Саха сиригэр номнуо хаһыс даҕаны төгүлүн Бүтүн Арассыыйатааҕы “Наука 0+” бэстибээли ыыталлар. Коронавирус дьаҥынан сибээстээн, быйылгы тэрээһин былырыыҥҥы курдук онлайн көрүҥүнэн барыаҕа.
Бэстибээл эрэгийиэннээҕи оператора — М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка иһитиннэрбиттэринэн, быйыл, уопсайа, 230 тэрээһини хабан ыытыахтара. Манна сэргэх лиэксийэлэр, билим араас лабаратыарыйаларынан элбэҕи кэпсиир ис хоһонноох билим экскурсиялара, уопуттара, интеллектуальнай оонньуулар, маастар-кылаастар, сэминээрдэр, билим чинчийиилэрин уонна саҥа оҥоһуулары кэпсиэхтэрэ, куонкурустар буолуохтара, билим уонна учуонайдар тустарынан киинэлэри көрдөрүөхтэрэ.
Кыра оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ дьон болҕомтотун тарпыт бэстибээлгэ эдэр чинчийээччилэри, учууталлары, үөрэнээччилэри, преподавателлэри, устудьуоннары, о.д.а көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥыраллар.
Тэрээһин сэтинньи 12-14 күннэригэр festnauki.s-vfu.ru онлайн көрүҥүнэн барыаҕа. Инстаграмҥа сирэйдэрэ: @science_svfu
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru