Хой
Убаастыы саныыр дьонуҥ санаалара олоххор улахан быһаарыныы ылынаргар көмө буолуоҕа. Саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэр тоҕоостоох кэм үүммүт. Онон бириэмэҕин сөпкө аттарынарыҥ наада.
Оҕус
Уһуну-киэҥи толкуйдуур кэм үүммүт. Олоххун уларытаргар, санааҕын ситиһэргэр табыгастаах күннэр туруохтара. Сөптөөх быһаарыныы духуобунас өттүнэн байаргар уонна сайдаргар саҥа суолу арыйыаҕа.
Игирэлэр
Саҥа дьыл иннинээҕи түбүктэр ыган кэлбиттэр. Бу иннинэ наар үлэнэн үлүһүйбүт буолаҥҥын барыаххын-кэлиэххин баҕараҕын. Ол сылдьан саҥа дьону кытта билсиэҥ, үөрүүлээх сонуннары истиэҥ.
Араак
Настарыанньаҕыттан олоххор ылынар быһаарыныыҥ улахан тутулуктаах. Нэдиэлэ саҥата сүпсүлгэн, кэлии-барыы үгүс буолууһу. Ол эрээри эйиэхэ чуумпу эйгэ наада буолбут. Быыс булан сынньана сатаа.
Хахай
Үп-харчы өттүнэн уустуктары көрсүүһүккүн. Бэйэҕин салалтаҕа аһара үчүгэй өттүнэн көрдөрөргө дьулуһаҕын. Ис дьиҥэр олоххо, дьоҥҥо барытыгар көтүмэх сыһыаннааххын. Итини туоратарга кыһан. Дьон да ылыныа этэ.
Кыыс
Санааҥ көтөҕүллүүһүк. Доруобуйаҥ дьэ, тупсууһук. Элбэх битэмииннээх ас-үөл, сибиэһэй салгын эйиэхэ туһалыаҕа. Нэдиэлэ ортото саҥа дьыл сүпсүлгэнигэр оройгунан түһүүһүккүн. Онуоха сэниэ, үчүгэй настарыанньа барыта баар.
Ыйааһын
Урукку өттүгэр ылса үөрүйэҕэ суох дьыалаҥ умсугутууһук. Саҥа былааннар үөскүүһүктэр. Бу санааҕын чугас киһигин кытта үллэстэн өйөбүлү ылыаҥ. Доруобуйаҥ этэҥҥэ.
Скорпион
Уһун кэм устата санаа аалыыта оҥостубут кыһалҕаҕыттан дьэ, босхолонууһуккун. Иэскин-күүскүн төлөөн өрө тыыныаҥ. Үлэҕэр-хамнаскар эриэ-дэхси. Арай тус олоххор санааҕын куруук искэр тутаргыттан өйдөспөт түгэн үөскүөн сөп.
Охчут
Үөрүүлээх тэрээһиннэр номнуо саҕаламмыттар. Сүпсүлгэн, сүүрүү-көтүү бу барыта эн сөбүлүүр дьарыгыҥ. Эн холорук курдуккун. Барытын ситэҕин, кыайаҕын уонна өссө сынньанаргар быыс булаҕын.
Чубуку
Чуумпу кэм. Ол да иһин чугас дьоҥҥор болҕомто уурар бириэмэлэммит курдуккун. Ол эрээри бырааһынньык сүпсүлгэнэ эйигин улаханнык долгуппат. Нэдиэлэ ортото уһуктубут курдук буолуоҥ. Кылгас кэм иһигэр элбэх дьыаланы биирдэ ситээри ыгылыйыаҥ.
Күрүлгэн
Хас биирдии тылгын-өскүн, хардыыгын толкуйдаан сырыт. Арыый уустук кэм саҕаламмыт. Кэпсэппит дьоҥҥор барыларыгар эрэнимэ. Бу тыҥааһыннаах нэдиэлэ ааһыаҕа. Ол эрээри дьону кытта тоҥуй сыһыаны хаалларыан сөп.
Балыктар
Үгүс үөрүүлээх, долгутуулаах түгэннэр күүтэллэр. Ол эрээри бу бэйэҕиттэн улахан тутулуктаах. Аһары дьиэ-уот кыһалҕатыгар үтүрүйтэрэн олорон хааллаххына, тоҕоостоох түгэни куоттарыаххын сөп.