НЭДИЭЛЭТЭЭҔИ ГОРОСКОП

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэҕэ эйигин туох күүтэрий?

Хой

Бэнидиэнньиккэ кыһалҕаҕын быһааран санааҥ чэпчиэҕэ уонна үп-харчы да киириэн сөп. Чэппиэргэ бэйэҥ кырдьыккын таһаарынар түгэн буолсу. Ол эрээри онно мээнэ аһары тыллаһыма. Баскыһыанньаҕа соҕотох олорон, өйгүн-санааҕын сааһыланарыҥ туһлаах буолуоҕа.

Оҕус

Уоппускаҥ суох буоллаҕына, үлэнэн эрэ үлүһүйүүһүккүн.  Бэнидиэнньиккэ кыаллыбаты, табыллыбаты торумнаама, кыйаханыма. Нэдиэлэ  ортото доҕотторгун кытта сайыҥҥы кафеҕа көрсөргөр бэртээхэй кэм буолсу.  Өрөбүллэргэ дьиэҕинэн-уоккунан уонна даачаҕынан дьарыктан, эргэттэн-урбаттан босхолон.

Игирэлэр

Табыллыы күүтэр. Үчүгэйгэ эрэ эрэн. Иннин диэки дьулуһууҥ кыайыыга сирдиэҕэ. Үлэҕэр уонна тус олоххор тугу баҕарбытыҥ туолуох курдук чинчилэммит. Ону тэҥэ сынньанарга бириэмэ көстүөҕэ, үп-харчы да хачыгырыа, айанныаххын да сөп.

Рак

Тугу гыммытыҥ барыта – куруорка да сынньаныы, хара көлөһүнүҥ сүүрүөр диэри үлэ да буоллун – барыта таһаарыылаах буолсу. Айар дьоҕуруҥ уонна дьыалабыай өттүнэн көхтөөх буолууҥ дьону сөхтөрүөҕэ. Дьону кытта уопсай тылы сатаан булаҕын, онон сыыһа хардыылары оҥоруом диэн куттаныма. Дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун уурарыҥ ордук.

Хахай

Ыарахаттары сыыйа туорууһуккун. Оптуорунньукка дьоһун суолталаах тэрээһини ыытаары түбүгүрүүһүккүн. Барыстаах дуогабары түһэрсээри гыммыккын. Оптуорунньукка уонна сэрэдэҕэ дьыалабыай өттүнэн сибээстэһэр дьонуҥ дьиҥ сирэйдэрэ биллиэҕэ. Өрөбүллэргэр чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол.

 Кыыс

Нэдиэлэ саҕаланыытыгар туох да саҥаны торумнаама, урукку дьыалаҕын бэрээдэктээ, бөрүкүтэ суох санааттан босхолон. Кыыһырыма, хомойума. Туох барыта ааһыаҕа, тулуур эрэ наада.  Идиэйэни толкуйдууру таһынан, онтукаҕын хайдах олоххо киллэриэххэ сөбүн ыраҥалаа.

Ыйааһын

Эрдэ былааннаабытыҥ курдук бу нэдиэлэ салаллыыһы. Бары үөскээбит кыһалҕалары бэйэҥ соҕотоҕун быһаара сатаама, көмөлөһөр да дьон баар буолсулар. Уоппускаҕа астына-дуоһуйа сынньанарга уонна ыраах айанныырга бэртээхэй кэм үүммүт.   Бу күннэр чаҕылхай буолсулар.

Скорпион

Ускуустуба ханнык эрэ көрүҥэр сыстаргар, чугаһыыргар ааттаах кэм. Нэдиэлэ ортото дьиэ кэргэниҥ иһигэр киҥир-хаҥыр саҥарсыы буолууһу, арахсыы да буолуох курдук. Истиҥник санаһыы суох буоллаҕына, саҥа олоҕу саҕалыырга да туох буолуоҕай.  Онон санааҕын түһэримэ, үтүөнү-кэрэни эрэ ыралан.

Охчут

Бэйэҥ иннигэр туруоруммут соругуҥ ыарахан дии санаатаххына, хайдах кыалларынан чаас-чааска үллэрэн толоруоххун сөп. Бэнидиэнньиккэ барыһы биэрэр дьыалаҕа хорсуннук киирис. Сэрэдэҕэ талааныҥ арыллыаҕа. Өрөбүллэргэ ыраах баар киһиттэн иһитиннэрии тутууһукун.

Чубуку

Үлэҕэ уустуктар да баар буолсулар. Ол оннугар биир идэлээхтэргин кытта уопсай тылы булууһуккун. Сэрэдэҕэ алҕас билсиһииҥ үлэҕэр көмөлөөх буолсу. Чиэһинэй буоллаххына, бээтинсэҕэ албыҥҥа киириэҥ суоҕа.  Субуотаҕа бары өттүнэн сэрэхтээх буола сатаа.

 Күрүлгэн

Олох хайдах устарынан баран ис, күүскүн-уоххун бараама. Субуотаҕа үгүс балаһыанньа түргэнник быһаарыллыаҕа. Чугас дьоҥҥор көмөлөс, кинилэргэ эн көмөҥ, өйөбүлүҥ наада. Ол эрээри, кинилэргэ бэйэҥ кыһалҕаларгын соҥноомо.

Балыктар

Бу үүммүт нэдиэлэ бары дьаһаныыларгар сэрэхтээх буолууну эрэйэр. Эн кистэлэҥҥин атын дьон билбэтин туһугар тылгын кыана тутун.  Нэдиэлэ саамай ыгым кыһалҕаларыттан биирдэстэринэн дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан буолуоҕа. Чугас дьонуҥ интэриэһинэн салайтарарыҥ ордук.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0