһиги артыыстарбыт сылайары билбэккэ, дьоҥҥо үөрүүнү эрэ бэлэхтиир соруктаах үлэлииллэрий! – диэн тыйаатыр уус-уран салайааччыта Алексей Павлов тыйаатырын туһунан билиһиннэриитин саҕалыыр.

2014 сыллаахха буолан ааспыт Култуура сылын “тыаһа-ууһа суох ааһан хаалбыта” диэн бэлиэтээн туран, быйылгы Тыйаатыр сыла эмиэ оннук биллибэккэ ааспата буоллар диэн санаатын эттэ. Алексей Павлов толкуйунан, маннык суолталаах сылларга ордук тыйаатыр материальнай  базаларыгар болҕомто ууруллара наада.

Саха сирин тыйаатырдарын Арассыыйа атын эригийиэннэрин кытта тэҥнээтэххэ, материальнай базалара быдан мөлтөх. Бу туһунан режиссердар, артыыстар да мунньах аайы этэллэр. Хомойуох иһин, ол кыһалҕаны оннуттан хамнатар кыах суох быһыылаах. Биһиги араас куораттарга сылдьан тыйаатырдар хааччыллыыларын, айар үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын көрөн-истэн ымсыырабыт эрэ. Ону ол диэбэккэ, Саха сирин бары тыйаатырдарын айар үлэлэрэ фонтан курдук өрө тыга сылдьар. Соҕуруу дойду тыйаатырдарыттан харыс да хаалсыбаппыт. Сорох түгэҥҥэ өссө ордук таһымҥа сылдьабыт диэххэ сөп, — диэн бэлиэтиир Алексей Павлов.

Тыйаатыр уус уран салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ народнай артыыһа биир хомолтотун анаан таарыйда:

Арассыыйа үрдүкү салатата култуураны уонна тыйаатыры сайыннарыы туһунан этиилэрэ, төһө да үөрэ истибиппит иһин, миэстэтигэр тиийбэккэ хаалан хаалаллар. Ол эрэгийиэн салайааччыларыттан быһаччы тутулуктаах. Кинилэр тустаах этиилэри ылынан олоххо киллэрэ барыахтаах эбиттэрэ буолуо. Олох туох да үлэ барбат диир сатаммат. Ол эрээри бэртээхэй ыйыы-кэрдии, бырайыак ситэ оҥоһуллубакка, олоххо киирбэккэ хаалара баар суол. Ол баар саамай хомолтото. Онон култуура уонна тыйаатыр сайдыытыгар бу маннык суолталаах сыллары өрөспүүбүлүкэ салалтата  ыйынньык уонна сорук ылынан үлэлиирэ буоллар, тыйаатыр уонна култуура сайдыытыгар улахан хамсааһын тахсыа этэ.

Салгыы Алексей Павлов Тыйаатыр сылынан быйылгы былааннарын билиһиннэрдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ айан суолун баттаһа, кэккэ улууска Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын күннэрэ ыытылла тураллар.

Ол эбэтэр тыйаатыр артыыстара айар отчуоттарын төрөөбүт улуустарыгар тиийэн ыытар бэртээхэй үгэстээхтэр.  Онон Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһын иитэн таһаарбыт нэһилиэк олохтоохторо саас аайы “күннүүллэр” эбит.

— Онно артыыстар испэктээккэ кэтэр көстүүмнэрин (онно бу таҥаһы тикпит иистэнньэҥ аата-суола суруллубут ыйынньыга баар), кинигэ, афиша, “программка” быыстапката барсар.

Ону тэҥэ тыйаатырбыт үлэтин-хамнаһын сырдатар видеокиинэ илдьэллэр. Ол курдук, киэҥ бырагыраамалаах күннэр Чурапчыга, Томпоҕо, Кэбээйигэ, Намҥа, Хаҥаласка, Аммаҕа ыыытылыннылар. Маны таһынан, артыыстарбыт төрөөбүт дойдуларыгар барыахтарын иннинэ улуустар хаһыаттарыгар кинилэр тустарынан матырыйааллары оҥорон ыытабыт. Ол курдук, Чурапчыга Анна Флегонтова, Матрена Павлова, Томпоҕо Мира Охлопкова, Евгений Шамаев уо.д.а. тустарынан бэйэлэрин биир дойдулаахтарын — Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһын туһунан матырыйааллары биллиннэр-көрдүннэр, кинилэринэн киэн тутуннуннар диэн бэчээккэ таһаартарабыт, — диэн кэпсиир Алексей Павлов.

Тыйаатыр айар үлэһиттэрэ кинилэри кытта бииргэ үлэлии сылдьыбыт дьоннорун эмиэ умнубаттар. Ол курдук, кэллиэгэлэрэ Семен Аммосов аатын үйэтитэр “Ис сүрэхтэн айыллыбыт ырыалар” өрөспүүбүлүкэтээҕи вокальнай ырыа куонкуруһун кини төрөөбүт дойдутугар Уус Алдан Майаҕаһыгар ыыппыттар. Хаҥалас улууһугар 21 уһуйаантан, 23 оскуолаттан 53 испэктээккэ биэс сүүстэн оҕо кыттыбыта.

