“Нэһилиэнньэ баһыйар өттүн   уларыйыы таарыйбата”

25.12.2019
Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов “Саха сирэ” хаһыакка интервьютугар сыл түмүктэрин, ­биэнсийэ систиэмэтигэр улахан уларытыы хайдах ааспытын туһунан кэпсээтэ.

 Дьахталлар 70% биэнсийэҕэ тахсар саастара уларыйбата

— Быйыл биһиэхэ ураты сыл буолла. Биэнсийэ сокуонугар уларыйыы киирэн, кыратык мөккүөрдээх, ханан эрэ ай­­дааннаах, утарсыылаах буол­бута.

Сокуон барыла ылыллыан иннинэ, биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэтии боппуруоһа турбутун кэнниттэн, нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр, сырдатар үлэни күүскэ ыыппыппыт. Манна элбэх үлэ кэлэктииптэрин, идэлээх сойуустары, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр буолбуттара. Тэлэбиидэнньэни, хаһыаттары кытта үлэлэһэн, дьоммутугар-сэргэбитигэр бу уларытыылар сүрүн торумнарын, сыалларын-соруктарын тиэрдибиппит. Ити хайысханан 2018 сыллаахха улахан үлэ барбыта. Арассыыйа үрдүнэн саамай элбэх көрсүһүүлэри, информационнай иһитиннэриилэри таһаарбыт эрэгийиэн быһыытынан биллибиппит.

Оччоттон биһиги этэр этибит, бу Саха сиригэр олорор, хотугу эргимтэҕэ үлэлиир дьон чэпчэ­тиилэрэ барыта оннунан хаалыа диэн. Социальнай биэнсийэни аныыр саастан ураты (эр дьон — 70, дьахталлар — 65). Төһө да биэнси­йэҕэ тахсар сааһы үрдэттэллэр, 5 сыл эрдэ барабыт диэн. Үгүс чэпчэтии сокуоҥҥа уруккуттан баара эрээри, сааһы үрдэтии барбытын эрэ кэннэ, үлэлээн кэлбиттэрэ. Холобур, икки, онтон элбэх оҕолоох ийэлэр хотугу эргимтэҕэ 12 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит буоллахтарына, 50 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар диэн нуорма уруккуттан баара, ол оннунан хаалла.

Аны ыарахан усулуобуйа­лаах үлэлээх, анал испииһэктэргэ киирбит үлэһиттэр биэнсийэҕэ тахсар саастара эмиэ уруккунан хаалбыта. Кинилэр туһанан кэлбит 2 чэпчэ­тиилэрэ: бастатан туран, куһаҕан дьайыылаах үлэлээхтэринэн, иккиһинэн, Уһук Хоту үлэлииллэринэн, 5 сыл эрдэ тахсыылара эбиллэн, икки хос чэпчэтиинэн туһаналлар. Онон шахталарга, разрезка, рудникка үлэлиир горняктар, лүөччүктэр, авиадиспетчердэр, тимир суол үлэһиттэрэ, быыһааччылар, уо.д.а. биэнсийэҕэ тахсар саастара уруккунан хаалла. Холобур, авиадиспетчер урут 45 сааһыгар тахсар этэ, билигин эмиэ оннук.

— Ол аата Саха сиригэр үгүстэри ити уларыйыы таарыйбат?

— 2018 сыллаахха этэн турабыт, Саха сирин нэһи­лиэнньэтин баһыйар өттүн биэнсийэ сааһын үрдээһинэ таарыйыа суоҕа диэн. Ол түмүктэрэ ырылыччы көстөн кэллилэр. Быйылгы сыл 9 ыйдаах түмүктэрин, статистиканы тутан олоробут.

2010 сыллаах биэрэ­пискэ уонна персональнай учуот дааннайыгар олоҕуран, ырытыы оҥордубут. 2010 сыллаах ааҕыыбытынан, билигин 45-49 саастарын туолбут дьахталларга икки, онтон элбэх оҕолоохторо 70 %-ны ылаллара. Персонифицированнай учуот дааннайынан, билигин 190 тыһыынча эр дьон үлэлиир. Кинилэртэн 37 тыһыынча (20%-ра) киһи ыарахан усулуобуйалаах үлэҕэ үлэлииллэр. Ким эрэ 45-гэр тахсар, ити эппитим курдук, икки хос чэпчэтиинэн туһанар.

