Наталья Харлампьева: “Суруйааччыны норуот эйгэтэ омук эстибэтин диэн анаан үөскэтэр”
Соторутааҕыта Москваҕа “Молодая гвардия” кинигэ кыһатыгар “ЖЗЛ” аатырбыт сиэрийэҕэ саха норуодунай бэйиэтэ Семен ДАНИЛОВ туһунан саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэ ааптара, саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья ХАРЛАМПЬЕВА – бүгүн биһиги ыалдьыппыт.
edersaas.ru
Семен Данилов күннүктэригэр олоҕурбут кинигэ
— Наталья Ивановна, лоп-курдук 40 сыл анараа өттүгэр бу, Семен Петрович туһунан кинигэҥ тахсыбыт кинигэ кыһатыгар эн “Ночной полет” диэн нууччалыы тылынан хоһоонноруҥ хомуурунньуга аан бастаан күн сирин көрбүтэ. Бу көннөрү түбэһиитэ оннук дуу, биитэр анаан былааннаммыта дуу?
— Олох бэйэтэ наардаан, сити курдук сөп түбэстэ быһыыта. Анаан былаан суоҕа, тоҕо диэтэххэ, ЖЗЛ-га кинигэ тахсарын киһи лоп-бааччы былаанныыр кыаҕа суоҕа. Бастакытынан, Семен Петрович Данилов норуодунай бэйиэт, уопсастыбаннай диэйэтэл да быһыытынан, саха литературатын бүтүн Сэбиэскэй Сойууска уонна омук да сирдэригэр аатырдыбыт киһи. Кини дьиҥнээхтик, ол аата биһиги бастакы классиктарбыт кинигэлэрин сахалыы, нууччалыы тылларынан таһаартаран, норуоттарыгар төннөрбүт киһи буолар. Ол охсуһуу гиэнэ кытаанаҕар барбыта. Оскуола тиэргэннэригэр Өксөкүлээх кинигэлэрин уоттаабыттара кытта баара… Өй-санаа ыһыллыбыт кэмэ. Онон суруйарга да судургута суоҕа. Иккиһинэн, үбүлээһинэ биир туспа уустук боппуруос этэ. Манна мин өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтаныах кэриҥнээхпин. Уопсайынан, сахалар тустарынан ЖЗЛ-га бу бэһис кинигэ. Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев туруорсуутунан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх туһунан нуучча биир биллэр-көстөр суруйааччыта Николай Коняев суруйбута. Литература сылыгар, 2015 сыллаахха, биһиги бырабылыанньаҕа дьүүллэһэн баран, бу сиэрийэҕэ Былатыан Ойуунускай туһунан кинигэ тахсара наада буолбутун өйдөөбүппүт, туруорсубуппут. Ону ол саҕана өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов өйөөн, кинигэ күн сирин көрбүтэ. Манна биһиги ааптарга таба тайаммыппыт дии саныыбын — Олег Сидоров. Кини бу сиэрийэҕэ олохтоохтук сыстан, кэлин эбии Максим Аммосов уонна Михаил Николаев биографияларын суруйда. Бу дьоһун үлэлэр. Мин учууталым, сүгүрүйэр бэйиэтим Семен Данилов туһунан суруйар баҕа санаам уруккуттан баара. Кини айар үлэҕэ сыстыаҕыттан суруммут саха литературатын сайдыытын, айар үлэ ымпыгын-чымпыгын, классиктары тилиннэриигэ буолбут киирсиилэр тустарынан санаалара күннүгэр түмүллүбүттэрэ. Семен Петрович бу күннүгэр, бэлиэтээһиннэр күн сирин көрөллөрүн, ааҕааччыга тиийиэхтэрин олус баҕарара. Ол кэриэһин биһиги, үөрэнээччилэрэ, толордубут дии саныыбын. Манна утумнаахтык Николай Винокуров-Урсун үлэлэстэ, кини биир улахан тому бэлэмнээн, Горнай улууһун салалтатын өйөөһүнүнэн таһаартарбыта. Ол иннинэ бастакы сурунаалга тахсыытын Николай Лугинов бэлэмнээбитэ.
