Сорох дьон Дмитрий Давыдов саҥа киинэтэ ааспыт ый ортотуттан киинэ тыйаатырдарыгар тахсыбытын соһуйа истэллэрэ буолуо. Саха сиригэр бу киинэ улахан премьерата, тыаһа-ууһа суох саҕаламмыта, сүрүннээн дойдубут киин куоратыгар эрэ киинэ кириитиктэрин иннигэр сүрэхтэммитэ. Дьиҥэр, дьон болҕомтотун тардар, мөккүөрү күөдьүтэр күүһүнэн Давыдов саҥа киинэтэ иннинээҕи киинэлэриттэн өссө күүстээх буолуон сөп дии санаатым.
Киинэ ис хоһооно, туруга
“Сахафильм” салайааччыта, үгүс киинэ продюсера Сардаана Саввина урут интервью кэмигэр кэпсээн турардаах: “Ийэкээм” киинэни устуу саҕаланыан иннинэ Дима гастарбайтер туһунан киинэ сценарийын көрдөрбүтэ. Ол кэмҥэ устуу үбүн барыллаан көрөн баран, кэнники кэмнэргэ хаалларбыппыт. Аҕыйах ый ааспытын кэнниттэн били “Триумфка” түмсүүнэн түмүктэммит атааннаһыы буолбута. Онно сөҕө санаабытым, худуоһунньук айдарыылаах киһи өтө көрөр күүһүн”.
Киинэ бэрт кыратык нууччалыы саҥарар, Киргизияттан саҥа кэлбит эдэркээн уолчаан кими эрэ көрдөөн (киинэ бүтэһигэр эрэ биллэр, кими көрдүүрэ) Саха сиригэр кэлбитин туһунан кэпсиир. Киинэ устатын тухары элбэх уустуктары, эрэйи көрсөр. Хара маҥнайгыттан полиция көҥүлэ суох кэлбит миграннары тутар облаваларыгар түбэһэр, онтон кулут кэриэтэ дьону тутар биир дойдулааҕын хабалатыгар киирэр, ырыынакка атыыһыттыыр. Хаһаайыныттан төлө көтөн, көрдүүр киһитэ Амма улууһугар баарын билэн айаҥҥа турунар, суолун устата араас дьону көрсөр.
Бу да сырыыга Давыдов режиссер туох жанрга киинэтин устубутун субу диэн чопчу этэр уустук. Бастаан миграннар көстүбэт олохторун кэтээн көрдөрөр киинэ эмискэ бандьыыттар туһунан триллэргэ кубулуйар, онтон айаны хоһуйар “роудтрип” сыыйа олох туһугар айылҕаны утары туруулаһыы “survival” жанрыгар майгыннаан барар. Өлөрсүүлээх иирсээҥҥэ алҕас тыыннаах хаалан баран, уулла илик хаардаах сааскы кэмҥэ эчэйбит атахтаах, бэрт мөлтөх атах таҥастаах уол ханна эрэ сытар Михайловка диэки дьулуһар…
Өйдөһүү уонна сыһыан
Ол эрэн, бу хартыына сүрүн ис хоһооно мүччүргэннээх сырыы туһунан буолбатах (Дмитрий Давыдов атын айымньыларын көрбүт киһи ону сэрэйэрэ чуолкай). “Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр” диэн өс хоһооҥҥо этиллэр кырдьыгы бу киинэ араас туһаайыыттан кыҥаан көрдөрөр. Бастаан бэйэтин билэр тылынан кэпсэтэр дьон эйгэтигэр син тыл быктаран дьону кытта алтыһар уол, атын эйгэҕэ ыраатан истэҕин аайы саҥатыттан матан, тыла суохха кубулуйан иһэр. Бастаан “нелегал” кыратык нууччалыы билэр буолан, тутуу үлэтигэр буолбакка, ырыынакка атыыһыт быһыытынан турар. Ол эрэн, дьону кытта алтыһыыга тыл эрэ туһалаабат – эдэр “нелегал” социальнай үөрүйэҕэ олус намыһах түҥкэтэх оҕо, бэрт судургу да быһыыга-майгыга быһаарсыбат. Үгүс эрэйэ онтон сылтаан тахсар. Сатаан ыйыппат, көрдөспөт, сөптөөх көрүҥү ылына сатаабат уолчаан билбэт сиригэр-уотугар сойуоланар кыыл кэриэтэ турукка киирэр, наар куотар, саһар аакка түһэр. Режиссер маны барытын көрөөччүгэ кини иһиттэн кэтээн көрүүгэ чугаһата сатаабыт. Куорат иһинээҕи сырыытын уһун фокустаах объективынан уол тулалыыр эргимтэтин ыкса кыаратан (“глубина резкости” диэн фото-кино үлэҕэ туттуллар ньыманы туһанан) көрдөрөллөр, тулалыыр эйгэ омооно эрэ көстөр. Айылҕаҕа тахсыбытын кэннэ муусука оннугар дөйбүт киһи төбөтүгэр чуҥкунааһыҥҥа майгынныыр тыаһы туһанан, хамсаабат каадырдарынан тулалыыр эйгэни көрдөрөн, киинэ дьоруойун ис туругар киллэрэ сатыыллар.
