Нэһилиэнньэ цифровой идэлэргэ босхо үөрэниэн сөп

Ааптар: 
13.12.2019
Бөлөххө киир:

Цифровой экэниэмикэ компетенцияларыгар үөрэнэргэ босхо сэртипикээттэри биэриэхтэрэ. Уопсайа, апробация кэмигэр 1000 киһи идэтин таһымын босхо үрдэтиниэн сөп диэн иһитиннэрэллэр.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Быйыл сайын Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сүүмэрдиир куонкуруска хабыллыбыт. Барыта 31 эрэгийиэн кыттыбытыттан, биэс кыайыылаах талыллыбыт. Бу биэс эрэгийиэн апробацияҕа кыттар буолбут. Ол иһигэр Саха сирэ.

СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Ньюргуна Соколова иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа үрдүнэн, упсайа, 5 тыһыынча сэртипикээт түҥэтиллэр, итинтэн Саха сиригэр — 1000. Бырайыак 2024 сылга диэри үлэлиирэ былааннанар. Бырайыак түмүгэр 1 мөлүйүөн нэһилиэнньэ цифровой сэртипикээтинэн үөрэниэхтээх диэн сабаҕалыыллар. Үбүлээһинэ дойду хааһынатыттан көрүллэр, онон нэһилиэнньэ кэппиэйкэни даҕаны төлөөбөт.

Миниистири солбуйааччы этэринэн, статистика көрдөрбүтүнэн, Арассыыйа олохтооҕун 57 %-на информационнай технологияны арыый үрдүктүк баһылыырым эбитэ буоллар. үчүгэй үлэни булуом этэ, 28 %-на цифровой сэртипикээтинэн идэтин таһымын үрдэтэр интэриэстээҕин биллэрбит.

Ханнык хайысхаларга үөрэтэллэрий?

  1. Большие данные
  2. Интернет вещей
  3. Искусственный интеллект
  4. Квантовые технологии
  5. Кибербезопасность и защита данных
  6. Нейротехнологии, виртуальная и дополненная реальность
  7. Новые и портативные источник энергии
  8. Новые производственные технологии
  9. Программирование и создание ИТ-продуктов
  10. Промышленный дизайн и 3D моделирование
  11. Промышленный интернет
  12. Разработка компьютерных игр и мультимедийных приложений
  13. Разработка мобильных приложений
  14. Распределенные облачные вычисления
  15. Сенсорика и компоненты робототехники
  16. Системное администрирование
  17. Системы распределенного реестра
  18. Технологии беспроводной связи
  19. Технологии управления свойствами биологических объектов
  20. Цифровой дизайн
  21. Цифровой маркетинг и медиа
  22. Электроника и радиотехника

Кимнээх хапсалларый?

Сэртипикээти кимнээх ылыахтарын сөбүй? Биллэн турар, хас биирдии баҕарбыт киһи хапсыбата биллэр, итиэннэ сэртипикээт даҕаны ахсаанын баһа-атаҕа биллэр. Онон ИТ эйгэтигэр эдэр исписэлиистэр, “цифровой” идэлээх эдэр исписэлиистэр, үлэтэ суох дьон, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон, цифровой компетенцияҕа үрдүк таһымнаах исписэлиистэр, цифровой компетенцияҕа намыһах таһымнаах исписэлиистэр, декретнэй уоппуска кэнниттэн тахсыбыт дьахталлар, оскуола учууталлара, о.д.а. туһаныахтарын сөп диэн ыйаллар.

Маныаха идэни уларытыы, компетенция таһымын үрдэтии, саҥа үлэни көрдөнүү төрүөт буолуон сөп диэн быһаараллар. Сүрүн ирдэбилэ диэн, 18 сааһыттан  биэнсийэҕэ тахса илик саастаах, орто эбэтэр үрдүк анал үөрэҕи бүтэрбит Арассыыйа олохтоохторо диэн быһаараллар. Ол эбэтэр, үлэлиир саастаах дьон. Үөрэх болдьоҕо 36 чаастан итэҕэһэ суох буолар. Саха сиригэр 9 кэллиэс, 2 үрдүк үөрэх итиэннэ кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр үөрэтэллэр. Ахсынньы 5 күнүттэн номнуо сэртипикээттэри биэрэн саҕалаабыттар.

Ханнык үөрэх тэрилтэлэрэ үөрэтэллэрий?

  1. Соҕурууҥҥу Саха сирин технологическай кэллиэһэ (Южно-Якутский технологический колледж, г. Нерюнгри)
  2. Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энэргиэтикэ кэллиэһэ (Колледж связи и энергетики, г. Якутск)
  3. Профессиональнай үөрэҕи сайыннарар институт (Институт развития профессионального образования, г. Якутск)
  4. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет (СВФУ, г. Якутск)
  5. “Луч” эбии профессиональнай үөрэхтээһин киинэ (Центр дополнительного профессионального образования “Луч”, г. Якутск)
  6. СӨ Ил Дарханын инновационнай менеджмеҥҥэ үрдүкү оскуолата (Высшая школа инновационного менеджмента при главе РС(Я), г. Якутск)
  7. Покровскайдааҕы кэллиэс (Покровский колледж, г. Покровск)
  8. Хайа геологическай тиэхиньикума (Горно-геологический техникум, п. Хандыга)
  9. Алданнааҕы политиэхиньиичэскэй тиэхиньикум (Алданский политехнический техникум, г. Алдан)

Сайаапканы ханна бэриллэрий?

Идэ таһымын үрдэтиигэ туһаайыллар сэртипикээккэ сайаапканы бу ыйыллыбыт сигэнэн: http://цифровойсертификат.рф/ бэриллэр. Ону тэҥэ, сайаапка биэрбит дьону көҕүлүүр уонна хайысхатын эрдэттэн салайар инниттэн онлайн-тестирование ааһара ирдэнэр. Үөрэх 2020 сылтан саҕаланар. Апробация 2020 сыл бэс ыйыгар түмүктэнэр диэн иһитиннэрдилэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Денис ПОПОВ хаартыскаҕа түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0