Навигация-2018: бородуукта 67% тиэрдилиннэ

Бөлөххө киир:

«Якутоптторг» тэрилтэ быйылгы навигацияҕа былааннаабыт социальнай суолталаах 842,5 туонна аһа-үөлэ (уопсай кээмэйиттэн 67%) тиксэрилиннэ. Сайыҥҥы кэмҥэ уопсайа 1267,6 туонна бородуукта, ол иһигэр 999,9 туонна бурдук тиэйиллиэхтээх.

edersaas.ru    

Бүлүү бөлөх улуустарыгар уу уонна суол тырааныспарынан 691,1 туонна социальнай суолталаах ас-үөл 100% тиэрдилиннэ. Ньурба улууһугар 163,8 туонна бородууктаны ЛОРП суудуналара, Сунтаарга урбаанньыт Рогова тиэйдилэр. Үөһээ Бүлүүгэ (117,5 туоннаны), Бүлүүгэ (193,4 туоннаны) Аллараа Бэстээх тимир суолуттан урбаанньыт Сыромятников тиксэрдэ.

Халыма улуустарыгар Сеймчан пуорт нөҥүө 151,5 туонна социальнай суолталаах ас-үөл толору кээмэйин «Дел-Логистик» ХЭТ хааччыйда. Владивостоктан Халымаҕа икки рефрижератордаах контейнерга оҕуруот аһа, фрукта, кэнсиэрбэ тиэллэн кэллэ. Онтон 5,2 туонна сибиэһэй бородуукта Зырянкаҕа, 7,1 туонна Орто Халымаҕа уонна 12,8 туонна Черскэйгэ тыырылынна.

Арктическай уонна хотугу оройуоннарга уу суолунан 425,8 туонна бородуукта Өлүөнэ, Яна, Индигирка, Халыма өрүстэринэн тиэрдиллиэхтээх. Суудуналар Тиксииттэн Яна, Индигирка өрүстэргэ атырдьах ыйын 5 күнүгэр, Халымаҕа атырдьах ыйын 10 күнүгэр айаннаатылар.

Эдьигээҥҥэ уонна Күһүүргэ  социальнай суолталаах аһы-үөлү урбаанньыт Рогова тиэрдэригэр дуогабар түһэрсиллэн, суудуналар Дьокуускайтан балаҕан ыйын саҥатыгар тахсыахтара.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0