Маҕараска ньээм-ньээм оттон мүөт оҥороллор

27.05.2020
Бөлөххө киир:

Күөххэ үктэннибит. Сотору кэминэн сир-сир аайы, күн бытархайыттан көбүөр тэлгэтэн, ньээм-ньээм оппут барахсан, чаҕылыйан тахсыаҕа. Бу Алтан төбө — ньээм-ньээммит тула өттүнэн туһалааҕын билэн эрдэххит.

Оттон Горнай улууһун Маҕарас бөһүөлэгин олохтооҕо Жоржетта ТЕКЕЯНОВА ньээм оттон сайын устата мүөт оҥорорун билэҕит дуу?  Суох буоллаҕына, оччотугар, бүгүн кини мүөтүн ырысыабын эһигинниин үөрэ-көтө үллэстэр:

Ньээми, үүммүтүн көрөн, бөһүөлэктэн тэйиччи сиртэн, эбиэт иннинэ хомуйабын. Эбиэттэн киэһэ ньээм (алтан төбө) сибэккилэрэ утуйаллар. Сиэним көмөлөһөр. Кумуччу барбатаҕын талан ылан, уопсайа 400 устуука ньээм оту бакыакка хомуйабыт.

Бастаан ууга көннөрү сайгыыбын, онтон ыраас уу кутан, 3-4 чаас устата туруорабын. Ньээм сибэккитин сиидэлээн баран, миискэҕэ 0,5 лиитэрэ ууга буһара уурабын. Оргуйарын саҕана 800 гр. саахар  уонна 1 лимоны орто соҕус кыра гына кырбаан, кутабын. Лимону сиэмэтин ылабын. Хахтааҕа арыый аһыы буолар, онон хаҕын ыраастыыр ордук. Уотун мөлтөтөбүн, сотору-сотору булкуйабын, 30-40-ча мүнүүтэ буһарабын. Күүгэнин баһан ылабын.

Ньээм-ньээм мүөтэ чээйи кытта үчүгэй. Доруобуйаҕа туһалаах. Оҕоҕо сөтөлгө иһэрдиэххэ сөп. Ньээми күһүҥҥэ диэри үргүөххэ сөп. Биир сырыыга 4 кыра бааҥка мүөт тахсар”.

ЫСПЫРААПКА

Жоржетта Ивановна Текеянова  Горнай улууһун Маҕарас бөһүөлэгин “Айтал” түөлбэтин 25-с сылын салайар. Кини — “Саха сирэ” хаһыат өрдөөҕүттэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, литературнай викториналарын кыайыылааҕа, призера, “Эдэр саас” сайт ааптара. Сыл ахсын түөлбэтин иһинэн “Дружная семейка” дьиэ кэргэн лааҕырын үлэлэтэр. Айылҕа кэрэ көстүүлэрин хаартыскаҕа түһэрэр, ас астыырын таптыыр, онтон да атын сөбүлүүр  дьарыктардаах.

Дьүөгэлэриниин, Дьокуускайга “Туймаада” ыһыаҕар алгыстаах алаадьы астыыллар. Жоржетта Ивановна “Арчы Дьиэтэ”  духуобунай киин ыытар “Күн төгүрүк алаадьы” күрэҕэр мэлдьи кыттар. Алаадьы 28 көрүҥүн астыырынан биллэр. Икки төгүллээх “Сайдам Далбар Хотун” аат уонна “Сиэри-туому утумнааччы” аат амарах хаһаайката.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0