Күндү ааҕааччы, эн, бука оҕо хаһыатыгар суруйтарар буоллаххына, «Кэскил», «Юность Севера», «Чуораанчык» уонна «Колокольчик+» оҕо бэчээтин таһаарыылара саҥа таһымҥа тахсыбыттарын бэлиэтии көрдөҕүҥ.
Аан дойду сөҕүмэр үлүгэрдик сайдар кэмигэр хата, син сөпкө салайынан, дьаһанан үлэлиир ыччаттар баалларыгар махтанабыт! Көлүөнэни көлүөнэ солбуйар, кэми—кэм, сылы—сыл, ааҕааччыны—ааҕааччы.
Саҥа кэм ааҕааччыта саҥа буолар, ол чахчы. Сүрдээх түргэн өйдөөх-санаалаах, көрүүлээх-истиилээх, этэргэ дылы, кэлэн-баран, ааһан иһэн ааҕыан сөп. Ол да иһин, биһиги түөрт таһаарыыны холбоон, биир дьиэ кэргэн оҥорон, «Keskil.media» диэн ааттаан билигин куйаар ситимигэр тобус-толору баарбыт. «Методическай», «Цифровой трансформация» салаалара үлэлиэхтэриттэн ыла, ыччаты ааҕыы эйгэтигэр хайыһыннарар, иитэр-сайыннарар эйгэбит кэҥээбитэ лаппа биллэр.
«КЭСКИЛ МЕДИА ПРОДАКШН» издательство ютуб ханаалыгар киирэн көрдөххүтүнэ, эрбэҕи сэҥээриэххит уонна ылыныаххыт дии саныыбыт. Манна сүбэһиппит Анатолий Павлов-Дабыл #Утумнааһын, диэн ыйдарынан торуму оҥорор биэриилэрэ үгүс төрөппүтү да, оҕолору да тардар. Мэлдьи элбэх көрөөччүлээх буолар.
«Арассыыйа – мин устуоруйам» Арассыыйа ситимигэр киирэр саамай улахан мусуой үлэһиттэрин кытта «Устуоруйа уруоктара» (Борисов В.Б-Алтан Түһүнэй), Саха тыйаатырын кытта «Быыс» (тыйаатыр уруоктара), онтон да атын, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр анал үөрэх (устуоруйа, айылҕа үөрэҕэ, төрүт култуура, кыраайы үөрэтии…) биридимиэтигэр баар тиэмэлэргэ үөрэнээччилэргэ эбии матырыйаалы бэлэмниибит. Бу олус туһалаах уонна бэлэм туһанар паапка.
2021 сылга үөрүүлээх сонуммут — «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэтин Арассыыйаҕа «Гильдия межэтнической журналистики» (М.А.Лянге) ыытар «Медиафорум этнических и региональных СМИ» ыраахтан олорон көрөн, сыаналаан туран, пуорумҥа кыттарга ыҥырбыта, манна ыытыллыбыт «Смитворец» куонкуруска «Колокольчик+» оҕо уус-уран литературнай сурунаала I миэстэни ылбыта (ол туһунан биэриини QR кодунан үөһээ көр).
Оҕо бэчээтэ баар, хаһан да эстибэт уонна симэлийбэт аналлаах. Инникитин үүнэр көлүөнэ сүппэтин туһугар бу кыһа улахан уонна дириҥ суолталаах.
Николай Степанович Дмитриев
Хаһыат эппиэттиир сэкирэтээрэ, суруналыыс, суруйааччы. Бэйэтин рубрикаларыгар тахсыбыт матырыйааллары түмэн элбэх кинигэлэри бэчээттэппитэ: «История кырдьыгын омоон суолунан», «Адрес: юным пионерам Якутии», «Адресованные детям Якутии», «Долгун курдук куугунаан» (Н.Протопопова, М.Дьячковская, Н.Дмитриев), «Эдэр сэрииһиттэр», «Дьөппөн пионердара», «Разведчик быраата».
Николай Степанович өссө тыыннааҕар «Кэскил» 65 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан «История ыллыктара» диэн балаһаны бэлэмнээбит.
Быйыл оҕо хаһыата ыам ыйын 15 күнүгэр төрүттэммитэ 85 сылын туолар. Онон, биһиги бүгүн устуоруйа чахчытыгар олоҕуран, оччотооҕу кэмҥэ эргиллиэххэ.