Хайа уонна “Бичик” кинигэ кыһатыгар Семен Данилов алта тома таҕыста. Бу бэлэмигэр Урсун, Тумат, Аита Шапошникова күүскэ үлэлээбиттэрэ. Оттон мин кинигэм нууччалыы тылынан, Семен Данилов күннүктэригэр олоҕуран, сурулунна. Нуучча ааҕааччытыгар улуу киһибит санаата, сыана быһыыта, толкуйдара, олоххо көрсүбүт араас чахчылара аан бастаан тиийэр буоллулар. Семен Данилов аатын үйэтитии итинэн түмүктэнэр буолбатах. Кини быраатыныын, Софрон Даниловтыын саха норуотугар улахан өҥөлөөх, билиниллибит тумус туттар дьоммут буолаллар. Онон Дьокуускай куоракка кинилэргэ өйдөбүнньүк туруохтаах этэ. Өйдөбүнньүк эскиһэ, бырайыага бэлэм — олус үчүгэйдик ону скульптор Семен Прокопьев оҥорбута. Кэм да үбэ-харчыта кыаллыбакка сылдьар. Ол эрээри, манна биһигини өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев өйүүр, онон бу ыра санаабыт биһиги үйэбитигэр туолуо диэн эрэнэбин.
Сэргэх, эйэҕэс буолар барыстаах
— “Үрүҥ хаар алгыһа” поэзия бэстибээлигэр Семен Петрович Данилов аата ааттанар, хоһооно ааҕыллар… Бырайыак ааптарын быһыытынан, бэстибээл инники дьылҕатын хайдах көрөҕүн?
— Бу бэстибээл, дьиҥэ, олус бэрт олохтон толкуйдаммыт буолбатах. Бэйэҕит билэҕит, саха литературата нууччалыы, атын омук тылынан тылбаастанара кэлин отут сылга улаханнык харгыстанан турар. Судаарыстыба бу боппуруоһу болҕомтоҕо соччо ылбат, суруйааччы тус бэйэтин дьыалата буолла. Элбэхтик айанныыр, атын омук суруйааччыларын, тылбаасчыттарын кытта алтыһар кыах эмиэ соччо суох, ордук эдэрдэргэ. Онон бу бэстибээли тэрийэн, ыалдьыттары аҕалан, сирэй көрсөн, иллэһэн, салгыы бииргэ үлэлэһэр санаа үөскээбитэ.
Манна даҕатан эттэххэ, ити эмиэ Семен Данилов дьыалатын салҕааһын буолар. Биэс бэстибээл түмүгүнэн саха поэзиятын антологиялара Польшаҕа, Татарстаҥҥа кинигэнэн таҕыстылар. Билигин саха поэзиятын антологията Казахстаҥҥа тахсан эрэр. Былырыын Былатыан Ойуунускайы Бакуга азербайджанныы таһаарбыттара. Аны Лондоҥҥа эмиэ кинигэлэрбит таҕыстылар.
Бу бэстибээл кэмигэр ыалдьыттары кытта билсиһэн, чугасаһан, айар үлэ ситимин олохтуур наада. Этэргэ дылы, эйигин кэлэн көрдөһөллөрүн кэтэстэххинэ, дьыала соччо хамсаабат курдук. Сэргэх, эйэҕэс киһи барыстаах буолар. Бэстибээл салҕанан барыа, сайдыа, кэҥиэ дии саныыбын.
Бөлүһүөктүү хоһооннор кэмнэрэ
— Суруйааччылар билигин сүрүн ханнык тиэмэҕэ үлэлии сылдьаллар?
— Дьэ итини наардыыр, судургутук эппиэттиир уустук буолуо. Билигин саха литературатыгар хас да көлүөнэ суруйааччылар үлэлии сылдьаллар. Саамай аҕа саастаахтарбыт билигин Василий Егоров-Тумарча, Николай Калитин, Николай Винокуров-Урсун буолаллар. Норуодунайдарбыт Николай Лугинов, Семен Попов-Тумат, Василий Васильев-Харысхал, Павел Харитонов-Ойуку бааллар. Кинилэр бары проза жаанырыгар үлэлииллэр, ылсар тиэмэлэрэ араас курдук да, дьиҥэ, олох тыын боппуруостарыгар санааларын хатыыллар. Түҥ былыргыттан саҕалаан, саха омук устуоруйатын, айылҕаны кытта алтыһыыбыт дириҥ ситимин, саха кэскилин санаабыт бастакы интэлигиэннэрбит дьылҕаларын, Саха сиригэр олохсуйбут омуктар олохторун-дьаһахтарын… Елена Слепцова-Куорсуннаах “Аан Талҕа” арамаанын ылан көрүҥ. Сэмэн Маисов суруйууларын. Уопсайынан, көтөҕөр проблематынан, дириҥ хорутуутунан саха бүгүҥҥү литературатыгар проза инники иһэр.
Поэзия жаанырыгар бүтүн аан дойду үрдүнэн улахан уларыйыылар бардылар — ХХ үйэ саҕаланыытыгар суруйар курдук билигин поэзия айыллыбат. Бэйиэт тус бэйэтин дууһатын хамсааһынын кэҥэтэн, бөлүһүөктүү үрдэллэргэ тахсар хоһооннор билигин ордук интэриэһи тардаллар. Ардыгар бэйиэттэр ким эрэ кинилэри ааҕарыгар да наадыйбат курдуктар. Ити саха литературатыгар да биллэн ааһар. Аны уруучуканы тутар киһи үксэ бэйиэппин дэнэр буолбута дьиксиннэрэр. Саха омуга – ырыа куттаах омук, онон хоһуйар дьоҕур, тылы дьаарыстыыр баҕа испитигэр баар. Ол да иһин бөлүһүөктүү поэзияны кытта тэҥҥэ чаҕаан ырыа тэтимнээх поэзия эмиэ сайдан кэллэ. Ол суруйуулары сириллибэт гынан баран, күннээҕи туттууга суруллубут курдуктарын мэлдьэһэр кыах суох. Ити саха поэзията ХХ үйэҕэ сайдан кэлбит икки салаа суола. Бүгүн ааҕааччыга омукпут дьылҕатын эрэ туһунан буолбакка, сахалыы толкуйу, сиэри, дьаһалы үрдэтэр, ону өрө тутар айымньылар наадалар… Дьиҥнээх поэзияны уонна күннээҕини хоһуйар, тэтимнээх эрэ хоһооннору араарар ааҕааччы наада. Дьиҥэ, биһиги литературабыт силиһэ-мутуга түҥ былыргы түүрдэр литератураларын кытта ыкса сибээстээх, үйэлэри нөҥүөлээбит дириҥ бөлүһүөктүү көрүүлээх литература буолар. Өксөкүлээҕи, Ойуунускайы, Алампаны салгыах диэтэххэ, манан дьыала буолбатах. Уустук соруктар тураллар саха суруйааччыларын иннилэригэр.
Сэтэрээн буолбатах, мунчааран
— Национальнай бэчээт билигин, аҕыйах уонча сыллааҕыны кытта тэҥнээн көрдөххө, чахчы, букатын атын кэмҥэ, атын ирдэбиллэргэ олорор. Оттон эн биир ыстатыйаҕар, цифровизация да киирдин, ол эрээри национальнай бэчээт кута-сүрэ, дууһата баар буолуохтаах, диэбитиҥ…
— Мин бэчээккэ өр сылларга үлэлээбит киһибин. Ол да иһин, саха бэчээтэ инникитин хайдах сайдарын туһунан санаабат буоларым табыллыбат. Бастатан туран, биһиги олус элбэҕэ суох ахсааннаах омукпут, онон бэчээт сайдыыта, кэнсиэпсийэтэ, приоритеттара литература сайдыытыгар быһаччы дьайыылаахтар. Бэчээт иитэр ааҕааччыны, омук менталитетын торумнуур. Онон саха бэчээтигэр литература, суруйааччылар инники күөҥҥэ сылдьыахтаахтар.Иккиһинэн, хайдах да эргит – литератураттан ураты, суруйааччыттан ураты норуот духуобунаһын иҥэринэ, тута сылдьар киһи ахсааннаах. Суруйааччылары норуот эйгэтэ омук эстибэтин диэн анаан үөскэтэр эбээт. Ону олох туора тутар, суруйааччылары хаһыаттартан, сурунааллартан ылгыыр кэскилэ суох дьыала дии саныыбын. Мин саха бэчээтин сайдыытын туһунан элбэҕи суруйдум, санаабын эттим, ол салгыҥҥа эрэ ыйанар. Били былыргы кырдьаҕастар этэллэригэр дылы – үйэм уһаатаҕына, көрүөм буоллаҕа, хайдах ааҕааччыны иитэн таһааралларын, омуктарын төһө туругурдалларын, бөҕөргөтөллөрүн. Сэтэрээн эппэппин, мунчааран туран этэбин… Бэчээт, литература норуот туруктаах буоларын, бэйэтин ытыктанарын, билинэрин иитэр аналлаах буоллаҕа…
Оҕоҕо сахалыы куту иҥэриэххэ
— Оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтии боппуруостарыгар эн тус санааҥ билигин тугуй?
— Тылбытын тыыннаах хааллардахпытына эрэ омук быһыытынан тыыннаах буоларбыт чуолкай. Саха оҕото сахалыы саҥарыахтаах. Ол дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитиллэр. Оскуола да, оҕо уһуйаана да онно эппиэтинэстэрэ кыра. Оҕо уһуйааныгар бөлөхтөрү, оскуолаҕа сахалыы кылаастары элбэтэр хайаан да наада, оттон төрөппүт бэйэтэ быһаарыахтаах. Судургутук эттэххэ – саха омук быһыытынан тыыннаах хаалара дьиэ кэргэҥҥэ оҥоһуллар. Мин кыыһым сахалыы үөрэммитэ. Сиэннэрбин кытта бэйэм кыахпынан төрөөбүт тылларын билэллэригэр үлэлэһэбин. Уонна манна биир санааны этиэхпин баҕарабын – оҕону сахалыы тыыннаах ииттэххэ, сахалыы куту иҥэрдэххэ, оччоҕо кини омугун хаһан да ыһыктыа суоҕа. Ол тылы билиини кытта тэҥҥэ иҥэриллиэхтээх. Ити санааттан суруллубут хоһооммун өйдөөтүм.
Эмээхсин күнэ быстах.
Сиэннэригэр түбүгүрэр,
Алаадьы оҥорор, күөрчэх ытыйар,
Дьуккуруйбут тобугу үрэр,
Кэриир ыты аһатар,
Ооҕуй оҕуһу көмүскэһэр…
Эмээхсин күнэ улуу.
Кэлэр кэми түстэһэр,
Сиэри-туому ситимниир,
Омугун үгэһин үйэтитэр,
Айылҕаны арчылыыр,
Саханы сахатытар…
Киэһэ сүрэҕэ чаалыйар
Сылааттан дуу, дьолтон дуу —
Сиэн минньигэс сытыттан,
Икки омун кууһууттан…
Олжас Сулейменов нууччалыы суруйан аатырбыта, ону билэҕит. Оттон кута-сүрэ, ис тутула казах. Ол да иһин, аан дойду түүрдэрэ киэн туттар кинигэлэрин “АЗиЯ” суруйдаҕа дии! Олох эдэр сылдьан суруйбут хоһоонугар “Судите по мне о казахах!” диэннээх. Онон, омуккун ис кут тутула эмиэ быһаарар.
