Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ыам ыйын 5-12 күннэрэ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хой

Үүммүт нэдиэлэ элбэх сыраны ир­­дииһик. Бары эн болҕомтоҕор наады­йаллар. Оҕоҥ буоллун, кэргэниҥ буоллун. Соҕотох хойдор бу нэдиэлэ устата улахан түбүккэ түһүөхтэрэ.

Оҕус

Дьону кытта тапсаҕын, дьон да эйигин ылынар. Онон үлэҕэр-хамнаскар улахан уустуктары көрсүбэккин, арай аймахтары кытта сыһыан тыҥаабыт. Маны сымнатарга айылҕаҕа сылдьыы, бииргэ бырааһынньыктааһын туһалыаҕа.

Игирэлэр

Оҕолорго болҕомто уурар кэм. Эрдэҕэс саастаах оҕолордоох төрөппүттэр уһун өрөбүллэри оҕолоргутун кытта атаарарга дьулуһуҥ.

Араак

Тапталга табыллар кэм. Бүөм соҕус сылдьан чуумпу дьолу харыстыыр кэм. Онон үчүгэй сонуну ыһа-тоҕо туора дьоҥҥо кэпсээмэ.

Хахай

Ситиһиилээх кэм, барыҥ-барыта табыллар, өрө көтөҕүллэр үтүө кэм. Түгэни туһанан улахан былааннары олоххо киллэрэргэ дьулус.

Кыыс

Айар үлэҕэр ситиһиилээх кэм. Барыаххын-кэлиэххин саныыгын. Биир санаалаахтаргын кытта саҥа бырайыак толкуйдуурга тоҕоостоох кэм.

Ыйааһын

Айылҕаҕа сылдьыы, чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытта алтыһыы үгүс үөрүүнү аҕалыаҕа. Кытаатан бу күннэргэ салгыҥҥа сылдьа сатаа.

Скорпион

Таптыыр киһиҥ аахайбакка са­­нааҥ оонньоон ылыаҕа. Бу нэдиэлэ устата чуумпутук сылдьан санааҕын сааһылыырыҥ ордук.

Охчут

Ыарахан үлэттэн сылайбыккын. Ханна эрэ ыраах барыаххын баҕараҕын. Чуумпуга талаһаҕын. Өрөбүллэргэ айылҕаҕа сылдьан сынньана сатаа.

Чубуку

Чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буоларыҥ наада. Наһаа кыраттан са­­нааҥ түһэр эбит. Ити хаачыстыбаҕыттан босхолоно сатаа.

Күрүлгэн

Ыраах айан ситиһиилээх буолуоҕа. Саҥа дьоннуун алтыһыы санааҕын кынаттыа. Саҥа идиэйэ, толкуй киирдэҕинэ тута дьону кытта үллэстэ охсорго ыксаама. Искэр ситэри буһаран үүннэрэриҥ ордук туһаны аҕалыа.

Балыктар

Дьиэҕэр-уоккар сыһыаннаах наадалаах малы-салы атыылаһан астыныаҥ. Кыраттан да үөрэр ураты майгыҥ дьону кытта сыһыаны олохтуургар көмөлөһөр эбит. Онон доҕоттордуун көрсүһүүттэн аккаастаныма.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0