«30-с сыллар саҕаланыыларыгар Саха сиригэр пионерскай тэрилтэ бөҕөргөөбүтэ. «Пионердар бэйэлэрэ туспа хаһыаттаах буолуохтаахтар» диэн оройуоннартан өрөспүүбүлүкэ салайар тэрилтэлэригэр суруктар, этиилэр кииртэлээбиттэрэ. Онон Оҕо коммунистическай тэрилтэтин Саха уобаластааҕы бюрота (председатель С.М.Гаврилов) оччотооҕу «Эдэр большевик» хаһыакка «Пионер кыһата» диэн сыһыарыы таһаартарбыта. Ити Саха сиригэр үөскүөхтээх пионер хаһыатын бэриэччитэ этэ.
…Бастакы кыыс барабаан охсон тиҥийэр, ортоку уол «Бэлэм буол» диэн суруктаах кыһыл былааҕы тэниччи туппут. Үһүс оҕо горннаах, В.И.Ленин, И.В.Сталин мэтириэттэрин, араас сиэдэрэй сибэккилэри күөрэччи туппут оҕолор парадтаан иһэллэр. 1936 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр итинник ойуулаах, сибиэһэй кырааска сыттаах хаһыаты Саха сирин оҕолоро аан бастаан ылан аахпыттара, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ…» Суруналыыс бу ыстатыйатыгар оҕо хаһыатын төрүттэммит устуоруйатын хайдах баарынан суруйар («Кэскил», алтынньы 26 күнэ, 2001 с.).
Николай Степанович «Кэскилгэ» мин үлэлиир
205-с кэбиниэтим утары олороро, хоһугар мэлдьи баар буолара. Оччолорго хаһыат нэдиэлэҕэ иккитэ тахсара, тохтоло суох оһоҕу оттор курдук бииртэн-биир нүөмэр ааҕыллар-сыыйыллар, верстката оҥоһуллар, типографияҕа утаарыллар. Барыта Николай Степанович дьаһалынан, бу дуоһунас саамай эппиэтинэстээх диэн көрөрүм сөрү-сөп эбит. Улахан, үрдүк уҥуохтаах, ачыкылаах киһи этэ. Бэлиэтэнэр, мээрэйдиир уһун линейкалаах буолара. «Кэскили» эрэ буолуо дуо, «Юность Севера» эмиэ көрөн ыытара. Нина Иннокентьевналыын биир дойдулаахтар, аймахтыы да курдук этилэр. Оҕолор, сиэннэр олох чугастык билсэллэрэ.
Биһиги билигин оччолорго Николай Степанович таһаарар рубрикаларын сөргүтэн эрэбит, ол курдук, «История омоон суолунан» диэн устуоруйаны кэпсиир, сырдатар балаһатын «Медиа-микс» халыыбынан (формат) таһаарабыт. Холобур, мусуойдар биирдии эспэнээттэринэн (QR кодтаах ыстатыйалар, ютуб ханаалга быһа кэпсиир анал киинэлээх) үөрэнээччилэр чинчийбит үлэлэрэ, наука эйгэтиттэн туһааннаах эспиэр санаата, өссө бу туһунан сиһилии арыйар видео-киинэлээх буолар (бу QR кодунан киирэҥҥин көр, иһит).
Кинилэр кэбиниэттэригэр төрдүө буолан олороллоро. Мин үлэлиир кэммэр (2000-2010 сс.) Николай Степанович – аҕа баһылыктара, хаһыаты таҥааччы Сардаана Мухина, худуоһунньук Дмитрий Мухин, хаартыскаҕа түһэрээччи Мария Васильева этилэр. Оксана Борисова атын кэбиниэккэ олороро, Николай Степанович солбуга буолан, билигин да хаһыаттарын көрөр, типографияны кытта биир ситимнээхтик үлэлиир. Отделга Юрий Троев, Алексей Степанов, Анастасия Собакина кэлитэлээбиттэрэ.
Николай Степанович наһаа үчүгэйдик ыллыыр этэ, эрэдээксийэ ыытар тэрээһиннэригэр, көрсөр үөрүүлээх түгэннэрбитигэр мэлдьи ырыа доҕуһуоллаах буолара. Екатерина Анатольевналыын убай-балыс курдук олус истиҥ сыһыаннаах буолаллара.