“Киһиэхэ чахчы уйар таһаҕаһын сүктэрэллэр…”
— Чуолаан биһиги көлүөнэ үйэбитигэр, саамай үлэлии-хамсыы сылдьар, оҕолорбутун улаатыннарар кэммитигэр, уларыта тутуу, дефолт, кириисис.., аны билигин бу пандемия олохпут укулаатын өссө тосту уларытыах кэриҥнээх… Тоҕо бу барыта биһиэхэ ананна? Биир көлүөнэ дьылҕатыгар олус элбэх тургутуу дии санаабаккын дуо?!
— Ким билэр… Мин сити курдук санаабаппын ээ. Таҥара үөрэҕэр баар дии – киһиэхэ кини чахчы уйар кыһалҕатын, таһаҕаһын сүктэрэллэр диэн. Онон, биһиги көлүөнэ итини барытын уйар, өйдүүр, ырыҥалыыр кыахтаах буолан бэриллибитэ буолуо. Биллэн турар, пионер, хомсомуол кэккэтигэр иитиллибит дьон санаабыт бөҕөх буоллаҕа уонна тулалыыр эйгэбит эйэ дэмнээх, иллээх тыыныгар уйдара сырыттахпыт. Мин 18-пын саҥа туолааппын кытта аҕам өлбүтэ. Маҕан аэропордугар үлэлээн эрэрим, ийэм холкуостаах, биэнсийэлээх, быраатым 13 саастаах. Эмискэ биирдэ ыалы иитэр үлэһит буола түспүтүм. Онно нуучча кэлэктиибигэр миигин өйөөн-убаан, сүбэлээн, көмөлөһөн киһи гыммыттара. Боростуой нуучча дьахталлара. Кэтэхтэн университекка үөрэнэрбин сэргээн бөҕө, туох эрэ улахан ситиһии курдук ылыналлара. Кэлин “Северная трасса” хаһыакка корректорынан көспүтүм, онно бастакы эрэдээктэрим Юрий Андреевич Остапенко харыстабыллаах сыһыаныгар сылдьыбытым. Тугу ааҕарбын кытта сүбэлиир этэ. Лион Фейхтвангер “Иудейская война” диэн айымньытын аахтаран эрэйдээбитэ… Уонна өссө “Эн омуккар сити курдук туһалыахтааххын” диирэ…
Иосиф Флавийга тэҥнэһэр манан дьыала буолбатах (күлэр). Ол эрээри еврей омук устуоруйата эдэр киһи олоҕу көрүүтүгэр туһалаабыта быһыылаах… Итинэн мин биһиги көлүөнэбит ураты усулуобуйаҕа улааппыта, буспута-хаппыта диэн этэбин, ол иһин да олох охсууларыгар бэлэмнээх этэ. Дьон көмөтө, үтүө санаата баара.
Уопсайынан, сааһырдахха олорбут олоҕуҥ тупсан көстөр эбит. Күөх окко халаачык тамнаабатыбыт, ол эрээри, киһи сааппат олоҕун олорон кэллибит дии саныыбын. Мин көлүөнэм эрэйдэннэ диэн санааны олохсута сатаабаппын —ыарахаттары, тургутууну, албыны барытын туораан кэллэхпит дии.
Устугас тыаллар содуллара да баара
— Суруйааччылар икки сойуустара хаһан эрэ холбоһуо дуо? Ону быһаарарга, арааһа, ким эрэ хаһан эрэ арахсан барыытын дуу, икки аҥы хайдыһыы дуу саамай төрүөтүн быһааран көрөн (саҥа көлүөнэлэр ону билбэт буоллахтара), ону көннөрө сатыыр наада буолуо дуу, биитэр хайдаҕый?..
