Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэҕэ киирбит “Үөрэх” национальнай бырайыак иитинэн, үүммүт сыл саҥатыгар Дьокуускай куоракка 315 миэстэлээх 31-с нүөмэрдээх оскуолаҕа сыһыары тутуу дьиэтин аһыллыытын үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Оттон «Демография» бырайыагынан ааспыт сыл бүтүүтэ Аллараа Бэстээххэ “Парус” спортивнай комплекс үлэҕэ киирбитэ. Аҕыйах сылтан бэттэх, Арассыыйаҕа 12 национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн, дойдубут үрдүнэн улахан хамсааһын таҕыста диэтэхпитинэ, арааһа, алҕаһаабаппыт буолуо.
2020 СЫЛГА ХААРБАХ ДЬИЭТТЭН 5 549 КИҺИ КӨҺӨРҮЛҮННЭ
Арассыыйаҕа «Демография», «Доруобуйа харыстабыла», «Үөрэҕирии», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», “Экология”, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола”, «Дьарыктаах буолууну өйөөһүн, үлэ таһаарыылаах буоларын ситиһии», “Наука”, “Цифровой экэниэмикэ”, “Култуура”, «Дьоҕус урбаан», «Аан дойдутааҕы кэпэрээссийэ уонна экспорт» национальнай бырайыактар үлэлиэхтэриттэн, үгүс эрэгийиэннэргэ экэниэмикэ бары салааларынан дьоһун суолталаах үлэ ыытылынна. Олорор дьиэни, социальнай суолталаах эбийиэктэри, суолу-ииһи тутууга үгүөрү үп-харчы көрүллэн, Арассыыйа үрдүнэн мөлүйүөнүнэн квадратнай миэтэрэлээх хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн үгүс киһи көһөрүлүннэ. Холобурга, Саха сирин ылан көрүөххэ. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак иитинэн, 2019 сыллааҕар элбэх киһи хаарбах дьиэттэн көһөрүллүбүт. 2020 сылга 103,5 тыһ. м2 иэннээх дьиэттэн 5 549 киһи саҥа дьиэҕэ көспүт.
Эмиэ бу бырайыагынан ааспыт сайын Горнай Бэрдьигэстээҕэр «Эйэ» искибиэр аһыллан, улуус киинэ биир ураты көстүүлээх дьон сынньанар сирэ баар буолбута. Бэрдьигэстээхтээҕи искибиэргэ амфитеатр, оҕо оонньуур былаһаакката, спортивнай зона, скейт-былаһаакка, аһыыр сирдэр, павильон бааллар.
14 ФАП ТУТУЛУННА
Баатаҕайга ааспыт ыйга 30 сытар миэстэлээх, күҥҥэ 180 киһи сылдьар поликлиникалаах, терапия уонна оҕо доруобуйатын көрөр салаалардаах, уопсайа 3 000 м2 иэннээх икки мэндиэмэннээх таас дьиэ үлэҕэ киллэриллэн, хоту дойду хоһуун дьоно Ил Дархан Айсен Николаевка, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтаммыттара.
Дьааҥы олохтооҕо Иван Степанов: «Мин Дьааҥы төрүт олохтооҕо буолабын. Киин куораттан ыраах сытар Дьааҥы улууһун олохтоохторугар, дьон олоҕор олус ураты суолталаах, саҥа, киэҥ-куоҥ, үлэлииргэ, эмтииргэ, аныгылыы тэриллэрдээх тупсаҕай балыыһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ улахан үөрүү буолла. Чэгиэн туруктаах, доруобай сылдьартан ордук туох баар буолуой? Ыарыыны кыра эрдэҕинэ эмтэтэр киһи олоҕор сүдү суолталааҕа биллэр. Дьон туһугар күннэри-түүннэри үлэлиир эмчиттэрбитигэр ыарыыны түргэнник быһааран, сөптөөх көмөнү суһаллык оҥоро охсоллоругар табыгастаах буолара киһини үөрдэр», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Хоту улуустартан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар кэлии-барыы кэккэ ыарахаттардаах. Улахан кыһалҕалаах эрэ киһи айанныыр. Айан ороскуота үрдүгэ бэрдиттэн, үгүс дьон улаханнык ыарыйдахтарына эрэ Дьокуускайга кэлэн көрдөрөллөр. Онтон билигин дьааҥылар наадалаах мэдиссиинискэй тэрилинэн толору хааччыллыбыт балыыһаланан, кырдьык да, улаханнык абыраннылар.
«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан маны таһынан ааспыт сылга 14 фельдшер-акушер пууна, 4 быраас амбулаторията, онкологическай көмө 4 амбулаторнай киинэ үлэҕэ киллэриллибитэ.
КУЛААРДААҔЫ ХВОСТОХРАНИЛИЩЕНЫ СУОХ ОҤОРУУ ҮЛЭТЭ САҔАЛАННА
Тулалыыр эйгэни харыстааһын, экология боппуруостара кэлиҥҥи сылларга тыын суолталаннылар. «Экология» национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн тыа сиригэр ууну ыраастыыр ыстаансыйалары тутуу, Бүлүү, Ньурба, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар кытаанах хомунаалынай тобохтору харайар сирдэри бырайыактааһын саҕаланна.
