Наталья Нектегаева: “Оҕолорго, бастатан туран, доҕор, аҕа табаарыс буолабын!”
Ис-иһиттэн сырдыы, үөрэ-көтө сылдьар эйэҕэс, үтүө санаалаах иитээччини кырачаан киһи эндэппэккэ билэр, өйдөөн көрөр, сөбүлүүр, киниэхэ тардыһар.
“Сыл бастыҥ иитээччитэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус I турун отучча кыттааччытыттан Чурапчы сэлиэнньэтин “Кэскил” Оҕону сайыннарар киинин эдэр, нарын-намчы көрүҥнээх, ис киирбэх, намыын куоластаах иитээччитин Наталья Кононовна Нектегаеваны, хайа баҕарар киһи, мин санаабар, чуолаан ол иһин тута бэлиэтии көрөр. edersaas.ru
Кыттааччылартан биир саамай эдэрдэрэ Наталья Нектегаева, куонкурус I турун бары эридьиэстэрин эрэллээхтик ааһан, финалга тахсан, өрөспүүбүлүкэ уон бастыҥ иитээччитин ахсааныгар киирэн, лауреат үрдүк аатын ылла. Эҕэрдэлиибит!
Наталья Нектегаева, Чурапчы сэлиэнньэтин “Кэскил” уһуйаанын иитээччитэ, “Сыл бастыҥ иитээччитэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус лауреата, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин “Надежда Якутии” бэлиэтин хаһаайката:
— Махтал! Маннык улахан куонкуруска кыттыы — улахан эппиэтинэс. Тоҕо диэтэххэ, бүтүн улууһуҥ бэрэстэбиитэлэ буолаҕын, эн тускар биир идэлээхтэриҥ ыалдьаллар, көмөлөһөллөр, сүбэ-ама биэрэллэр. Олус махтанабын миигин бары өттүнэн өйөөн, көмөлөһөн, туох баар усулуобуйаны тэрийэн, тэбис-тэҥҥэ куонкуруска сылдьыспыт биир идэлээхтэрбэр, истиҥник саныыр дьоммор – “Кэскил” уһуйааммыт сэбиэдиссэйигэр, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр, уопуттаах педагогка Анастасия Афанасьевна Григорьеваҕа, методиспытыгар, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анна Афанасьевна Шаринаҕа, бары өттүнэн көмөлөспүт күндү коллегаларбар Марфа Гурьевнаҕа, Марианна Васильевнаҕа, Альбина Юрьевнаҕа, Полина Егоровнаҕа, Галина Николаевнаҕа, Мария Еремеевнаҕа, Афанасий Петровичка, Михаил Семеновичка, уонна, биллэн турар, Чурапчы улууһунааҕы Үөрэх управлениетыгар! Кинилэр аттыбар баар буоланнар, эрэллээхтик кытынным. Онон, олус махтанабын!
Мин идэбин олус сөбүлүүбүн. Оҕо эрдэхпинэ, дойдубар Мырыла детсадыгар олус үчүгэй иитээччилээх этибит, ол иһин, улааттахпына кини курдук үлэһит буолуом, оҕолору таптыам, элбэххэ үөрэтиэм диэн бэйэм бүччүм санаабын толорон, Дьокуускайдааҕы педколледжы бүтэрбитим, билигин ЧИФКиС дошкольнай салаатыгар IV кууруска кэтэхтэн үөрэнэбин. Аныгы педагог сайдыылаах оҕону иитэригэр билиитин мэлдьи үрдэтиниэхтээх, саҥа технологиялары баһылаан, бэйэтэ эмиэ үүнэн-сайдан иһиэхтээх. Уонна, саамай сүрүнэ – оҕону таптыахтаах, төрөппүтү кытта өйдөһүөхтээх дии саныыбын.
Анна Шарина, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, “Кэскил” уһуйаан методиһа:
— Биһиги Наталья Кононовнабыт төһө да эдэрин иһин, буһуу-хатыы дьиҥнэх оскуолатын чиэстээхтик ааста. Манна ордук уһуйаанын инновационнай үлэтинэн аһаҕас эйгэҕэ үлэлиирбитигэр, кыыһы-уолу аналларынан иитии-сайыннарыы барарыгар олоҕуран, түһүмэхтэри ааста. Кини ордук кыайа тутар ньыматынан оҕолорго доҕор, аҕа табаарыс буолан, оҕону сэҥээрдэн, бииргэ сүбэнэн үлэлиир эйгэни тэрийиитэ буолар. Саха оҕотун уратыта диэн, тутан-хабан, сыттаан-сыллаан, амсайан көрөн тулалыыр эйгэтин билсиһэр, ылынар. Манна иитээччи сүрүн уһуйааччы буолар. Наталья Кононовна күрэххэ ситииһиилээхтик кыттыыта 2019 сылга “Кэскил” уһуйааммыт 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө кэрэ бэлэҕинэн буолар диэн сыаналыыбыт!
Татьяна Маркова, Айаал Черноградскай хаартыскаҕа түһэриитэ.