Тыйаатыр сылыгар артыыстар идэлээх бырааһынньыктарын – Аан дойдутааҕы оҕо уонна ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин уонна Култуура үлэһиттэрин күнүгэр аналлаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын былаана киэҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох. Ол курдук, бу күннэргэ тыйаатыр үс улахан аһымал аахсыйаны, үс  куонкуруһу ыытыаҕа.

Кулун тутар 20 күнүгэр “Хомус төрүүр кистэлэҥэ” («Тайна рождения хомуса») диэн режиссер Александр Титигиров туруоруутугар шоу-бырагыраама бэлэмнэнэ сылдьар. Бу күн оҕолорго аналлаах бырааһынньык таһырдьа саҕаланан баран, испэктээгинэн түмүктэниэҕэ. “Оҕоҕо тыйаатырга сылдьарыгар кыахта биэр” диэн бастакы аахсыйа бу күн ыытыллыаҕа. Ол эбэтэр тыйаатырга кэлбит киһи бу бырааһынньыкка икки билиэти ылан баран, биирин элбэх оҕолоох ыал оҕото сылдьарыгар бэлэх быһыытынан уунар.

Маны таһынан, “Үтүө санаа сундууга” диэн Саҥа дьыл бырааһынньыгар оонньуурдары, оҕо таҥаһын хомуйбут аахсыйалара табыллан, Тыйаатыр күнүгэр элбэх оҕолоох дьон көрдөһүүтүнэн аны ас-үөл “сундуугун” тэрийэллэр.

Кулун тутар 25 күнүгэр Тыйаатыр сылынан “Культурнай минимум” диэн дойду үрдүнэн биллэриллибит оҕолорго тыйаатыр худуоһунньуктарын, иистэнньэҥнэрин, реквизиттэри оҥорооччуларын кытта көрсүһүүнү тэрийиэхтэрэ. Бу күн Вильям Шекспир “Ромео уонна Джульетта” айымньытынан “Таптал тыыннааҕын тухары”  (реж. Александр Титигиров) испэктээк туруоҕа. Испэктээги Татарстаҥҥа тиийэн көрдөрөр былааннаахтар.  Онно Ирантан, Турцияттан, Эстонияттан, Молдавияттан, Узбекистантан  тыйаатырдар кытта кэлиэхтэрэ. Онон уопут атастаһа уонна бэйэлэрин көрдөрө Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара анаан тиийиэхтэрэ.

Тыйаатыр өссө биир кэрэхсэнэр өрүтэ – оскуола үөрэнээччилэрин уонна устудьуоннары кытта бииргэ үлэлээһини ыытыыта. Ол курдук, Вера Ефремова тэрийиитинэн «Тускул» оҕо театральнай устуудьуйата ситиһиилээхтик үлэлиир. Артыыс Антон Ботаков медколледж устудьуоннарын кытта “Олох дьэбэрэтэ” испэктээги туруорарга бэлэмнииллэр. Ити курдук, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара «Берегиня» оҕо дьиэтин, киин куораттааҕы Саха гимназиятын, ХИФУ устулдьуоннарын кытта бииргэ үлэлэһэллэр.

Маны таһынан, тыйаатыр салалтата артыыстарын хоту улуустарынан хото ыытарын бэлиэтиэххэ наада. Ол курдук, былырыын Өймөкөөн улууһун олохтоохторугар ыалдьыттаабыт буоллахтарына, быйыл артыыстар Аллайыаха улууһугар барыахтара.

Бу курдук, сыччах 5 киһиттэн 54 үлэһиккэ тиийэ сайдыбыт Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үлэтин ис хоһооно олус киэҥ уонна ситиһиилээх. 1964 тутуллан үлэҕэ киирбит, уруккута Пионердар дыбарыастарынан биллэр дьиэ билигин Оҕо сайдар киинэ буолан турар. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үлэһиттэрин үлэлиир усулуобуйалара мөлтөҕө кинилэр саппаас аанынан таһырдьанан сүүрэн тиийэн, сценаҕа тахсалларыттан да көстөр. Ону ол диэбэккэ, тыйаатыр артыыстара испэктээктэринэн сири-сибиири бараан, Саха сирин дорҕоонноохтук ааттата сылдьаллар.

Суруналыыстары кытта көрсүһүүлэрин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үлэһиттэрэ:

Биһиги хаһан эрэ син биир саҥа тыйаатырданыахпыт. Онно бибилэтикэлээх, мусуойдаах, киинэ саалалаах, кыһыҥҥы оранжереялаах, зоопаркалаах, сып-сырдык киэҥ-куоҥ испэктээк туруорар саалалаах буолуохпут диэн ыра санаалаах, — диэн түмүктээтилэр.

Киһи бу маннык үлэлэригэр бэриниилээх дьону кытта кэпсэтэ олорон, кинилэр 27 сыл устата иитиэхтээн илдьэ сылдьар баҕа санаалара хайаан да туолуо диэн эрэнэ саныыр. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра – сарсыҥҥылаах, онон Тыйаатыр суолталаах сылыгар артыыстар барахсаттар иһирдьэнэн-таһырдьанан сүүрэ сылдьыбат гына, тыйаатырдарын дьиэтэ быһаарылларыгар ис сүрэхтэн эрэнэбит!

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0