Дьахталлар 70%-ра, үлэлии сылдьар эр дьон 20 %-ра биэнсийэҕэ тахсар саастара уларыйбата.

Аны уруккуттан баар эрээри, “утуйа сыппыт” нуорма үлэлээн кэллэ — инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр эрдэ тахсар бырааптаахтар. Ирдэбилэ: оҕолорун 8 сааһыгар диэри ииппит буолуохтаахтар. Урут бу чэпчэтиинэн туһамматтар этэ. Билигин, дьэ, биир төрөппүтэ туһанар бырааптаах. Өскөтүн, 3 оҕолоох ыал биир оҕолоро инбэлиит буоллаҕына, ийэтэ икки оҕолооҕунан биэнсийэҕэ 50 сааһыгар, аҕата инбэлиит оҕолооҕунан, 55-гэр тахсар. Саха сиригэр 6 тыһыынча ин­­бэлиит оҕо баар. Ол аата 6 тыһыынча төрөппүт биэнсийэҕэ эрдэ тахсар.

— Өссө кимнээх эрдэ тахсалларый?

— Табаһыттар, балыксыттар, булчуттар. Ол эрээри, билигин булчуттары, балыксыттары үлэлэтэр тэрил­тэлэр суох ­буолбуттар, онон итинник идэлээх дьон суохтарын кэриэтэ. Үлэ киниискэтигэр “балыксыт”, “булчут” диэн сурулла сылдьар буолуохтаах. “Чуум үлэһитэ” диэн идэ ханна да суох, ол эрээри кинилэри “табаһыт” курдук суруйан, аһардабыт.

Аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар биэнсийэҕэ эрдэ (50 уонна 55 саастарыгар) тахсаллар, урукку курдук. Ол эрээри, биир чопчулааһыны киллэрбиттэрэ – үлэлээбэт эрэ дьон ылар буоллулар. Омугун бигэргэ­тиэхтээх, ыйыллыбыт сирдэргэ олоруохтаах. Холобур, эбээн Саккырыыртан Дьокуускайга көһөн кэллэҕинэ, биэнсийэҕэ эрдэ тахсыбат. Аҕыйах ахсааннаах омуктар олорор сирдэрин испииһэгэ баар, онно бырапыыскалаах буолуохтаахтар.

Сыалбыт – биэнсийэ кээмэйин үрдэтии

— Биэнсийэ сыл аайы индексацияланан, кыралаан эбиллэ турар…

— Быйыл үлэлээбэт биэнси­йэлээхтэргэ индексация кээмэйэ үрдээтэ. Урут индексация инфля­цияттан тутулуктаах этэ. Ааспыт сылга инфляция 4,3%-ҥа тэҥнэспитэ. Оттон быйыл страховой биэнсийэ индексацията 7,05% үрдээтэ. Ол түмүгэр 138 тыһыынча үлэлээбэт биэнсийэлээххэ 1 445 солкуоба­йынан үрдээтэ. Тэҥнээн көрдөххө урукку индексациялар 3-4% этилэр. Урут ортотунан 1 тыһыынча кэриҥэ үрдүүрэ. Тохсунньуттан страховой биэнсийэ өссө 6,6% үрдүөҕэ. Бу эмиэ инфляция көрдөрүүтүн куоһарар. Барыллаан ааҕыынан 2019 сылга инфляция 3,8% буолара сабаҕаланар.

2018 сылга быстах буоллун, толору буоллун, үлэлээбит биэнсийэлээхтэргэ, бу сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн страховой биэнси­йэлэригэр корректировка диэн оҥоһуллубута. Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ бастайааннай үрдэтиибит, маны 235 тыһыынча биэнсийэлээх ылла.

Биэнсийэҕэ саҥа тахсар дьон ахсаана аҕыйыыр эрээри, биэнси­йэлээх уопсай ахсаана эбиллэр. Ити дьон уһун үйэлэнэр буолбутуттан төрүөттээх.

— Тыа сиригэр олорор, тыа хаһаайыстыбатыгар 30-тан тахса сыл үлэ ыстаастаах хас киһи эбии төлөбүрү ылла?

— Өссө биир уларыйыы – тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох кэмҥэ үлэлээбит, тыа сиригэр олорор, билигин үлэлээбэт дьоҥҥо биэнсийэлэрин бигэргэммит кээмэйэ 25% үрдээтэ. Бу үрдээһини 3 665 киһи ылан олорор. Сэбиэскэй Сойуус саҕаттан тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр аан бастаан бэрилиннэ. Үрдэтии кээмэйэ — 1 335 сол­куобай. Бу суума сыл аайы биэнсийэ индексациятын батыһа уларыйар.

