Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина үүнээйи сиэмэтин тымныыга тутуу (стратификация) сүрүн ньымаларын билиһиннэрэр.
Сиэмэни тымныыга тутуу (стратификация) үс ньымата баар. Бастакытынан, сиэмэни эрдэ ылан баран холодильник иһигэр (+ 4-5° C) үс хас ый сытыарыллар. Онтон ороон ылан баран буорга олордуллар. Дьэдьэни сиэмэнэн олордуу бытаан, отонун эрдэ хомуйуоххутун баҕардаххытына сэтинньиттэн олордор ордук. Кэлин тохсунньуга олордор буоллулар.
Иккиһинэн, түргэнник тымныыга тутан ылыы. Сиэмэни биир күн морозильникка (- 25-30° C) хоннорон ылан баран олордуу.
Үсүһүнэн, сиэмэни холодильникка укпатах буоллаххытына, хаары туһаныаххытын сөп. Бэйэ оҥоһуу булкаас эбэтэр маҕаһыыҥҥа атыыланар пресстэммит торфяной “Крепыш” буоргутугар ууну кутан үлүннэрэҕит. “Крепыш” торфяной таблетка курдук үллэн тахсар. Маны көннөрү буору кытта булкуйар ирдэнэр (тэҥ састааптаах эбэтэр чиэппэринэн). Холобур, клубниканы да, дьэдьэни даҕаны маҥнай бүрүөһүннээх кыра контейнердарга олордор табыгастаах, тоҕо диэтэххэ сиэмэлэрэ аһара бытархайдар. Быгарыгар микроклиматы ирдиир. Сөбүгэр көрөн аһыллар-сабыллар. Буору 10-ча сантиметр халыҥнаах гына кутабыт, олус илиппэккэ, сииктээх эрэ буоларын курдук уу кутуллар. Үрдүгэр таһырдьаттан киллэриллибит хаары 3-5 см. халыҥнаах гына тэлгэтэбит, сиэмэбитин таммалатабыт, хаар сыыйа ууллар, сиэмэ буорга аллараа түһэр. Буорунан сабыллыбат. Эбэтэр буор үрдүгэр сиэмэни ыһан баран хаарынан бүрүйэбит. Кэмиттэн-кэмигэр арыйан салгылатабыт.
Сиһилии ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: glav-dacha.ru