Мин бүгүн илиибэр суруналыыс «Письма детям Саха сирэ» диэн биир эрэ кинигэтин ылабын. Балачча халыҥ, 363 сирэйдээх, манна ааптар 1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыргыспыт биллиилээх полководецтар, космонавтар, лүөччүктэр, суруйааччылар, артыыстар, учуонайдар, бэлитиичэскэй диэйэтэллэр Саха сирин оҕолоругар анаан суруйбут ахтыыларын, эҕэрдэ тылларын, аккырыыккаларын хомуйбутун түмпүт. Саамай суолталааҕа диэн, хас биирдиилэрэ Саха сирин кытта кинилэри туох ситимниирин арыйан суруйар. Кинигэ эриэккэһэ манна сытар.
Саха суруналыыстыкатын Далбар Хотуна
Нина Иннокентьевна Протопопова
Нина Иннокентьевна далааһыннаах, ыллыктаах, инники көлүөнэ сайдыытын өтө көрөн тэрийбит «Оҕо бэчээтин кыһатын» туһунан, бука, уһун кэмнэргэ ыччакка кэпсиэхпит турдаҕа.
Ити 2013 сыллаахха этэ… «Юность Севера» хаһыат кулун тутар 8-с күнүнээҕи нүөмэригэр бу курдук бэчээттэммит:
“Почетный редактор газет Нина Иннокентьевна Протопопова выступила с предложением создать детское издательство, объединив все детские печатные издания, а также попросила поддержки в материально-техническом обеспечении редакции. Президент дал поручение Генеральному директору Целевого фонда будущих поколений РС (Я) Евгению Николаевичу Сидорову решить все материальные вопросы.
Нас, детских журналистов, очень вдохновили слова Президента о том, что газеты «Кэскил» и «Юность Севера» —хорошие, воспитывают детей на положительных примерах. Похвалил также и журнал для малышей «Чуораанчык».
Ити тэрээһиҥҥэ мин эмиэ кыттыбытым. Нина Иннокентьевналыын бииргэ барбыппыт. Оччолорго «Чуораанчыкка», «Колокольчикка» эрэдээктэрдиирим, «Сахабэчээт» тэрилтэтин иһинэн баар этибит. Егор Афанасьевичка туһаайан тыл эппитим, хомойон-хоргутан туран, ол тылбын хаһан да умнубаппын. Сурунаалларым баара-суоҕа 16 страницалаахтарын, быстартан-быстар саамай мөкү кумааҕыга бэчээттэнэрбитин (ВХИ-гэ) уонна сылга 8-та бэчээттэнэртэн ый аайы бэчээттэнэр буолар баҕабын эппитим, эбии худуоһунньук штатын туруорсубутум. Ол барыта биир ыйааҕынан олоххо киирбитэ, туолбута. Нина Иннокентьевна үйэлээх баҕа санаата буолуо дии саныыбын — хаһан да, хайдах да балаһыанньаҕа кимтэн да, туохтан да тутулуктаммат, көйгөтүллүбэт оҕо бэчээтин эйгэтин тэрийии. Ил Дархан Егор Борисов бу этиини өйөөбүтэ, оҕо сурунааллара холбоһон эмиэ биир ыйааҕынан «ГАУ РС (Я) Детское издательство» диэн буолбуппут. Кыһабытыгар Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аата арыычча тохтуу түһэн баран иҥэриллибитэ. Ол иннигэр Оҕо бэчээтин аатыгар тохтоон ааһыым. Эрэдээксийэлэр уопсай мунньахпытыгар куоластаан, боротокуолунан «Сайдыс» диэн буолбуппут (илии баттааһыннаах докумуон билигин миэхэ баар), онтон тоҕо эрэ кэлин «Кэскил» диэн ааты иҥэрбиттэр этэ.
