Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи салаата уоттан сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Күүстээх тыаллаах күн ойуурга, даачаҕа тахсан, кутааланартан туттунар оруннааҕын санатар. Оту, бөҕү уматар кытаанахтык бобуллар! Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбилин кэспит дьон ыстарааптаналларын уонна административнай эппиэтинэскэ тардыллалларын умнумаҥ!
«Өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардара ыарахан туругу үөскэтэллэр. Балаһыанньаны ардах суоҕа, күүстээх тыаллааҕа уонна биирдиилээн дьон сокуон ирдэбилин кэһэллэрэ, уоттан сэрэхтээх буолууну тутуспаттара күүркэтэн биэрэр. Биһиги биэдэмистибэбит уонна СӨ Бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабатын туһугар балаһыанньаны хонтуруолга тутар, күн ахсын кэтээн көрөр», — диэн эттэ Павел Гарин, Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын сүрүн управлениетын начаалынньыга.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1