Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ыам ыйын 19-26 күннэрэ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хой

Сайын кэлбитэ дууһаҕар биллэр. Айылҕаҕа көҥүл сылдьыаххын, сынньаныаххын баҕараҕын. Кыраттан да үөрэр дьоҕуруҥ тулаҕын сырдыктык көрөргөр көмөлөһүө. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси.

Оҕус

Бэйэҕиттэн балыс саастаах киһи бииси­нэс эйгэтигэр этии киллэриэн сөп. Кини ситиһиилээх, киириилээх-тахсыылаах. Ис санааҕын иһит. Чугас дьонуҥ сүбэлэрэ маныаха көмө буолуоҕа.

Игирэлэр

Айар дьоҕуруҥ арыллар кэмэ. Тугу эмит суруйуоххун, айыаххын эбэтэр уруһуйдуох­хун сөп. Эйигин тулалыыр дьон наһаа талааннаах киһи быһыытынан ылынар. Дьон убаастабылын ылар кэмиҥ.

Араак

Үп-харчы дьыалатыгар табыллар кэмиҥ. Дьыалабыай кэпсэтии ситиһиилээх буолуоҕа. Сиргэ сыһыан­наах дьыалаҕа болҕомтолоох буоларыҥ наада. Тапталлааххын кытта сыһыан тыҥаабыт. Бэйэҥ эрэ эппиккин өрө тутума.

Хахай

Оҕолоруҥ үөрдэллэр. Чугас киһи өйүүр, өйдүүр. Онтон ордук бу олоххо суох да кэриэтэ. Үлэҕэр кэллиэгэлэргин кытта сыһыаныҥ эриэ-дэхси. Арай тус олоххор, доруобуйаҕар болҕомто ууруһуккун, атаххын тоҥорбокко сырыт.

Кыыс

Дьиэ кэргэҥҥэр өйдөспөт быһыы-майгы тахсыан сөп. Эн куруук бэйэҕин буруйдана саныыр эбиккин. Бэйэҕин сыаналаммаккыттан арыт ардыгар мунчаараҕын. Талааҥҥын таба туһаннаххына, үбү-харчыны киллэрэр кыахтааххын.

Ыйааһын

Доҕотторгун көрсөҥҥүн сэргэхсийиэххин, көччүйүөххүн саныыгын. Бу уустук кэмҥэ үпкүн-харчыгын харыстаан тутун. Иэскэ киирэ сатаама. Тапталлааххын кытта сыһыан үчүгэй. Инники былааннар үөрдэллэр, көмө күүппэтэх өттүгүттэн кэлиэн сөп.

Скорпион

Наһаа соҕотохсуйбуккун. Ким да эйигин өйдөөбөт курдук. Бэйэҥ майгыгын арыый уҕарытан, ииттинэн, дьоҥҥо табатык сыһыаннас. Аһыы утаҕынан үлүһү­йүмэ. Успуордунан дьарыктан, битэмииннээх аһы аһаа.

Охчут

Өр сыллаах былааныҥ туолуон сөп. Бэйэҥ кэмҥэр эн да барытын тулуйдуҥ. Онон харса суоххун киллэрэн олоххун саҥалыы хараххынан көрөн сайдарга дьулус. Саҥа дьиэ-уот туттуоххун, харчыгын бырыһыаҥҥа уурдаран барыһырыаххын сөп.

Чубуку

Дьону кытта сыһыаннаһыыга киэҥ көҕүстээх буолуоххун наада. Харчыгынан мээнэ ыһыахтаныма. Арай кыаммат-түгэммэт аймахтарыҥ көрдөстөхтөрүнэ, көмөлөһөртөн аккаастаныма. Кэлин уон оччонон эргиллиэҕэ.

Күрүлгэн

Саҥа киинэ эбэтэр кинигэ ааҕан дуоһу­йуоҥ. Бэйэҕин сайыннарар кэмиҥ. Бу бүгэр чуумпу кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥин кытта бииргэ буоларыҥ наада. Саҥа аймахтар кэлиэхтэрин сөп.

Балыктар

Кэтэх санаалаах сылдьаргыттан эн да сылайбыккын. Олоҕу судургутук ылын. Таптыыр киһиҥ аттыгар, оҕолоруҥ этэҥҥэ буоллахтарына, ол дьол. Оттон соҕотох балыктарга дьоллоох түгэн тосхойуо. Урут сэҥээрэ сылдьыбыт киһиҥ болҕомто ууруоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0