Нина Иннокентьевна хаһыаттарыгар биир саамай улахан сүрүн уонна суолталаах дьаһалынан «Хаһыат историятын мусуойун» тэрийиитэ буолар. Билигин Оҕо бэчээтин кыһата социальнай ситимнэргэ «Keskil.media» диэн ааттанан сайдыы саҥа таһымыгар тахсар. Анал методическай уонна цифровой трансформация салаалара аһыллан, олох сайдыытыгар сөп түбэһиннэрэн, туһааннаах хайысхалаах үлэни тэрийэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инникитин баар буолуохтаах «Парк будущих поколений» оҕо-ыччат сайдар киинигэр мусуойбутун кэҥэтэн, билиҥҥи кэм ирдэбилинэн сайдыы суолугар олорсон, «мультимедийнай-интерактивнай» гынар баҕа санаа баар. Оччотугар оҕо ааҕар эйгэтигэр дьоһун суолталаах бу кииҥҥэ ааҕааччылар мустуо этилэр, оттон үлэһиттэр уонна төрөппүттэр манна сыстан «Музейная педагогика» диэн салааны тутуһан оҕо бэчээтин устуоруйатыттан саҕалаан, билиҥҥи кэмнээҕи матырыйаалларынан үлэлиэ этибит.
Бүгүн Нина Иннокентьевна суруйан хаалларбыт суруктарыттан биирдэстэригэр тохтоон ааһыам.
Оҕону иитии боппуруостарыгар
«Оскуолаҕа өр сылларга учууталынан, дириэктэринэн үлэлээбит Владимир Алексеевич Кондаков оҕону, ыччаты иитиини чугастык ылынан, ити боппуруоһу араас өттүттэн ырытан, учууталларга, төрөппүттэргэ, ону сэргэ оҕолорго бэйэлэригэр туһаайан үгүс элбэх ыстатыйаны «Кэскил» хаһыакка бэчээттэтэр. Кини ыстатыйалара тыла-өһө баайынан, суруллуута судургутунан, тиийимтиэтинэн, ааҕарга тартарыылааҕынан хаһыат улахан да, оҕо да ааҕааччыларын болҕомтолорун тардаллар, сэҥээриилэрин ылаллар.
Бөлүһүөк, этнопедагог, историк, норуот духуобунай култууратын иҥэринэ сылдьар киһи быһыытынан, ааптар суруйуулара оҕону толкуйдатар, норуотун үгэстэрин ытыктыыр, сиэрин-майгытын тутуһар, айылҕаны кытта сатаан алтыһар киһи буолан үүнэн тахсарыгар иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноохтор. Норуот үҥэр-сүктэр итэҕэллээх, бэйэтэ алтыһар тыллаах буоллаҕына эрэ норуот буолар, киһи ис кыаҕа муҥура суох, ону сиэрдээхтик туһаныы уонна арыйыы тустарынан бөлүһүөктүү ис хоһоонноох ыстатыйалар «Санаа уонна тыл ис кистэлэҥ күүстэрэ», «Киһи уонна талаан» хастыы да нүөмэргэ тахсыбыттара.
Итэҕэл уонна саха итэҕэлин үгэстэрин туһанан «Аар Айыы итэҕэлэ», «Айыы итэҕэлин сүрүн төрүттэрин туһунан кылгастык», «Былыргы итэҕэлбит хайдах этэй?», «Аар Айыы итэҕэлэ уонна тенгрианство», «Миссионерство. Айыы Тойон таҥара. Торуойусса», «Былыргы сахалар күнү-дьылы хайдах ааҕалларый?» ыстатыйалар бэчээттэммиттэрэ.
Владимир Алексеевич бэйэтэ ырыаһыт, муусуканы ымпыктаан өйдүүр да буолан уонна үрдүк интеллектээх саха киһитин быһыытынан норуотун култуурата, искусствота сайдыытын, уруккутун, билиҥҥитин ырытан-ырыҥалаан көрөр. Искусствобыт, литературабыт талааннаах дьоно умнууга хаалаары гыммыттарын сөргүтэн, онтон долгуйарын биллэрэн, Илья Перевалов, Николай Баскаров, Марк Жирков, Матвей Лобанов, Екатерина Захарова тустарынан дьиктилээхэй ыстатыйалары суруйтаабыта. Суруйааччылар тустарынанан «Арбита — үөһээ сырдык Айыы ырыаһыта», Иван Гоголев, Сайа тустарынан суруйууларын ааҕааччы астына ылыммыта.
