Соторутааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатыгар саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын уочараттаах мунньаҕа буолан ааспыта. Мунньахха нэдиэлэ күннэрин ааттарын сахатытыы туһунан киирбит этиини ырытыспыттара. Ол түмүгэр бу курдук санааҕа кэлбиттэр.
Тиэрмин хамыыһыйата нэдиэлэ күннэрин сахатытыыга киирбит этиилэри иһитиннэрэр-көрдөрөр эйгэҕэ тарҕатарга, дьон дьүүлүгэр таһаарарга диэн быһаарыы ылыммыт:
Сэттиэлэ – неделя;
Аан күн – понедельник (Саҥаны саҕалыыртан толлума!);
Ханыы күн – вторник (Барытын ханыылаан, тэҥнээн көр!);
Орто күн – среда (Барыта ортотунан, этэҥҥэ буоларын ситис!);
Чэбэр күн – четверг (Сырдык санаанан салайтаран олоххун түстээ!);
Чөл күн – пятница (Чөл туруктаах буолуу – олох ирдэбилэ: тыл, эйгэ чөл буоларын туһугар кыһадын!);
Сүбэ күн – суббота (Аймах-уруу дьон сүбэ тутан олоххутун салайыҥ!);
Өрөбүл күн – воскресенье (Сынньанан, эккин-сииҥҥин эрчийэн чэбдигир, өрүтүн!).
СӨ Бырабыыталыстыбатыгар саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйата ааспыт 2023 сыл бэс ыйыгар тэриллибитэ. Хамыыһыйаны Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайар. Манна учуонайдар, уопсастыбанньыктар, суруналыыстар киирбиттэрэ.
Сылы кыайбат кэм иһигэр хас да төгүл түмсэн, араас эйгэҕэ сыһыаннаах, сүрүннээн дьон билиҥҥи кэмҥэ туттар, туттан эрэр тылларын бигэргэппиттэрэ. Бу сырыыга тылга сыһыаннаах дьон, уопсастыбанньыктар нэдиэлэ күннэрин сахалыы толкуйдаабыттарын, хамыыһыйа ырытыһан баран, маҥнай сахалыы тыллаах хаһыаттарга бэччээттэтэн дьон санаатын истиэҕиҥ, ол кэннэ бүтэһиктээх быһаарыыны ылыныахпыт, бигэргэтиэхпит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Ол эрээри, холоон көрүү төһө кэм устата барара ыйыллыбатах.
Нэдиэлэ күннэрин сахалыы ааттарын киллэрбит уопсастыбанньык Павел Ксенофонтов, тыллары тиэрмин хамыыһыйатыгар киллэриэн иннинэ, маҥнай РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтугар, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар тыл үөрэхтээх учуонайдары кытта ырыппыттар.
Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбалтан кылгастык быһааран биэрэригэр көрдөспүппэр:
“Саха омуга, кэм хаамыытын ыйынан ааҕара, ол иһигэр ыйы сэттэлии хонукка араарара, ол эрэн анал ааттары анаабатахтар. Нуучча омуга кэлэн, олох-дьаһах, үлэ-хамнас, дьарык уларыйан, кэми сэттэ хонукка араарыы күүһүрэн барбыта.
Нууччалыы “понедельник” диэн тыл сахалыыта өрөбүл күн кэнниттэн кэлээччи (“после недели”) диэн суолталаах. “Вторник” — второй день, иккис күн; “среда” — средний день, орто күн; “четверг” — четвёртый, төрдүс күн; “пятница” — пятый, бэһис күн. “Суббота” былыргы еврейдии šabbāt “шаббат” — сынньалаҥ, бырааһынньык диэн тылтан тахсар. “Воскресенье” славянныы “неделя” (“не делати”), кэлин Иисус Таҥараны кытта ситимнээн воскресенье буолар.
“Неделя” бастаан өрөбүл күн аата, кэлин сэттэ хонугу “неделя” диир буолбуттар, “неделя” ол аата “ничегонеделание”.
Саха омуга 20 үйэҕэ алпаабытын бигэргэтэн баран, киирии тыллары, сахалыы дорҕоонноон суруйан барар, ол курдук, үлэ күннэрэ маннык суруллар буолаллар:
Билиҥҥи сахалыы үлэ күннэрэ
Нэдиэлэ — неделя;
Бэнидиэнньик — понедельник;
Оптуорунньук — вторник;
Сэрэдэ — среда;
Чэппиэр — четверг;
Бээтинсэ — пятница;
Субуота — суббота;
Баскыhыанньа — воскресенье.
Үлэ күннэрин маннык ньыманы туттан суруйуу, саха эйгэтэ, дьарыга тэнийбит кэмигэр барсар этэ. Кэлин, сүрүннээн куйаар ситимэ күүскэ тарҕаммытын кэннэ, ыччат үксэ нууччалыы таттарыылаах саҥарар, суруйар буолла. Онон, “понедельник” диэн тылы аныгы ыччат “бэнидиэнньик” диэбэт буолла, үксүн “понедельник” диэн утарытынан саҥарар. Ол курдук, “бырабыытылыстыба”, “судаарыстыба”, “өрөспүүбүлүкэ” эҥин диэн тыллары “правительство”, “государство”, “республика” диэн суруйар уонна саҥарар. Маннык уларыйыылар, күн ахсын сахалыы тыл мөлтүүрүн үксэтэ тураллар”, — диэн быһаарар. Итиэннэ ханыылыы, түүр омуктарбыт күннэрин маннык ааттыыллар эбит диэн этэр:
Бүрээттэр
гарагай нэгэн;
гарагай хоёр;
гарагай гурбан;
гарагай дүрбэн;
гарагай табан;
гарагай зургаан;
гарагай долоон.
Алтайдар
Понедельник «баштан» — от слова «баштапкы» — бастакы;
Вторник «экен» — от слова «эки» — иккис;
Среда «ортон» — от слова «орто» — орто ;
Четверг «тöpгин» — от слова «тöpт» — төрдүс;
Пятница «эжен» — от слова «беш, бежен» — бэһис;
Суббота «алтын» — от слова «алты» — алтыс;
Воскресенье «токтон» — от слова «токтогон, божогон» — тохтоо.
Монголлар
понедельник — даваа;
вторник — мягмар;
среда — лхагва;
четвер — гпүрэв;
пятница — баасан;
суббота — бямба;
воскресенье — ням.
Тувалар
понедельник – бир дугаар хүн (бастакы күн);
вторник – ийи дугаар хүн (иккис күн);
среда – үш дугаар хүн (үһүс күн);
четверг – дөрт дугаар хүн (төрдүс күн);
пятница – беш дугаар хүн (бэһис күн);
суббота – алды дугаар хүн (алтыс күн);
воскресенье – чеди дугаар хүн (сэттис күн).
“Көрөргүт курдук, ханыылыы, түүр омуктарбыт үлэ күннэрин үксүн бэйэ тылларынан ааттыы сатаабыттар, ол аата омукка дьайыытын сөпкө өйдөөн, бэйэ тыла чөл буоларын туһугар кыһаллыбыттар.
Саха сиригэр 90-с сыллар саҕаланыыларыгар үлэ күннэрин сахалыы ааттааһыныгар бастакы холонуу саҕаламмыта, ол курдук маннык ааттааһын тарҕаммыта:
Неделя – кэрдииһинньик;
понедельник — бииринньик;
вторник -иккинньик;
среда — үһүнньүк;
четверг — төрдүнньүк;
пятница — бэһинньик;
суббота – быыһык;
воскресенье – өрөбүл күн.
Кэлин “ньик”, “ньүк” диэн сыһыарыы күнү олус намтатар, аччатар диэн санааттан, бу ааттар туттуллубат буолбуттара” – диир. Онон нэдиэлэ күннэрин холонон көрүүгэ киллэрбит саҥа тылларын дьоҥҥо быһааран биэрдэххэ, олоххо киириэҕэ диэн өйдөбүллээхтэр:
ААН КҮН — саҥаны саҕалыыртан толлума!
ХАНЫЫ КҮН — барытын ханыылаан, тэҥнээн көр!
ОРТО КҮН — барыта ортотунан, этэҥҥэ буоларын ситис!
ЧЭБЭР КҮН — сырдык санаанан салайтаран, олоххун түстээ!
ЧӨЛ КҮН — чөл туруктаах буолуу — олох ирдэбилэ: тыл, эйгэ чөл буоларын туһугар кыһалын!
СҮБЭ КҮН — аймах-уруу дьон сүбэ тутан олоххутун салайыҥ!
ӨРӨБҮЛ КҮН — сынньанан, эккин-сииҥҥин эрчийэн чэбдигир, өрүтүн!