Биир улахан киэҥ далааһыннаах үлэнэн Кулаардааҕы көмүһү хостуур собуот туттуллубут буорун харайар сирин суох оҥорууга үлэ буолар. Кулаарга көмүһү 1965 сыллаахтан хостоон барбыттара, собуот тобохторун биир сиргэ мунньан барбыттара. 90-с сылларга хоту дойдуга баар көмүһү хостуур артыаллар, ол иһигэр Кулаардааҕы собуот үлэтэ тохтообута.
Бу тулалыыр эйгэҕэ буортуну эрэ оҥорор эбийиэк Усуйаана улууһугар баар. 12,3 гектар иэннээх сир ыраастаныллыахтаах. 2019 сылтан СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ ити эбийиэги суох оҥорууга бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ биэрбит сайаапкатын анал хамыыһыйа көрөн баран, «Ыраас уу» федеральнай бырайыак чэрчитинэн, тустаах эбийиэги суох оҥорууга федеральнай бүддьүөттэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 2021-2022 сылларга субсидияны көрөргө быһаарыныыны ылынан, икки сыл устата Кулаардааҕы хвостохранилищены суох оҥорууга 867 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыаҕа.
САҤА ОСКУОЛАЛАР
2020 сыл бүтүүтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктааҕар өр күүтүллүбүт, кэтэһиллибит оскуола тутуута түмүктэнэн, Саҥа дьыл бырааһынньыгын аҕай эрэ иннинэ, үөрэнээччилэр саҥа оскуолаҕа киирбиттэрэ. 2 400 квадратнай миэтэрэ иэннээх икки мэндиэмэннээх оскуола тутуутун “Электромонтаж” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ аукциоҥҥа кыайыылааҕынан тахсан ыыппыта. Билигин оскуолаҕа 106 оҕо үөрэнэр. Тутуу «Аныгы оскуола» эрэгийиэннээҕи бырайыак иһинэн тутуллубута.
Маны таһынан, ааспыт сылга “Үөрэх” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Үүнүү точката” диэн сыыппара уонна гуманитарнай хайысхалаах үөрэх 42 киинэ тэрилиннэ. “Үөрэх тиһигэр сыыппара эйгэтэ” бырайыагынан 102 оскуолаҕа үөрэх тиһигэр сыыппара эйгэтин тус сыаллаах көрүҥүн киллэриигэ аналлаах тэрил атыылаһылынна. Ньурба оройуонугар “It-куб” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы сыыппара үөрэҕин киинэ аһылынна, онно 410 оҕо дьарыктанар.
ДЕМОГРАФИЯ
“Демография” национальнай бырайыакка үүммүт сылга 6,8 миллиард солкуобай көрүллүөхтээх. Бу былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, 1,4 миллиард солкуобайынан элбэх диэн СӨ социальнай сайдыы уонна үлэ миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитэ.
Туһааннаах бырайыак иитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Холобур, «Дьахтар үлэлээх буолуутугар өйөбүлү оҥоруу – үс сааһын туола илик оҕоҕо оскуола иннинээҕи үөрэҕи ылар усулуобуйаны тэрийии» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыакка олоҕуран 1,5 — 3 саастаах оҕолорго анаан уһуйааннарга эбии 812 саҥа миэстэ аһыллыбыта. Ол курдук Сунтаарга 240, Ньурбаҕа 280 миэстэлээх уһуйааннар тутуллубуттара. Маны таһынан, Дьокуускай куоракка «Прометей» микро-оройуоҥҥа анаан дьиэ атыылаһыллан, бу оройуон оҕолоро уһуйаанынан хабыллыбыттара.
Кэлиҥҥи сылларга судаарыстыба өттүттэн оҕо төрөөһүнүгэр улахан болҕомто ууруллар буоллар. Ийэ хапытаалын таһынан оҕолоох ыалларга ый ахсын босуобуйа, саҥа төрөөбүт үйэлэргэ үбүнэн-харчынан төлөбүр оҥоһуллар буолла.
«Оҕо төрөөһүнүгэр дьиэ кэргэни өйөөһүн» бырайыак чэрчитинэн, ааспыт сылга бастакы оҕолорун оҕоломмут 2 875 дьиэ кэргэн биир кэмнээх төлөбүрүнэн туһанна. 3 300 ыал иккис оҕолоругар эрэгийиэннээҕи хапытаалы ыллылар. Оттон иккис, үһүс оҕолорун төрөөбүт 8 268 ыал ый ахсын босуобуйа, бастакы оҕолорун оҕоломмут 1 725 эдэр ыал оҕо аһылыгын, малын-салын ылыыга биир кэмнээх төлөбүрүнэн итиэннэ 8 715 ыал ый ахсын төлөнөр босуобуйанан туһаннылар.
Бу маннык төлөбүрдэр эдэр ыалга улахан көмөнөн буолаллара саарбахтаммат.
Арассыыйаҕа национальнай бырайыактары олоххо киллэрии 2024 сылга диэри ыытыллыахтаах. Онуоха диэри эрэгийиэннэргэ тыһыынчанан саҥа тутуулар ыытыллаллара күүтүллэр. Үбэ-харчыта ыйыллыбыт кэмигэр чопчу көрүллэр буолан итиэннэ дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин тус хонтуруолугар сылдьарынан, үлэ былаантан халбарыйбакка ыытыллар.
edersaas.ru