Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Полюс. Золотой сезон» диэн куонкуруска бастаата
«Полюс. Золотой сезон» диэн эрэгийиэннэр тыйаатырдарыгар аналлаах куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр. Куонкуруска Красноярскай кыраайтан, Иркутскай, Магадаан уобаластарыттан уонна Саха сириттэн барыта 6 тыйаатыр кытынна. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастакы миэстэни Саха сириттэн Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра (“Хроника безумия” испэктээкил), иккиһи Мииринэйдээҕи тыйаатыр («Озор» испэктээкил) уона үсүһү Шарыпов куоратын драматическай тыйаатыра («Буратино» испэктээкил) ыллыллар. Кыайыылаахтар 6 мөл солк. үллэстэн, Дьокуускай куоракка быйыл бэс ыйыгар буолуохтаах «Территория. Якутск» диэн аныгы искусство бэстибээлигэр кэлэргэ айан ороскуотун толуйууга туһаныахтара.
Жанна Зарецкая, эспиэртэр сэбиэттэрин чилиэнэ: «Хас биирдии испэктээх сюжеттарынан ураты буолан биэрдилэр. Саха сирин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын «Хроника безумия» испэктээкилигэр Александр Титигиров көрөөччүлэри өлөрүөхсүт Раскольников «хараҥа саарыстыбатын” иһигэр киллэрэри ситистэ. Ураты турукка киллэртээтэ”, — диэн санаатын үллэстибит.
Түгэнинэн туһанан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кэлэктиибин үрдүк кыайыыларынан «РИИХ Сахамедиа” кэлэктиибин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.