Нэһилиэктэргэ 400 лектор оннугар 100 чунуобунньук лиэксийэ ааҕыа

25.10.2017
Бөлөххө киир:

Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын олохтоох салайыныыга департамена нэһилиэктэргэ эрдэттэн сыһыарыллыбыт, тыа сирин олохтоохторун экономика уонна сокуон-быраап төрүттэригэр үөрэтэргэ анал кууруһу барыахтаах 100 эппиэттээх үлэһит испииһэгин Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр ыытта. 

edersaas.ru

Испииһэктэн көрдөххө, сүнньүнэн, киин уонна Бүлүү умнаһынааҕы улуустарга куратордыыр министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр, департаменнар салайааччылара лектордарынан анаммыттар. Эрдэтээҥи былаан быһыытынан, хотугу улуустар нэһилиэктэрин киллэрэн туран, олохтоох дьон иһиттэн 400 лектор ананыахтаах этэ. Ол былаан үп-харчы кырыымчыгынан туора хаһыйыллан, чунуобунньуктар сыһыарыллыбыт нэһилиэктэрин сайдыытыгар көмө-ньыма буолалларын таһынан аны командировкаҕа тиийэн, хамнастарын суотугар “босхо” лиэксийэ ааҕыахтара.

Мин көрдөхпүнэ, чунуобунньук-лектордары улуустар кыраларыттан-улаханнарыттан тутулуга суох, түбэһиэх испииһэктээбиттэр. Холобур, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа 6-лыы, Горнайга 5 лектор анаммыт. Хотулартан Кэбээйи (4), Өймөкөөн (3), Томпо (2) эрэ киллэриллибиттэр. Ол оннугар Мэҥэ Хаҥалас 15, Нам уонна Чурапчы 9-туу нэһилиэктэрэ лектордаахтар. Ханнык ньыманан анаабыттара буолла: ким төһө хараҥатынан дуу, аппатыыттааҕынан дуу?..

Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат,edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0