Уолчаан ыар балаһыанньата бэйэтин эрэ холуон туттуутуттан тахсыбат – тулалыыр дьон тыйыс, атын киһиэхэ өһүөмньүлээх сыһыаннарыттан тахсар. “Хантан кэлбитэ биллибэт киһини тоҕо көмүскэһэҕин?” диэн буруйдуур үөгүлээһин киинэҕэ көстөр үгүс дьон атын киһиэхэ сыһыаннарын уопсай туругун көрдөрөр.
Өһүргэтэр холуннарыы?
Дьэ манна эмиэ Давыдовы маҥнайгы киинэтиттэн батыһар сэмэлиир санаа ситэн кэлэр. “Нелегал” эмиэ сахалыы саҥалаах дьону бөрүкүтэ суох өттүттэн көрдөрөр. “Эмиэ” диир оруннаах – “Костер на ветру” киинэҕэ арыгыһыт ийэлээх оҕо ускул-тэскил сылдьара көстөр, “Ийэкээм” киинэҕэ түөһэйбит ийэлээх киһини биир дойдулаахтара холдьоҕон куоракка үүрэллэр, “Пугало” сүрүн дьоруойун, экстрасенс дьахтары дэриэбинэ олохтоохторо ыыстыыллар, атаҕастыыллар. Бу киинэҕэ быстарбыт айанньыкка көмөлөһүөх оннугар киэр кыйдыыллар, онноҕор өлөрө сыһаллар.
“Туох ааттаах сахаҕа өстүйбүт нууччаный?” диэн санааны хас да киһиттэн истибитим. Эрдэттээҥи киинэлэрин туһунан хаста даҕаны суруйбут тойоннооһуммун кылгастык хатылаан көрүүм. Биллэн турар, Давыдов киинэлэригэр сахаларга үөдүйбэтэх быһыы-майгы, сыһыан суруллара баар суол. Тус бэйэм, айылҕаттан айдарыылааҕынан ааттаммыт киһини “түөкүн быһыылаах” диэн уорбалаатахпына даҕаны атаҕастыыртан туттунуом этэ. Оттон түөһэйбит эмээхсин хайдах даҕаны быһыыланнаҕына, төрөөбүт дэриэбинэм олохтоохторо үүрэн ыыппаттара чахчы. Онон эппиэт бэрт чугас сытар – Давыдов киинэлэрэ сахалар туһунан буолбатах. Кини уопсайынан социальнай дырааманы бэрт ырааҕынан таарыйар, сүрүнэ дьон-сэргэ глобальнай кыһалҕаларын сыныйан ырытыыга, психологическай туруулаһыы туругун иһиттэн көрдөрүүгэ сытар.
Бу сырыыга айымньы сэһэнэ арыый уустук оҥоруулаах. Бастатан туран, көстөр хартыына кэпсэнэр киһи хараҕынан көстөр. Ол эбэтэр, сорох түгэннэрэ кини куттаммыт, түҥкэтэх өйүгэр үөскүүр оҥорон көрүү буолуон сөп. Сатаан көрдөспөтөҕүн өһүөмньүлээх харданан ааҕара, өйдөөбөт тылынан кэпсэтиини кинини утары киксиинэн өйдүүрэ, уоран куоппутун өлөр кутталга тэҥниирэ бэйэтин өйүгэр эрэ баар буолуон сөп.
