Нэһилиэк олохтоохторо култуура киинэ тутуллан бүтэрин күүтэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин куйаар ситиминэн ыытыллар СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотугар кытынна.

Бүлүү олохтоохторугар туһаайан кини «Култуура» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ улуус көхтөөхтүк кыттарын, итинэн үтүө холобур көрдөрөллөрүн эттэ. Бу туһунан СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ пресс-киинэ иһитиннэрдэ.
-Ааспыт сылга Тааһаҕарга федеральнайтан көрүллүбүт үп-харчы суотугар «Эйгэ» култуура киинин тутуу саҕаламмыта. Киин уопсай иэнэ 751 кв. м. буолуохтаах. Манна 150 миэстэлээх саалаланар, ону сэргэ бибилэтиэкэ, музей киирэллэрэ былааннанар. Билиҥҥитэ тутуу 35% бүтэн турар. Быйыл барыта ситэн-хотон үлэҕэ киллэриллиэхтээх, — диэн эттэ.
Аныгы култуура кииннэрин тэрийии кэм ирдэбилэ буоларын бэлиэтээтэ. Маннык кииннэргэ тыа сирин дьоно дуоһуйа сынньаныахтааҕын, оҕолор дьоҕурдарын сайыннарыахтаахтарын эттэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0