Владимир Алексеевич кыра оҕо эрдэҕиттэн эһэтэ Сэмэн Уус оҕонньортон саҕалаан (ол туһунан хаһыакка суруйбута) былыргы сэһэнньиттэри элбэҕи истэн, историк быһыытынан ону мунньан, сааһылаан, бэйэтэ туспа духовнай мунньунуулаах буолан, саха былыргы күүстээх, араас дьоҕурдаах дьонун туһунан кэрэхсэбиллээх суруйуулардаах. Олортон «Кэскилгэ» «Оройко бухатыыр», «Кэрэ киһи уола – аймахтарын, чугас билэр дьонун өйдөбүллэригэр», «Сахаларга бухатыырдар бааллара дуо?», «Бычырдаан уонна Буучугурас», «Бадыл ойуун», Чирков тустарынан суруйуулардаах.
Бүгүҥҥү үөрэнээччигэ, билиҥҥи олоҕу ырытыыга туһаайыллыбыт «Бүгүҥҥү үөрэнээччи, хайдах олороҕун?», «Туох кэмҥэ олоробутуй?» диэн элбэх нүөмэрдэргэ тахсыбыт ыстатыйаларыгар билии, идэ, норуот идэҕэ иитэр үгэстэрин, ааспыт устуоруйаҕа, айылҕаҕа сыһыан тустарынан толкуйдатар, кэпсэтиигэ ыҥырар учууталларга да, оҕолорго да аналлаах дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйалара тахсыбыттара».
Нина Протопопова,
«Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар
кылаабынай редактордара.
Суруналыыстыкаҕа сирдээбит киһим
Варвара Николаевна Угарова
Варвара Николаевнаҕа сыһыаран, биири этиэхпин баҕарабын. Дьылҕабар махтанабын, кини билигин үлэлиир айымньылаах үлэбэр — эйгэбэр сиэтэн киллэрбит, элбэххэ үөрэппит киһим буолар. Биһиги отделбыт дьоллоох уйата, хоһо 205-с этэ. Мин манна лоп-курдук кинини кытта 10 сыл бииргэ алтыһан үлэлээбитим. Командировкаларга элбэхтэ да айанныырбыт, дьон гиэнэ үтүөлэрэ, оҕолор, үөрэнээччилэр, ааҕааччылар, учууталлар бу кэбиниэппитин толороллоро.
Варвара Николаевнаттан мин биир үтүө хаачыстыбаҕа үөрэммитим – дьону кытта киһилии сатаан кэпсэтэргэ: саастаах киһини кытта сааһыран туран, эдэр дьоннуун эдэрдии, оҕолуун оҕо курдук. Мин дьоммун, эбэбин, убайдарбын билэрэ, мэлдьи ыйытар-сураһар этэ. Иккис ылыммыт үтүө өрүтүм, арааһа, бу олорон санаатахпына, салайар-дьаһайар, тэрийэр сатабыл. Кинини истэ-көрө олорон үөрэнэрим.
Бүгүн Варвара Угарова «Уһуйар, Угуйар, Умсугутар — Учуутал» диэн 2010 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтиттэн Амма Аччыгыйын туһунан бастакы өйдөбүлүн суруйбутун билиһиннэриим.
«Николай Егорович редакция үлэһиттэрин хас биирдиилэрин ааттыы-ааттыы, сүүстэриттэн сыллаталаан ылла. Уочарат миэхэ кэллэ:
— Ээ, били саҥа киһибит, Угарова дии. «Эдэргэ» өр үлэлээбитиҥ буолбаат?! Бэрт буоллаҕа, — дии түспүтэ уонна эмиэ сүүспүттэн сыллаан ылбыта. Онно долгуйбуппуон… «Бэлэмнэргэ» бэйэ киһитэ буола оҕустаҕым ол.
Сайын үгэннээн турдаҕына Николай Егоровичка «Бэлэм буоллар» эрэдээксийэнэн даачатыгар хайаан да тахсан күүлэйдиир идэлээхтэрэ. Ол үтүө үгэс Николай Егорович баарын тухары биирдэ да кэһиллибэтэҕэ. Онтон биир көрсүһүүнү сэһэргиим. Оҕолуун-уруулуун, дьиэ кэргэттэрбитин илдьэ даачатыгар кутулла түстүбүт: «Бай, дьонум тоҕо анньан кэллилэр, тоҕо баҕас үчүгэйэй?» — дии-дии, үөрэн-көтөн, хааман-сиимэн түөрэҥэлиир. Ол быыһыгар: «Бу хайаларай?» — диэн оҕолорбутун, практиканнарбытын ааҕа сураһар.
