Нэһилиэккэ кыстыыр от 35 % эрэ хааччыллар туруктаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Томпо улууһун Байаҕантайыгар от үүнүүтэ мөлтөх.

edersaas.ru

Арыы Толоон учаастагын олохтооҕо Владимир Мекюрдянов ыаллар кыстыыр отторун 50-60 %-ын нэһиилэ хааччыныыһылар диэн сылыктыыр. Кини этэринэн, ханна даҕаны үүнүүтэ мөлтөх, Алдан өрүс уҥуора, арыылара уонна тас алаастар өтөрүнэн өртөммөтөх буоланнар, оттуурга олус ыарахан эбит.

— Кураантан уонна аһыҥаттан сылтаан, от үүнүүтэ олус мөлтөх, – диир Ударник учаастагын олохтооҕо, Томпо улууһун сэбиэтин дьокутаата Алексей Павлов. — Нэһилиэккэ кыстыыр от 35 %-а эрэ хааччыллар туруктаах. Уокка ходуһа былдьаммата, баһаары умуруорууга сылдьан, хойутааһын таҕыста. Ол эрээри, дьон-сэргэ иитиллэн олорор сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын улаханнык аҕыйаппат санаалаах. Онон билигин ким даҕаны хотуурун ыһыкта илик уонна атын сиртэн аҕалыллар окко сайаапка түһэрдилэр.

Ити курдук, Томпо улууһугар от үүммэккэ уонна сорохтор ходуһаларын уокка былдьатаннар, ыарахан сайын ааһан эрэр. Ол да буоллар тыа сирин үлэһит дьоно-сэргэтэ хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх ахсаана аҕыйаабатын туһугар бары күүһү ууран, үлэлии-хамныы сылдьаллар.


Томпоттон Ирина Харайданова,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0