Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ахсынньы 28 күнэ — тохсунньу 4 күнэ)
Хой
Өр көрсүбэтэх дьоҥҥун көрсөн уруккуну-хойуккуну саныаҥ. Саҥа билсиһии улахан доҕордоһууга кубулуйуон сөп. Онон симиттэн, кыбыстан турбакка аһаҕас буоларга кыһан. Саҥа сылы көрсө санааҥ өрө көтөҕүллүө. Таптал кутаатыгар ылларыаҥ.
Оҕус
Үлэттэн-хамнастан сынньанан дьиэ кэргэн түбүгэр түһүөҥ. Дьиэ кэргэҥҥэр уу-нуурал сырдык эйгэ. Ыраахтан аймахтар, доҕоттор кэлэн үөрдүөхтэрэ. Саҥа мал-сал атыылаһан санааҥ көтөҕүллүө.
Игирэлэр
Санаабыт санааҕын тута олоххо киллэрэргэ дьулуһар күүстээх санаалааххын. Ол эрээри мындыр, киэҥ көҕүстээх буоларыҥ ирдэнэр. Дьон эн майгыгын тургутан көрөр кэмэ. Дьиэ кэргэҥҥин кытта ыраах айаҥҥа турунууҥ ситиһиини тосхойуо.
Араак
Тус олоххор уустук кэм үүммүт. Үгүс сыллар усталара сиппэтэх санааҥ санаа баттыга буолан мэһэйдиир. Дьону кытта алтыһаргар сэрэхтээх буол. Аһары итэҕэйэр наадата суох. Аһыы утаҕынан үлүһүйүмэ.
Хахай
Аҕам саастаахтары кытта уопсай тылы булар уустугурбут. Эрэннэрбит тылгын толорбокко сылдьаргыттан хомойуохтарын сөп. Дьон туһугар кыһанар-мүһэнэр буоллаххына, эйиэхэ эмиэ көмөлөһүөхтэрэ.
Кыыс
Талааныҥ арыллар кэмэ. Эбии дохуот булунаргар тоҕоостоох кэм. Саҥа билиини ылар кэм. Эбии үөрэххэ, дьоҕус куурустарга үөрэнии ситиһиини эрэ аҕалыаҕа. Тапталга табыллар кэм.
Ыйааһын
Үп-харчы өттүгэр уустук кэм эрээри, онтон санааҕын түһэрэр наадата суох. Уруккуттан былааннаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэр сөптөөх бириэмэ үүммүт. Харчыга харыстабыллаахтык сыһыаннас.
Скорпион
Саҥа толкуйдаргын олоххо киллэрэргэ дьулус. Барыта орун-оннугар буолан санааҕын кынаттыа. Чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол. Чугас дьонуҥ ситиһиилэрэ үөрдүөҕэ.
Охчут
Урут алтыһан ааспыт доҕотторуҥ соһуччу күөрэйиэхтэрэ. Онно бэлэм буол. Былааҥҥын ыспат туһуттан бириэмэҕин сааһылыы үөрэн. Сулумах охчуттарга саҥа билсиһии, истиҥ сыһыан үөскүөн сөп.
Чубуку
Дьиэҕэ-уокка болҕомто уурарга уолдьаспыт. Санааҕын ситэргэр кыра да наада. Харчыгын мунньунан уруккуттан ымсыырбыт малгын атыылаһыаххын сөп. Чугас киһигин кытта сыһыаныҥ тупсуо, таптал иэйиитигэр куустарыаҥ.
Күрүлгэн
Доруобуйаҕытыгар буортулаах аһылыктан туттунар наада. Тус олоххутугар уларыйыы суох. Арай ыраахтан сурах-садьык истиэххин сөп. Доҕотторуҥ, аймахтарыҥ тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Дьоҥҥо дьэллэм, үөрүнньэҥ буол.
Балыктар
Ыраах айан ситиһиилээх буолуоҕа. Саҥа дьоннуун алтыһыы, биисинэскэ табыллыы санааҕын көнньүөрдүө. Оттон ыраах айаҥҥа туруммат да буоллаххына, аймахтары, чугас дьону кытта алтыһыы настырыанньаҕын көтөҕүө.