“Медиа-оскуола: Уһук Илиҥҥи репортер” иккис түмсүүтүн үһүс сессиятын кэмигэр “Уһук Илиҥҥэ национальнай бырайыактар тустарынан тугу билэбитий: медиа нэһилиэнньэҕэ иһитиннэриитигэр оруола” национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ анаммыт “төгүрүк остуол” тэриллиэҕэ.
Манна vedomosti.ru шеф-эрэдээктэрэ Товкайло М.В., ТАСС кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Самарина Л.В., Brand Analytics маркетиҥҥа дириэктэрэ Черный В.А. уонна Приморскай кыраай губернаторын уонна дьаһалтатын пресс-сулууспатын начаалынньыга Века Е.А. кыттыахтара.
Бу “төгүрүк остуол” туһунан этэригэр Лана Самарина национальнай бырайыактар тустарынан этэргэ чэпчэки, оттон атын дьон өйдүүллэрин курдук кэпсиир уустук диэбитэ.
“Бүгүн Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэ национальнай бырайыактар тустарынан ситэтэ суох истэн-билэн олорор, ити итэҕэйбэт буолууну үөскэтэр. Медиа-оскуолаҕа бу балаһыанньаны дьүүллэһиэхпит”, — диэн медиаоскуола бырайыагын салайааччыта Алексей Бабков иһитиннэрдэ.
Медиа-оскуола үһүс сессията ахсынньы 12 күнүттэн 14 күнүгэр диэри Москваҕа Уһук Илин күннэрин кэмигэр Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин көҕүлээһининэн уонна өйөбүлүнэн ыытыллар. Сессия үөрэтэр бырагырааматыгар 17 маастар-кылаас, интерактивнай дьарыктар, пресс-тэрээһиннэр буолуохтара.
Медиа-оскуолаҕа үс күн устата 20 тахса спикер кыттыаҕа.
Санатан эттэххэ, “Медиаоскуола: “Уһук Илиҥҥи репортер” иккис сылын Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл Юрий Трутнев көҕүлээһининэн ыытыллар. Күнүскү-кэтэхтэн үөрэх түмүгүнэн Медиа-оскуола бастакы хомуурун 52 истээччитэ медиа эйгэтигэр идэлэринэн таһымнарын үрдэппиттэрин туһунан сэртипикээти туппуттара. 2018 сылга үөрэтиини уонна дьүүллэһиини тэрийиигэ 90 тахса спикери кытыннардылар. Тэрээһиннэргэ Уһук Илин уокуругуттан 400 тахса киһи сырытта.
Бу туһунан “Медиа-оскуола: Уһук Илиҥҥи репортер” салалтата иһитиннэрэр
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, edersaas.ru