ХОЙ. Бутууртан тэйиччи тутун, ыксаллаахтары кытта бу күннэргэ ыксалаһыма. Туохха ылсыбытыҥ барыта сыаналанарын, дьон сөбүлүүрүн курдук толкуйдан. Эрэннэрбиккин толорорго кыһалын.
ОҔУС. Сыарҕаҕын алыс бытаардыма. Сорудаҕы бүтэрэн ис. Доруобуйаҕын көрүн. Бу күннэргэ хамсаныы-имсэнии туһалаах буолуо. Ыраахтан сонун истиэҥ, кэһии тутуоҥ.
ИГИРЭЛЭР. Дьон санаатын тулуйан иһит, болҕомтоҕун уур. Ол үлэҕэр да, үөрэххэр да туһалаах буолуо. Дьону кытары уопсай тылы буларга кыһалын. Кэпсэтэргэр тылгар-өскөр сэрэхтээх буол.
АРААК. Күүс, сэниэ үөһээттэн кутуллар курдук буолуо. Онуоха үлэҕэр элбэҕи кыайа-хото тутуоҥ. Уруккуттан былааннаабыккын олоххо киллэрэргэ кыһалын. Табыллыа.
ХАХАЙ. Дьулуурдаах буоллаххына, элбэҕи ситиһиэҥ. Ол гынан баран, чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума. Дьиэҕэр бу күннэргэ өйдөспөтөххүнэ, иирсээн өр соһуллуон сөп.
КЫЫС. Бэйэҕин эрэ санаан баран сылдьыма. Чугас дьоҥҥун өйдөө, кинилэргэ көмөлөс. Олус истиҥ көрсүһүү күүтэр. Ыраахтан үчүгэй сонуну истиэҥ, ол эйиэхэ күүс-уох биэриэ.
ЫЙААҺЫН. Дьон-сэргэ тоҕуоруһар сиригэр сылдьа сатаама. Иирсээҥҥэ, мөккүөргэ да кыттыһыма. Доҕоргун кытары сыһыаҥҥын эмиэ быһаарсыма. Оттон тулуурдаах буолууҥ кэлин үчүгэйи түстүө.
СКОРПИОН. Бу күннэргэ бэйэҕэр бүгэриҥ ордук. Элбэх киһи мустар сиригэр сылдьа сатаама. Маныаха үп-харчы дьыалатын тохтотон эрэриҥ ордук. Сүүйтэриилээх хаалыаххын сөп.
ОХЧУТ. Нэдиэлэ көрсүһүүнэн толору. Оттон сулумахтары саҥа билсиһии күүтэр. Түүлгэр болҕомтоҕун уур. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаар, кинилэр доруобуйаларыгар болҕомтоҕун уур
ЧУБУКУ. Чуумпуран, уоскуйан ыларыҥ наада. Күүс-уох, сэниэ ыларыҥ ордук. Доруобуйаҥ туһунан умнума. Дьиэҕэр хаһааҥҥытааҕар да өйдөһүөххүт, ил-эйэ сатыылыа.
КҮРҮЛГЭН. Иирсээҥҥэ, мөккүөргэ чугаһаама. Дьон этэрин тулуйан иһит. Уопсайынан холку буоларга кыһалын. Доруобуйаҥ туһунан умнума. Дьону олус итэҕэйимэ.
БАЛЫКТАР. Үлэҕэр тугу да сарсыҥҥыга хаалларыма. Өр кэмҥэ түбүктэн ордуоҥ суоҕа. Эбэтэр бииртэн-биир сорудах кэлэ туруо. Дьиэҕэр саҥаны атыыластаххына, өр сулууспалыа.
edersaas.ru