Хой
Бу нэдиэлэ эйиэхэ уустук соҕустук ааһыа. Күүтүллүбэтэх быһыы-майгы, сүпсүлгэн буолуон сөп. Чэппиэргэ бэйэҥ тускунан тугу да кэпсээмэ, онтон сэдиптээн сымыйа сурах-садьык тарҕаныан сөп. Нэдиэлэ бүтүүтэ саҥа, умсугутуулаах бырайыактартан туттунуҥ — күүппүт курдук буолуо суоҕа.
Оҕус
Бу нэдиэлэҕэ доҕотторгуттан даҕаны, табаарыстаргыттан даҕаны сэрэн — кинилэргэ кутурук маһа буолан харчыгынан ороскуотуруоххун сөп. Нэдиэлэҥ таһаарыылаах буолары наадатыгар тулалыыр дьоҥҥор былааннаргын олох кэпсээмэ. Бээтинсэҕэ көрдөһүү киирдэҕинэ аккаастаабакка, ис сүрэххиттэн толоро сатаа. Инньэ гымматаххына, салайааччыгыттан оройго охсуллар куттал баар.
Игирэлэр
Бу нэдиэлэҕэ сылайар уонна чуҥкуйар куттал баар. Наһаа элбэх туруоруммут былааннарыҥ, оннооҕор эн курдук үлэһит киһини сылатыахтара. Ыра санааларгын арыый хааччахха тут. “Барыта үчүгэй буолуо” диэн санааны тутус.
Араак
Билигин иккис талааҥҥын арынар, үлэҕэр саҥа батыһааччылары буларгар бэртээхэй кэм. Эйиэхэ манна күлүүс курдук биир информация тиийбэт, ону көрдөө. Буллахына, бэйэҕиттэн бэйэҥ астыныаҥ. Туларыыр дьонуҥ сыыһаллар — ону тулуй, аныгыскы нэдиэлэҕэ кинилэр махталларын билиэҥ.
Хахай
Үлэҕэр саҥа бырайыагы сүктэрээри сылдьаллар. Эйиэхэ ону этэ иликтэр. Эрдэттэн билэр, бэлэмнэнэр гына тута салайааччылар киирэр оргууй кэпсэт, бил. Туһата улахан буолуо. Өрөбүллэргэ тус олоххор астык түгэннэр үүнүөхтэрэ.
Кыыс
Бу нэдиэлэҕэ араас аамайданар хампаанньаларынан күүлэйдии ыҥыра сатыахтара. Аккаастанаҥҥын чуумпу сирдэри көрдөө. Чэппиэргэ биир кыһалҕаны быһаарарга кэтэх өттүн кичэйэн көр, уу аннынааҕы сүүрүк баар. Нэдиэлэ бүтүүтэ төһө баҕарар айаннаа — табыллыаҥ.
Ыйааһын
Бу нэдиэлэҕэ биир санаалаахтаргын кытта тутуһан үлэлээ. Оптуорунньукка интэриэстэр аалсыылара буолуоҕа. Кыратык сыҕарый, наһаа принциптэһимэ. Бээтинсэҕэ эбиэт саҕана харчыланар сураххын истиэҥ.
Скорпион
Интэриэһинэй соруктары ылыаҥ. Билиигин, күүскүн барытын туһаннаххына, үчүгэй түмүккэ кэлиэҥ. Укпут кылаатыҥ тиллиэ, салайааччыҥ хамнаскар эбилик оҥорорго кыһаллыа.
Охчут
Бу нэдиэлэҕэ эн суолталаах быһаарыы иннигэр туруоҥ. Сир-уот боппуруоһа буолуоҕа. Манна сөптөөх быһаарыыны ылынаргар хаан-уруу киһиҥ өй угуо. Өрөбүллэргэ, өй үлэлээх киһи буоллаххына харыгынан, хары үлэлээх буоллаххына — өйгүнэн күүскэ үлэлиэҥ.
Чубуку
Бу нэдиэлэ — быстах түмүктэри таһаарар кэмиҥ. Үчүгэйэ диэн, бу нэдиэлэҕэ эн урут таһаарбыт сыыһаларгын кэбэҕэстик көннөрүөҥ. Холобур, кыыһырдыбыт киһигэр тоҕоостоох түгэҥҥэ истиҥник дорооболос — бүттэ. Нэдиэлэ бүтүүтэ күрэстэһэр табаарыстар баалларын биллэриэхтэрэ.
Күрүлгэн
Бу нэдиэлэҕэ саҥата үлэҥ соҕотохто уустугура түһүө. Дипломатия күүһүн туһаннаххына эрэ этэҥҥэ аһарыаҥ. Итиэннэ табаарыстарыҥ уруккуттан кыайбакка сылдьар боппуруостарын быһаарар саҥа идея киириэ. Бастаан ону таптыыр киһигэр эт. Өссө тупсарар сүбэни ылыаҥ.
Балык
Этэргэ дылы, “ва-банк” барар кэм. Ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэлээ. Урут биэрбит тылгын туттаххына, улахан барыс киириэ. Чугас дьонуҥ көмөтүттэн аккаастаныма. Бэйэҕин рекламаланар кэмиҥ. Саамай сөптөөх толкуйу өстөөҕүҥ угуо.
Прокопий БУБЯКИН бэлэмнээтэ.