— Хайа баҕарар өйдөспөт буолуу, арахсыы төрүөтэ элбэх буолар. Хас да кырдьык баар буолуон сөп. Манна саха интэлигиэнсийэтин буржуазнай национализмҥа буруйдааһын эмиэ оруоллаах. Ол саҕаттан учуонайдар уонна суруйааччылар икки ардыларыгар бөлөхтөһүү баара. Баартыйа националистары көрдүүр кэмигэр барыстаах өттүгэр охтубуттар элбэхтэрэ. Ол уот көрдьүгэннээн умайа сыттаҕа дии… Аанньатыгар 1978 сыллаахха, Семен Петрович бэстилиэнэй сийиэһигэр президиумҥа саппыыска ыытыахтара дуо “бандьыыт Кулаковскайга хаһан өйдөбүнньүк туруортараҕын?!” диэн… Семен Данилов 17 сыл сойууһу салайбыта, ол тухары саха литературатын төрүттээбит классиктарбыт нэһилиэстибэлэрин тилиннэрэргэ охсуспута, олоҥхону тылбаастаппыта… Онно бэйэлэрэ салалтаҕа баҕарар дьон баһаам буоллаҕа дии… Онон ол уот көҥүл тыаллар үрбүттэригэр күөдьүйэ умайан, 1991 сыллаахха хас да суруйааччы туспа бараннар, сойуус тэриммиттэрэ. Кинилэр чилиэннэрин миэстэтигэр ылаллар. Биһиги Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун сорҕото буоламмыт, дьыала Москванан эргийэр.
Онон – төрүөт хас да. Буржуазнай националистары кытта охсуһуу содула, биир-икки киһи былааска тардыһан, ымсыыга оҕустаран оҥорбут дьайыылара уонна саҥа кэм тургутуута. Ол саҕана соҕотох Москваҕа уонча сойуус баара, билигин да 3-4 баар. Оннооҕор Евгений Евтушенко чуучалатын уоттааһын кытта баара… Саха суруйааччыларын ала-чуо куһаҕаннара буолбатах, кэм кэрдии бутуура, устугас тыаллар содуллара. 20 сыл устата атын көлүөнэ үүнэн таҕыста. Холбоһор олус судургу буолбата буолуо. Билигин Ассоциацияҕа кыттыһан, эйэ дэмнээхтик үлэлии сылдьабыт, оннук салҕанара буолуо ээ…
Мин Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун балай да өр салайдым. Онно киэн туттар да, кыайбатах да түгэннэрим бааллар. Бу уустук, мындыр үлэ, соҕотоҕун кыайбаккын. Хамаандалаах, биир санаалаах дьонноох, кынат буолар ыччаттардаах буоламмыт, эдэрдэри кытта үлэни сөргүттүбүт, классиктарбыт уонна норуодунайдарбыт айымньыларын сүүстэн тахса томнаах сиэрийэтин олохтоотубут, аан дойду таһымнаах бэстибээли ыытабыт, тыа сиригэр элбэхтик сылдьа сатыыбыт, өрөспүүбүлүкэ олоҕор быһаччы кыттабыт, тыын боппуруостартан туора турбаппыт. Кыайтара илик, элбэх сыраны эрэйэр кырдьыксыт, дьоһун кириитиктэри иитии уонна тылбааһы атаҕар туруоруу — бу сойуус инники кэмнэргэ күүскэ үлэлиэхтээх хайысхалара.
“Нуучча тыла — далаһабыт…”
— Кэнники сылларга эн кинигэлэриҥ английскайдыы, татаардыы, тувинныы, азербайджанныы тылбаастанан таҕыстылар. Бэйэҥ “Признание в любви” диэн саха уонна нуучча литературатын сибээстэрин туһунан кинигэ суруйдуҥ. Элбэх бэстибээллэргэ, пуорумнарга кытынныҥ. Саха литературатын төһө билэллэрий, хайдах сыаналыылларый?
