Национальнай бибилэтиэкэҕэ тиэкиһи Марина Силина аахта

Бөлөххө киир:

СӨ култууратын, духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Марина Силина Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар мустубут дьоҥҥо тиэкиһи билиһиннэрдэ.

Бибилэтиэкэ былаһааккаларыгар ХИФУ филологическай факультетын преподавателлэрэ, филологтара тиэкиһи аахтылар.

Дьокуускайга 24 былаһааккаҕа “Тотальнай дьыктааны” суруйдулар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аан дойдутааҕы аахсыйаҕа барыта 33 оскуола, 108 куораттар уонна улуустар бибилэтиэкэлэрэ кыттыстылар. Эпидемиологическай балаһыанньанан, баҕалаах дьону барыларын бииргэ мунньан суруйтарбаттар. Үгүс дьон дьиэлэригэр олорон, саайтка ааҕыллар тиэкиһи истэн, суруйаллар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0