Кырдьаҕаһы эбэтэр кыамматы көрөр ньээҥкэни хайдах талыахха?
Бэл, Бразилия сериалларыгар баайдар негры үлэҕэ ылалларыгар тииһин көрөллөрүн курдук, билигин биһиэхэ да ньээҥкэни таларга кэккэ ирдэбиллэри туруорар ордук.
“Кырдьар –кырыыс” диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Куоракка кыаммат кырдьаҕастары көрүүгэ-истиигэ үгүс дьон ньээҥкэҕэ наадыйаллар. Ону нууччалыы “сиделка” диэн ааттыыллар. Кыамматы уонна ыарыһах киһини көрөр ньээҥкэни булар уустуктардаах. Бастаан араас биллэриилэринэн көрдүөххүн сөп. Аныгы үйэҕэ уулуссаттан киирэр туора киһи, дьиҥэ, сэрэхтээх. Онон маннык үлэһити хайдах талабытый.
Бастакыта. Үлэҕэ ыларгар хантан төрүттээҕин, олорор аадырыһын, дьиэ кэргэнин, урут тугу үлэлээбитин туһунан туоһулас.
Иккиһэ. Сааһа — олус суолталаах боппуруос. Ньээҥкэнэн үксүгэр 60-70 саастаахтар үлэлии сатааччылар. Оҕолоругар, сиэннэригэр көмө буолаары, биэнсийэлэрин сыыһыгар эбинээри. Дьиҥинэн ыллахха, саастаах үлэһиттэр ордуктар. Эппиэтинэстээхтэр, асчыттар, кырдьаҕас киһиэхэ туох наадатын билэллэр, үлэ бириэмэтин тутуһаллар. Ол эрээри бэйэтэ саастаах киһи кырдьаҕас, кыаммат ыарыһаҕы көрөрө тус бэйэтигэр ыарахан буолуон сөп. Көрөр киһитин остуолга аһата илдьэрэ, туалекка киллэрэрэ ыарахаттардаах буолуоҕа. Оттон эдэр саастааҕы ыллаххына, эйигиттэн тулуур ирдэнэр. Бу киһигин көрүү-истии ымпыгар-чымпыгар үөрэтэргэр бириэмэ наада.
Үсүһэ. Кыаммат кырдьаҕаһы уонна ыарыһаҕы көрөр үлэһит арыгыны олох иһиэ суохтаах. Бастаан хайаан да ити туһунан үлэҕэ ылар киһигиттэн малтаччы ыйыт. Ньээҥкэҕэ күн аайы хамнас төлөнөр буолан, сотору кэминэн куһаҕан дьаллыктара көстүөхтэрин сөп. Үлэҕиттэн дьиэҕэр кэллэххинэ, утуйан хаалбыт үлэһити буллаххына да көҥүл. Онон бу олус сэрэхтээх боппуруос. Арыгыны иһэр киһини олох чугаһатыма!
Төрдүһэ. Үөрэхтээҕэ, үөрэҕэ суоҕа олох суолтата суох. Кылаабынайа – эппиэтинэстээх үлэһит буолуон наада. Ньээҥкэҥ үгүстүк кроссворд тутуурдаах кэлэр буоллаҕына, дьиҥинэн, соччото суох. Умсугуйан олорон таайа олорор киһини кырдьаҕас киһи эрэйдээх туохха эмэ наадыйан ыҥырдаҕына да, хоруй да, көмө да ылымыан сөп. Сорох ньээҥкэлэр иистэнэллэрин сөбүлүүллэр. Эн дьиэҕэр кэлэн тирии имитээри тииһиэхтэрэ. Итинниги тута бобоҕун.
Бэсиһэ. Агентстволар нөҥүө кэлэр да үлэһиттэр үксүгэр доруобуйаларын туругун туоһулуур киниискэтэ суох буолаллар. Өссө саамай сэрэхтээҕэ бу буолар. Онон киниискэтин булгуччу ирдиэххин наада.
Алтыһа. Аныгы үйэҕэ суотабай сибээс сайдыбыта ньээҥкэ үлэтин эмиэ атахтыыр. Тоҕо? Үгүс бириэмэтин суотабайынан кэпсэтиигэ бараан, көрөр-истэр үлэтэ мөлтүөн сөп. Ону эмиэ наһаа аралдьыйбатын курдук эрдэттэн этиэххин наада.
Сэттиһэ. Табахтыыр үлэһити чугаһатыма. Сотору-сотору табахтыы тахсарыгар ыарыһаҕы соҕотохтуу быраҕыа, ол кэмҥэ араас барыта буолуон сөп.
Ахсыһа. Ньээҥкэҕэ хаһан даҕаны дьиэ күлүүһүн биэримэ.
Ити курдук, бэйэҥ ирдэбиллэргэр сөп түбэһэр ньээҥкэни булан баран, кини үлэтин хайдах толороругар болҕомтоҕун уураҕын. Күннээҕи үлэтин отчуоттуур курдук “дневник” да толорторуоххун сөп. Эн үлэҕэ сылдьар кэмҥэр араас күүтүллүбэтэх түгэн үөскээтэҕинэ эрийэрин курдук бары наадалаах төлөпүөннэр, ол иһигэр хаһаайын гиэнэ киниэхэ баар буолуохтаахтар.
Мин маннык сүбэлэрбин туһаннаххытына, сүрэхтээх, суобастаах, бэрээдэктээх ньээҥкэни булуоххут.
Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, http://edersaas.ru/