Билбэккэ хаалбыт дьон, үлэ ки­­ниискэтин, тыа хаһаа­йыстыбатыгар үлэлээбитин туоһулуур атын докумуоннары, үлэҕэ ылыллыы, уура­йыы туһунан бирикээстэри билигин, ахсынньы ыйга аҕалан, сайабылыанньа суруйдаҕына, 12 ый­­даах хос ааҕыыны оҥоро­бут. Ол аата сыллааҕы төлөбүрүн 16 тыһыынча солкуобайы ылар. Онтон хойутаан, тохсунньуга кэлэр түбэлтэтигэр, уопсай быраабыла үлэлиир. Ол эбэтэр, олунньуттан ылан барар, хос ааҕыы оҥоһуллубат. Онон тиэтэйиэн наада.

Эһиил Кыайыы 75 сылынан, судаарыстыба ураты болҕомтотун сэрии бэтэрээннэригэр, инбэлииттэригэр уурар. Кинилэр биэнсийэлэрин кээмэйэ эмиэ үрдүү турар. 2019 сыл 9 ыйын түмүгүнэн биэнсийэлэрэ ортотунан 54 558 сол­куобай, инбэлииттэр биэнси­йэлэрэ 40 тыһыынча солкуобай, Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар 43,4 тыһыынча солкуобай буолла.

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ айан ороскуотун толу­йуу төлөнө турар. 2018 сыл түмүгүнэн 21,4 тыһыынча кэриҥэ киһи туһаммыт буоллаҕына, быйыл 10 ый түмүгүнэн 16,8 тыһыынча киһи туһанна, сыл бүтэһигэр 20 тыһыынчаҕа тии­йиэ. 2018 сыллаахха бу сыалга 600 мөлүйүөнү төлөөбүппүт, быйыл 10 ыйга 458 мөлүйүөн төлөннө. Сыл бүтэһигэр авиахампаанньалары кытта аахсан, 600 мөлүйүөннээх көрдөрүүнү куоһарарбыт буолуо.

Иккис оҕоҕо – икки хапытаал

— Ийэ хапытаалын барыта 86 тыһыынча киһи ылбыта. Олортон 44%-ра толору туһаннылар. Саамай элбэх сэртипикээт 2009 сыллаахха бэриллибитэ, 8 913 киһи ылбыта. 2018 сыллаахха 5 177 сэртипикээти биэрдибит. Ол аата иккис оҕо төрөөһүнэ 9 сыл устата нам­таата диэххэ сөп. Быйылгы 11 ый түмүгүнэн 4 668 сэртипикээти биэрэн олоробут.

Быйылгы сылбыт уратыта диэн, бу Уһук Илиҥҥэ иккис оҕоҕо эбии эрэгийиэннээҕи сэртипикээт олохтонно. 11 ый түмүгүнэн, социальнай көмүс­кэл салаата этэринэн, эрэги­йиэннээҕи хапытаал 1 904 ки­­һиэхэ анаммыта, онтон 245 киһи номнуо туһанна. Суумата – кэлэр сылга 139,9 тыһыынча солкуобай.

Федеральнай ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын суумата үрдээн, 466,6 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ. Хас да сыл үрдээбэккэ турбута. Ол эбэтэр, Уһук Илиҥҥэ олорор ыал бу сыл иккис оҕолоро төрөөтөҕүнэ, уопсайа 606 тыһыынча солкуобайы ылаллар.

Ийэ хапытаалын туһаныыга биэс хайысха баар. Олорор дьиэни ыларга, оҕону үөрэтэргэ, ийэ мунньунуу биэнси­йэтигэр, инбэ­лиит оҕону эмтэтэргэ (адаптацияҕа) туһаныахха сөп этэ. Саҥа ха­­йысха  2018 сыл саҥатыттан киирбитэ, ый аайы уу харчынан ылыахха сөп. Ол гынан баран, дьон Ийэ хапытаалыттан көҕүрэппэккэ, биир сууманан туһанарын ордорор.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Cыыппара

276 тыһыынча — биэнсийэлээх ахсаана.

Кинилэртэн:

138 тыһыынча – үлэлээбэт биэнсийэлээх.

29 тыһыынча киһи социальнай биэнсийэни ылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0