Ону кытта дьиҥнээх олоххо дьон араас буолара эмиэ көстөр. Үтүө сыһыаннаах дьон киинэҕэ син элбэхтэр (такси суоппара, бырадьаагалар, кусчут оҕонньор уо.д.а.), ону кытта уолу аҥаардас атын омук буоларын иһин абааһы көрөр дьон эмиэ бааллар. Биир эпизодка Библия Эргэ Заветыгар хоһуллар Лот оҕонньор ыалдьыттарын көмүскүүрүн туһунан үһүйээни көнө цитата курдук устубута Дмитрий Давыдов сахалар эрэ туһунан буолбакка, киһи-аймах туһунан кэпсиирин эбии туоһута буолар.
Амма уолаттара үүнэн иһэллэр
Бу хартыына оҥоһуутун өттүттэн көрдөххө, Давыдов уонна Семенов тандемнара өссө үрдүк таһымҥа тахсыбытын саарбаҕа суохтук туоһулуур. Оҥоруу уонна олоххо киллэрии өттүттэн олус уустуктук толкуйдаммыт уонна таҥыллыбыт айымньы икки маастар күүстээх үлэлэриттэн тахсыбыта көстөр. Иван Семенов режиссер Давыдов киинэлэрин барытын кэриэтэ устубут оператор, бэйэ бэйэлэрин өйдөһүүлэрэ үрдүк таһымҥа тахсыбыт, маны киһи сөҕө эрэ көрөр. Уус-уран айымньы быһыытынан “Нелегал” саха киинэтин саҥа чыпчаалга таһаарар үлэ.
Давыдов биир сүрүн талаанынан идэтэ суох артыыстары кытта үлэни сатыыра буолар. Бу сырыыга Аммаҕа олорор биир дойдулаахтарын эрэ буолбакка, Киргизияттан, Арменияттан сылдьар дьону кытта үлэлэспит уонна дьону кытта үлэлэһэр дьоҕурун өссө биирдэ дакаастаабыт диэххэ сөп. Оскуола оҕолорун кытта өр сылларга үлэлээбит педагог буолара биллэҕэ? Хартыына сүрүн дьоруойдара Эржан Даулетбеков уонна Степан Бурнашев-ст. (саха киинэтин режиссера Степан Бурнашев аҕата) иккиэн идэтэ суох артыыстар, уһулуччу итэҕэтиилээхтик оруолларын толорбуттар. Өскөтүн Степан Бурнашев-ст. бу иннинэ “Ыт” киинэҕэ быстах оруолу оонньообут эбит буоллаҕына, Эржан Бишкеккэ олорор оскуола оҕото, киинэҕэ уһулла Арассыыйаҕа бастакытын кэлбит. Каадыр иһигэр бэрт холкутук “олоҕу олороллоро” режиссер талаана уонна артыыстар айылҕаттан дьоҕурдаахтара холбоһууларыттан төрөөн таҕыстаҕа.
Түмүккэ
Өһүргэнии тиэмэтигэр төннөн кэллэххэ, мин санаабар, ити бэрт бэлиэ сибики. Туора дьоҥҥо сыһыан кэнники кэмҥэ бэрт уустук тургутууну ааһар кэмнэрэ бүрүүкээтилэр быһыылаах. “Атын” киһини сэнээһин, абааһы көрүү, туоратыы олоххо баар суол. Куһаҕан таҥастаах, өйдөммөт саҥалаах киһи чугаһаан тугу эрэ көрдөстөҕүнэ, куруутун көмө-ама буолааччыбыт дуо? Өйдөммөт түгэҥҥэ бастакынан туох санаа үөскүүрүй – уорбалааһын дуу, аһыныгас санаа дуу? Күүркэтии быластаах сэһэн өһүргэтэр күүстээх буоллаҕына, мантан сылтаан толкуй үөскүүр буоллаҕына, “Нелегал” уус-уран айымньы быһыытынан бэйэтин сыалын сиппит диэххэ сөп. “Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах” диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ, ханнык да түгэҥҥэ, дьону “бэйэ-туспа” диэн араарбакка эйэлээхтик сыһыаннаһа сатыаххайыҥ.
Егор КАРПОВ