Мординовтар тэлгэһэҕэ сирэй оһоххо майгынныыр оһохтоохтор. Онно уот отто охсон, кыһыл чоххо эт үөллүбүт. Сорох чэй өрдө. Атыттар тэлгэһэҕэ уһун-уһун остуолу тартыбыт. Николай Егорович уолаттарыныын кэпсэтэ-кэпсэтэ, сөрүүн дьиэҕэ уксааннаары тэриннилэр. Ол кэмҥэ Авксентий Егорович тиийэн кэллэ. Уксаан тохтоото, ол оннугар сэһэн-тэптэл өссө хойунна. Чэй оргутан, остуол тардан аһаан эрдэхпитинэн, аны коллегаларбыт, тэлэбиидэнньэлэр кэллилэр — Николай Егоровиһы устаары үһү. Суруналыыс Елена Миронова: «Чахчы табыллыбыт мин буоллум. Соҕотох киһини уста кэлбитим, хата, хаан-уруу «Бэлэм буолларын» кытта холбоһор буолбуппут”, — диэн үөрүүтэ муҥура суох. Даача да оҕолоро ол күн бэркэ астыммыттара. Түгэнинэн туһанан, тэлэбиидэнньэ уп-уһун массыынатын үрдүгэр ыттан, бэркэ диэн «айааһаабыттара».
Ити кэмҥэ даачатын ыаллара, сэрии бэтэрээнэ, СГУ преподавателэ В.В.Алексеев, өрөспүүбүлүкэ эмиэ биллэр киһитэ, архитектор И.А.Слепцов баар буола түспүттэрэ. Аһыы олорон Николай Егорович кинилэргэ туһаайан:
— Эһиги миигин көннөрү оҕонньор диигит, көрүҥ эрэ, мээнэ күҥҥэ хайдахтаах курдук элбэх киһи миигин ааттаан кэлбитий? — дии-дии, тэбэнэттээхтик күлбүтэ”.
улахан суруналыыс
Николай Прокопьевич Васильев
216-с кэбиниэт мээнэҕэ буолбатах курдук. «Дедушка-а» диэн минньигэстик ааттыыр Николай Прокопьевич кэбиниэтигэр билигин үлэлиибин. Манна Амма Аччыгыйа уонна кини буоланнар, үйэлэрин тухары «Бэлэм буолга», кэлин «Кэскиллэригэр» үлэлээн ааспыттара. Истиэнэбэр Амма Аччыгыйа уонна Рафаэль Баҕатаайыскай мэтириэттэрэ бу көрөн олороллор.
«Николай Прокоп!» ити курдук эрэдээксийэҕэ таптаан ыҥыраллар этэ. Мэлдьи ып-ыраас, мап-мааны, кырыылаах бүрүүкэлээх көстүүмнээх уонна хаалтыстаах. Аны буочара диэн, каллиграфическай дьикти үчүгэй этэ. Нина Иннокентьевна грамоталары, араас эҕэрдэ аадырыстары киниэхэ суруйтарара.
Николай Прокопьевич «Кэскилгэ» үлэлээбитин тухары литература салаатын салайбыта, Саха сирин суруйааччыларын үгүстэрин хаһыатын тула муспута. Оҕоҕо аналлаах литературнай куонкурустары хото ыытара, билигин дьиэбэр баар «Суобас» диэн кинигэҕэ эрэдээктэрдээбитэ. Үлэҕэ олох бастакынан мэлдьи кини баар буолара. Уон сыл бииргэ алтыһан үлэлээбиппитигэр эһэм курдук саныыр күндү киһим биирдэ кыыһырбытын көрбөтөҕүм. Наһаа сылламсах уонна оҕолуу үөрүнньэҥ, майгылаах бастыҥа, талааннаах суруналыыс, суруйааччы этэ.
Быйыл биһиги «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата хаһыаппыт үбүлүөйүгэр анаан тапталлаах, ытыктыыр суруналыыспытыгар, ССРС бэчээтин туйгунугар, «Бэлэм буол» («Кэскил») литератураҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Николай Прокопьевич Васильевка анаан уолаттарга туһуламмыт «Айар уол» литературнай куонкуруһу тэрийэн ыыттыбыт. Суруналыыс биир дойдулаахтара, Үөһээ Бүлүү Оҥхойун оскуолата уонна дьиэ кэргэнэ кыттыгастаах буоллубут.
Татьяна Жиркова,
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, СӨ үөрэҕириитин, бэчээтин