— Евтушенко эппиттээх: “… если хочешь быть поэтом большим – живи в Москве!”. Баһыылаах соҕус этии, биллэн турар, ол гынан баран, син оруннаах. Биһиэхэ, национальнай суруйааччыларга, тылбаастаммат буоллаххына, ким эйигин билиэй! Онон мин ити кинигэлэрбэр үөрэр эрэ буоллаҕым. Барыта доҕордуу сыһыантан тахсар. Мин поэзиябын сэргээбит дьон дойдуларыгар туруорсан туран тылбаастаталлар, таһаараллар. Лондоҥҥа – Марат Ахмеджанов, “Открытая Евразия” литературнай куонкурус тэрийээччитэ, Казаньҥа – бэйиэт Ленар Шаехов, Тувага – бэйиэт, учуонай Сайлыкмаа Комбу, Бакуга – бэйиэт Экбер Гошалы. Кинилэргэ махталым улахан! Ол эрээри, биири бэлиэтээн этиэхтээхпин – нуучча тылын суолтатын туһунан. Ити кинигэлэр нуучча тыла суох тахсар кыахтара суоҕа. Атын омукка тахсыыга нуучча тыла син биир биһиэхэ далаһа буолар. Подстрочнигынан тылбаастанар элбэх ахсаана суох омуктарга оннук. Сэбиэскэй Сойуус эһиннэр да, биһиэхэ барыбытыгар энньэ курдук нуучча тылын хаалларбыт – ити омуктары кытта нууччалыы быһаарсан сылдьабыт. Суруйааччы нууччалыы билиэхтээх, ылыннарыылаахтык саҥарыахтаах, тылбаастаныахтаах. Оччоҕо эрэ ыыра кэҥиир, биллэр-көстөр. Арассыыйа гражданнара буолан туран, бу билиини наадата суоҕунан биитэр сыҥаланар таһаҕас курдук ылыныллыа суохтаах. Хас да тылы билии – ыыры кэҥэтии, суолу тобулуу.
Азербайджаҥҥа Сумгаит куорат бибилэтиэкэтигэр биир кыысчаан ийэбэр анаммыт хоһоону аахпытыгар, тылбыт маарынныыр буолан, тута билбитим. Тыйыс майгылаах аатырбыт бэйэм хараҕым уута халыс гыммыта… Өлүү түбэлтэлээх, соттор тугум да суоҕа. Онно саала хас да өттүттэн былаат оҕотун туппут дьон сырсан кэлбиттэрэ… Поэзия ол курдук дьону түмэр, биир тыынныыр.
Оттон Саха сиригэр сыһыаннаах нуучча суруйааччыларын туһунан кинигэм Арассыыйаҕа үрдүктүк сыаналанан турар – «Литературнай хаһыат» Дельвиг аатынан бириэмийэтин туттарбыттара. Хаһыат эрэдээктэрэ Юрий Поляков онно “Бу курдук кинигэлэр Арассыыйа норуоттарын түмэллэр, күүһүрдэллэр” диэн эппитэ. Ол кырдьык. “Духовные скрепы” диэн ити буоллаҕа буолуо. Поэзия ханна тиэрдибэтэҕэ баарай – Иосиф Бродскайы батыһаммын Венецияҕа тиийэ сылдьыбытым, ол туһунан ити кинигэбэр киирбитэ. Кини Саха сиригэр сылдьыбыт киһи, билиҥҥи Нерюнгри сиригэр, Уус Маайаҕа… Бэйиэт буолар санааны Дьокуускайга ылыммытым диэн суруйбута баар. Нобелевскай лауреат албан аатын сыдьаайа биһиги куораппытыгар түһэр ээ…
Бэйиэт айанньыт куттаах, оччоҕо эрэ хоһоон айыллар. Дойдугун, омуккун ол айаннарга өссө дириҥник өйдүүгүн. Аан дойду цивилизациятыгар норуотуҥ миэстэтин, суолтатын. Уопсайынан, мин санаабар, суруйааччы бэйэтин эрэ эйгэтигэр, омугар бүгэн хаалыа суохтаах. Ол омуккун ааттатаргар, аатырдаргар көмө буолар дии саныыбын.
— Махтал, Наталья Ивановна, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээниҥ иһин!
Сүрүн хаартыскаҕа: Москва. Кыһыл болуоссакка Арассыыйа норуоттарын поэзиятын антологиятын сүрэхтэниитигэр.
Татьяна МАРКОВА.