СӨ Тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов быһа сибээскэ тахсар кэмигэр “дьиэ квадратнай миэтэрэтин сыанатын тоҕо хонтуруоллаабаккытый?” диэн сөптөөх ыйытыы киирдэ.
Маныаха: “Өлүүлэһэн туттааччы үбүн кытыннарыы курдук саҥаны киллэрии, Уһук Илиҥҥи ипотека курдук бырагыраама сыананы үрдэтэллэр”, — диэн миниистир этэр.
Мантан тахсар инниттэн Дьокуускай куоракка икки улахан инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэрбиттэр – Воинскай кыбаартал (быйыл саҕаланыахтаах) уонна Бүлүүлүүр суолга баар учаастактар. Итини таһынан, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтата, тутуу сайдыахтаах сирдэригэр былырыын сэттэ дуогабарга илии баттаспыт. Манна тутуу саҕаланнаҕына, дьиэ тутуута үксүөҕэ, оччотугар сыана үрдээбэккэ, биир сиргэ туруон сөп диэн көрүүлээхтэрин иһитиннэрдэ.
Күн бүгүн дойду үрдүнэн тимир оҥоһуктарга — арматураҕа, тутуу матырыйаалыгар, о.д.а. тимир арааһыгар сыана үрдүү турарын дойду салалтата хонтуруолга ылбытын этэр. Онон дьиэ сыаната үрдээбэтин туһугар миэрэ ылылларын ыйар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Андрей СОРОКИН (СИА).