Национальнай бырайыактарга 317,9 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин торумнаабыт 12 национальнай бырайыагын олоххо киллэрии быйылгыттан саҕаланыаҕа. Бу үлэ экономиканы саҥа кэрдиискэ таһаарыы итиэннэ дьон олоҕун таһымын тупсарыыга ыытыллыаҕа.
edersaas.ru
Ыам ыйынааҕы ыйаахха сурулла сылдьарынан, Арассыыйа 2024 сылга диэри аан дойду биэс бастыҥ экономикалаах дойдуларын ахсааннарыгар киириэхтээх. Ону ситиһэргэ нэһилиэнньэ дьадайыыта уонна тиийиммэт буолуу икки төгүл аччыахтаах, социальнай-экономическэй көрдөрүү эмиэ биллэ тупсуохтаах.
Бу соруктары олоххо киллэрэргэ 12 национальнай бырайыак чопчуланна – «Демография», «Доруобуйа харыстабыла», «Үөрэҕирии», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ», “Экология”, “Куттала суох, хаачыстыбалаах суол-иис”, «Дьарыктаах буолууну өйөөһүн, үлэ таһаарыылаах буоларын ситиһии», “Наука”, “Цифровой экономика”, “Култуура”, «Дьоҕус урбаан», «Аан дойдутааҕы кооперация уонна экспорт».
Алта сыл иһигэр ити хайысханы сайыннарарга 28 триллион солкуобай көрүөхтэрэ, бастакы үс сылга — 5,7 триллион. Маннык улахан үп-харчы тустаах сыалыгар туттулларын Алексей Кудрин салайар Счетнай палаатата уонна «Биир кэлим Арассыыйа» баартыйа дьокутааттара, уопсастыбаннас хонтуруолга ылыахтара.
Бэрэсидьиэн национальнай бырайыактар олоххо киириилэрэ бырабыыталыстыба отчуотунан эрэ бүтэн хаалбакка, дьон олоҕо хайдах тупсубутунан, кинилэр ону ылыныыларынан сыаналаныахтаах.
Саха сиригэр нацбырайыактары үбүлүүргэ 317,9 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ. Ол иһигэр федеральнай киинтэн 243,1 миллиард солкуобай бэриллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ 65,3 миллиарды биэриэҕэ.
Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, сотору кэминэн Стратегическай сайдыыны уонна национальнай бырайыактары сүрүннүүр Сүбэ тэриллэн, эппиэттээх дьон ананыахтара.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru