Нэһилиэктэргэ pos-терминалтан хамнастарын устуохтара

12.02.2016
Бөлөххө киир:

Сбербаан, «Россельхозбаан», «Алмаасэргиэнбаан» уонна да атын бааннар отделениелара улуус эрэ кииннэригэр баар буоланнар, нэһилиэнньэ хамнаһын, биэнсийэтин, оҕо босуобуйатын устарыгар үгүс эрэйи көрсөр. Мантан инньэ, сорох дьон хамнас, биэнсийэ туһуттан аны улуус киинигэр айанныахтара суоҕа. Почта отделениеларыттан Рos-терминал нөҥүө харчыларын устар кыахтаныахтара.

Россия Почтатын Саха сиринээҕи филиала улуустардааҕы уонна нэһилиэктэрдээҕи отделениеларыгар Рos-терминаллары туруорууну 2014 сылтан саҕалаан, билигин номнуо 125 терминал өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар туруорулунна. Ол иһигэр Кэбээйигэ, Чурапчыга, Тааттаҕа, Томпоҕо, Эдьигээҥҥэ, Анаабырга, Өймөкөөҥҥө, Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Аллайыахаҕа уонна Муомаҕа бааллар.

Рos-терминаллаах почталартан пластиковай карточкалаах киһи хамнаһын, биэнсийэтин уу харчынан устарын таһынан, араас өҥө төлөбүрдэрин төлүүр кыахтанна. Россия Почтатын Саха сиринээҕи филиалын исписэлииһэ Ася Соловьева иһитиннэрбитинэн, чугастааҕы кэмҥэ Рos -терминаллар хоту улуустарга 19 нэһилиэккэ туруоруллуохтаахтар.

img_4969-copy

post

Хаартыскаҕа: Сибээс министрэ Александр Борисов харчытын устар.

Быһаарыы:

POS-терминал (Point Of Sale — атыы-эргиэн «туочуката») — пластиковай каартанан харчыны устар, биитэр төлөһөр анал электроннай бырагыраамалаах техническэй тэрил.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0