Нэдиэлэтээҕи гороскоп: ТОХСУННЬУ 13-20 КҮННЭРЭ

Бөлөххө киир:

ХОЙ

Бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан ылсан үлэлииһиккин, ол туһалаах үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Саҥаҕа, атыҥҥа үөрэнэртэн куттаныма, талааҥҥын арыйаргар сөптөөх кэм. Бэйэҕин саҥалыы арыйан, олоҕуҥ күөстүү оргуйуо.

ОҔУС

Ааспыт нэдиэлэ күүрээннээхтик ааспыт буоллаҕына, бу нэдиэлэ чуумпуну,
уоскулаҥы бэлэхтиэ. Ол эрээри аһары
холкутаан, балаһыанньаны ыһыктан
кэбиһэр табыллыбат. Дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор болҕомто уурарга уолдьаспыт.

ИГИРЭЛЭР

Тылга-өскө киирэн биэриэххин сөп.
Арыый туттуна соҕус сырыт диэн бу сырыыга сулустар сүбэлииллэр. Нэдиэлэ
ортотуттан барыта орун-оннугар түһүөҕэ. Сөбүлүү көрбүт эбэтэр уруккуттан ымсыырбыт малгын атыылаһан санааҥ көнньүөрүө, доҕотторгун, дьүөгэлэргин кытта ирэ-хоро сэлэһиэҥ.

АРААК

Үлэҕэр эйигин тургутар кэм саҕаламмыт.
Урукку да өттүгэр маннык түгэннэр буолуталаабыттара, ону барытын этэҥҥэ
ааспытыҥ. Кыһалҕа барыта эн төбөҕөр
баар. Ардыгар суоҕу оҥорон көрөн улахан таһаҕас оҥостоҕун. Онон бэйэҕэр эрэллээхтик, холкутук сырыт.

ХАХАЙ

Дьиэ кэргэн кыһалҕата инники күөҥҥэ
турууһук. Оҕолор бойкуоттуохтарын,
сөпсөспөт майгыларын көрдөрүөхтэрин сөп. Наһаа барыларын хонтуруоллуур кытаанах майгыгын арыый уҕарытан, уопсай тылы буларга дьулус.

КЫЫС

Саҥа соруктары туруоруммуккун. Дьон
эн тускунан элбэҕи арааһы кэпсэтэр буолбут. Ол эрээри сыаллаах-соруктаах
киһи быһыытынан тыал хайа диэки үрэригэр кыһаммакка хардыылаан ис. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ.

ЫЙААҺЫН

Бу нэдиэлэ ыксаллаахтык саҕаланыыһык. Былааннаргын барытын
сааһыланан, бириэмэҕин сатаан аттарыннаххына, барыта сатаныыһык.
Оҕолоргун кытта айылҕаҕа, салгыҥҥа сылдьан дуоһуйан, доҕоттору кытта көрсөн санааҥ көнүүһүк.

СКОРПИОН

Ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Бу айан олоҕуҥ суолугар улахан оруоллаах. Онон барытыгар болҕомтолоох уонна
боччумнаах сыһыаннаах буоларыҥ
ирдэнэр. Ситиһиилээх ый эйиэхэ саҕаламмыт.

ОХЧУТ

Уустук кэмнэр бүрүүкээбиттэр. Үп-харчы
кыһалҕата ыгыыһык. Аттыгар өйүүр
дьон суоҕуттан санааҥ оонньуон сөп,
ол эрээри тоҕо эрэ бэйэҕэр баар эбии
дохуот булунар талааҥҥын болҕомтоҕо
ылбаккын. Аҕам саастаах дьахтар ити талааҥҥын ыйан, ис санааҕар эрэли үөскэтиэ.

ЧУБУКУ

Сылайбыккын, тугу гыммытыҥ барыта сатаммат курдук. Ити ааһар, быстах
бириэмэ. Саҥа дуоһунаска ананыаххын
сөп. Саараабакка, сып-сап хамсаныаххын наада. Олоххор саҥа кэрдиис кэми түстүүр кэми мүччү тутума.

КҮРҮЛГЭН

Чуумпу кэм, үлэҕэр-хамнаскар барыта этэҥҥэ. Билиҥҥиттэн сайыҥҥы былааннаргын саныырыҥ наада. Бу нэдиэлэ устата уу-нуурал холку эйгэттэн
бэйэҥ да соһуйуоҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ соһуччу этиилэр киириэхтэрэ.

БАЛЫКТАР

Дьиэ кэргэҥҥэр, тус олоххор уустук кэм.
“Олоҕуҥ бэйэҥ илиигэр” диэн этиини
умнубатыҥ наада. Оҕолорго, чугас
аймахтаргар болҕомто ууруоххун наада.
Кэлин бу кыһалҕа эйигин эккирэтэ сылдьыбатын курдук билиҥҥиттэн быһаарына сырыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0