НЭДИЭЛЭТЭЭҔИ ГОРОСКОП (БЭС ЫЙЫН 23- 30 КҮННЭРЭ)

Ааптар: 
23.06.2022
Бөлөххө киир:

Хой
Сынньанаргар уолдьаспыт. Дьиэ-уот, оҕо-уруу кыһалҕатын инники күөҥҥэ тутарыҥ ордук. Кыһаммакка дьаалатынан ыыттаххына, элбэҕи куоттарыах курдуккун.

Оҕус
Айар-тутар үлэ санааҕын кынаттыыр. Үлэҕэ оройгунан түһэн, тус олоххун да умнуох курдуккун. Оттон чугас дьонуҥ, аймахтарыҥ эн болҕомтоҕор эмиэ наадыйаллар.

Игирэлэр
Урукку-хойукку доҕоттор эмискэ күөрэйиэхтэ­рэ. Былааҥҥын да ыһаач­чылар баар буолуохтара. Онон бэйэ бодотун тардынан, инники былаан­наабыккын ыһыктан кэбиспэккэ сылдьар ордук.

Араак
Кыра аайы дьону кытта кыыһырсаргын тохтот. Хоп­ко-сипкэ кыттыспакка, туора дьон дьыалатыгар орооспокко сырыт. Кэлэр нэдиэлэттэн балаһыанньа орун-оннугар түһүөҕэ.

Хахай
Айылҕаҕа, ыраах баар сы­­лаас дойдуга сынньанан астыныаҥ. Эрдэттэн былаан­наан кыралаан харчы да мунньуоххун сөп. Саҥа дьоннору кытта билсиэҥ. Доҕоргунуун сыһыаныҥ тупсуо.

Кыыс
Уустук нэдиэлэ үүммүт. Дьо­­ну кытта сыһыаҥҥа сэрэхтээх буол. Санааҕар эйигиттэн куруук тугу эрэ ирдиил­лэр. Дьону кытта сыһыаннаһыыга аһары аһаҕас буолума.

Ыйааһын
Санааҕын наһаа кыраттан түһэрэҕин. Туох да үөрдүбэт. Бу уустук кэм сотору ааһыаҕа. Инникини былаан­наа, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

Скорпион
Дьыалабыай кэпсэтии та­был­­лар кэмэ. Түгэнинэн ту­­һанан барыстаах кэпсэтии­гэ илии баттаһыаххын сөп. Доруобуйаҥ этэҥҥэ.

Охчут
Доҕоргун кытта сыһыаныҥ уустугурбут. Харчыттан сылтаан өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Эрдэттэн маны туоратарга кыһан.

Чубуку
Үлэ-хамнас күөстүү оргу­йар. Саҥа былааннары олоххо киллэрэргэр тоҕоостоох кэм үүммүт. Харса суох хамсанан ис.

Күрүлгэн
Өр күүтүүлээх сынньалаҥыҥ дьэ кэлбит. Аймахтаргын, доҕотторгун кытта айылҕаҕа сылдьан сынньаныаҥ. Ула­хан тугу даҕаны былааннаабакка күннээҕинэн үөрүүгүн үллэстиэҥ.

Балыктар
Элбэх ыалдьыт кэлэн түбүккэ түһүөҥ. Оҕолоруҥ, чугас дьонуҥ кыһалҕаларынан оло­руоҥ. Ол эрээри эн көмөҕөр махтаныахтара, кэлин бэ­­йэҕэр көмөлөһөргө бэлэм буолуохтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0