Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра мөлтөхтүк көрөр оҕолорго анаан испэктээк туруорар

Ааптар: 
16.11.2021
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 19-20 күннэригэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сыанатыгар «Дьол тааһа» диэн хотугу норуоттар номохторунан мөлтөхтүк көрөр оҕолорго анаан испэктээги көрдөрүөхтэрэ. Испэктээк грант үбүнэн туруоҕа диэн тыйаатыр пресс-киннэ иһитиннэрэр.

Мөлтөхтүк көрөр эбэтэр көрбөт дьоҥҥо анаан өҥө тифлокомментирование дэнэр. Маныаха сыанаҕа туох буола турарын, туох мал-сал баарын, ким хайдах хамсаммытын барытын кэпсээн иһиэхтэрэ.

Тыйаатыр саҥа туруорар «Дьол тааһа» испэктээгин мөлтөхтүк көрөр дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи бибилэтиэкэлэрин кытта тэҥҥэ үлэлээн туруорар. Испэктээги бибилэтиэкэ үлэһитэ, идэтийбит тифлокомментатор кэпсиэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0