Наука үлэтэ хаһан да бүппэт 

Ааптар: 
26.03.2020
Бөлөххө киир:

“Төһө да саастаах буолларбыт сүүрэ-көтө,  үлэлии сылдьыбыт  дьон  дьиэҕэ олорорбут ыарахан. Ол гынан баран, билигин тулуйан,  ханна да тахсыбакка дьиэҕэ олоруохпутун наада”, —  диир  СӨ наукаҕа үтүөлээх үлэһитэ,  ф.н.д., ХИФУ   бэрэпиэссэрэ  Василий Илларионов.


—ХИФУ устудьуоннара кулун тутар 28 күнүттэн муус устар 5 күнүгэр диэри сынньалаҥҥа барар буоллулар. Билигин ыраахтан үөрэх бара турар. Мин магистраннарбар сорудахтарын ыытабын, үлэлэрин бэрэбиэркэлиибин.  Дьупулуом үлэлэрин   салайар оҕолорум күн аайы билсэ, үлэлэрин ыыта олороллор. Онон үөрэх бара турар.

Онтон наука үлэтэ хаһан да бүппэт. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар анаан Өлүөхүмэҕэ олоҥхолоон ааспыт араас олоҥхоһуттар тустарынан кинигэ суруйан бүтэрэн эрэбин. Бу күннэргэ бэчээккэ биэриэхтээхпин. Өрөбөлүүссүйэ иннигэр уонна Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар  Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн уонна киин улуустартан Өлүөхүмэҕэ тиийэн олоҥхолоон ааспыт  олоҥхоһуттар  элбэхтэр. Иккис кинигэм  60-с сылларга Нам улууһуттан  Өлүөхүмэҕэ көһөн тиийэн олохсуйбут Афанасий Соловьев олоҥхотун  бэчээттээн киирии тылын суруйдум. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ “Ийэ олоҥхоһут”  диэн ааты  сүгэр үһүс киһинэн буолар.  

Таһырдьа онно-манна тахсыбатаҕым үһүс күнэ буолла. Уолум аспытын аҕалан биэрэр. Саастаах дьон олох ирдэбилин сөпкө ылынан, өйдөөн дьиэҕэ олордохпутуна сатанар. Тулуйуохха.  

 Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ”  хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыска интэриниэттэн ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0